ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

уллук

аат тыл

Нууччалыы бедро, ляжка

1 аат тыл #

Киһи-сүөһү сототуттан үөһээ сүһүөҕэ (киһи тобугуттан иэччэҕэр диэритэ, буута, оттон сүөһү, кыыл сототун үөһээ баһыттан өттүгэр диэритэ)

Нууччалыы Бедро, ляжка

  • Кыра Хабырыыс уллугар дылы тардыммыт түнэ күрүмэ этэрбэһин үөһэ тардыалаата.
    Эрилик Эристиин
  • Миин оҥорорго түөс, ойоҕос, уллук этэ ордук үчүгэй. ДьК. Уһун былаачыйа уллугун ортотуттан байбаралыы салҕааһын киэргэллээх курдук көстөр эбит. “
    Кыым

2 этии #

Нууччалыы Бедренная кость

  • көр уллук уҥуоҕа. [Саллаат] Тостубут уллугун Дьулаан күүс ыарыыта, Сытыы быһах курдук, Чабырҕаччы кэйбитэ.
    Күннүк Уурастыырап
  • Кыһыл этэрээтин биир киһитэ уллугун тосту ыттарбыт.
    Н. Түгүнүүрэп
  • Кырдьаҕас ынаҕа бөлүүн хотоҥҥо туран уллугун тосту түһэн кэбиспитигэр эмээхсини ыҥыртарбыттар. “ХС”

Этиилэр

Уллук сутуруо көр сутуруо I

  • Силип барарга тэринэн түнэ этэрбэһигэр угунньа уктубута, уллук сутуруо кэппитэ, хабах таҥастаммыта.
    Күннүк Уурастыырап
  • Сыгынньах ойуун хаҥас атаҕын уллук сутуруотун устубут, онтон быһаҕын ылан, буутун төрдүнэн быстан барбыт.
    Н. Якутскай

Уллук уҥуоҕа

киһи-сүөһү буутун уҥуоҕа Байтаһын биэтин уллугун уҥуоҕун бүтүннүү буһаран маанылаабыт.

  • Гурьянов уллугун уҥуоҕун булгу көтүттэрбитигэр Чээрин ыксыыр. Т. Сметанин

«У» буукуба