ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

таһаа

аат тыл

Нууччалыы бедренная часть туловища, ляжка человека или задняя часть туловища, круп лощади и вид её сзади; нижняя бедренная часть одежды

1 аат тыл #

Киһи-сүөһү самыы өттө, самыы өттүн кэнниттэн көстүүтэ; таҥас самыы диэки өттө

Нууччалыы Бедренная часть туловища, ляжка человека или задняя часть туловища, круп лощади и вид её сзади; нижняя бедренная часть одежды

  • Аллаах ат барахсан Таскылдьыйар таһаатын талаһаланан Аҕыс хараҕалаах айан хаан суолун Атаххынан арыйан кэллиҥ.
    Саха фольк
  • Тоҕо Өрөгөйдөөх өрөгөр өттүкпэр Өрбөҕү ыйаатыгыт? Тоҕо Саргылаах самыым таһаатыгар Сарымтыбыт куулу баайдыгыт?
    С. Васильев
  • Бичиктээх таҥаһынан киэргэннилэр, Дьарҕаалаах таҥаһы таҥыннылар, Таһаалаах сону кэттилэр.
    С. Зверев
Өссө холобурдар (1)
  • [Сылгы] өттүгүн алын өттүнээҕи тас куҥун кэлин таһаата диэн этиллэр. Сылгыһыт с

2 аат тыл #

Киһи уҥуоҕун, этин-сиинин быһыыта, уопсай тас көстүүтэ

Нууччалыы Фигура, стан человека

  • Марина дьикти нарын баҕайытык уһун, кэдэгэрдиҥи көнө таһаатын намылдьытан эрэрдии чэпчэкитик, тыаһа суохтук үктэнэн хаамара.
    Э. Соколов
  • Тустууктар ньыгыл быччыҥнарын, кэрэ таһааларын аһаҕас триколара хаххалаабат. НЕ ТАО. Ол имигэс тупсаҕай таһаа, ол тырымнас уоттаах харах мин өйбөр иҥэн хаалбыта
    ХС

3 аат тыл #

Туох эмэ көстөр иэнэ, киэҥэ

Нууччалыы Видимая поверхность, пространство чего-л

  • Араас суол өҥнөөх Аракыата уоттара Халлаан үрдүк таһаатын Хайыта салаатылар.
    Күннүк Уурастыырап
  • Күдэпчимэ [сир аата] киэҥ таһаатыгар кэбиһиилээх оттор өрө чочоруһан тураллар.
    А. Фёдоров
  • Куорат кэрэ таһаата күлүмүрдүү, үлэ-тутуу дьулуурунан ньирилии-ньиргийэ турара.
    И. Бочкарёв
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. тат. таза ʻздоровыйʼ, уйг. таша ʻширокий, обширный, большойʼ, бур. таша ʻбедроʼ

«Т» буукуба