ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

аалык

аат тыл

Нууччалыы дышло (в собачьей упряжке); тяговый ремень через плечо, шлейка

I

1 аат тыл #

Табаны көлүйэргэ көлө санныгар, ыты көлүйэргэ моонньугар кэтэрдиллэр быа (төрүт өттө сүрүн быаҕа-буочахха холбонор)

Нууччалыы Дышло (в собачьей упряжке); тяговый ремень через плечо, шлейка (в оленьей упряжке)

  • Илиитэ бөҕүөрэн, бэрт эрэйинэн, иилсибит буочах быаны көннөрдө, аалыктарын хараҕата төлөрүйэн босхо барбыт ыттарын көлүйтэлээтэ.
    Болот Боотур
  • Биһиги үтүө көлөлөрбүт барахсаттар көччүйэ таарыйа быа аалык охсубут сирдэрин дьукку анньына, хаарга аалына сыттылар.
    Н. Заболоцкай
  • Кустук табалары, аалыктарыттан арааран, маамыктанан өртүү баайталаата уонна Ньуукаҥҥа көмөлөһөн барда.
    В. Протодьяконов
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. эвенк. алаг 'лямка оленьей упряжи'
II

2 #

аалык үҥкүү - улахан киэҥ түһүлгэлээх, элбэх киһилээх оһуокай үҥкүүтэ

Нууччалыы Танец осуохай с большим кругом участников

  • Аҕыс уон сиргэ Аалык үҥкүү буолла, Тоҕус уон сиргэ Дорҕоон олоҥхо буолла
    Д. Говоров

«А» буукуба