ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дьогдьой

туохтуур

Нууччалыы вздуваться, возвышаться, казаться выше, чем остальная часть предмета

1 туохтуур #

дьүһ. туохт. Үлүн, өрө томтойон көһүн (киһи-сүөһү о. д. а. арҕастарын туһунан)

Нууччалыы Вздуваться, возвышаться, казаться выше, чем остальная часть предмета (о хребте человека, о холке лощади и т. п.)

  • Аттар самыылара ласпайан, сааллара дьогдьойон хааман тамалдьыһаллар.
    М. Доҕордуурап
  • Үрэх уҥуор, талахтар быыстарыгар, уһун киппэ систээх атыыр таба илин өттө өрө дьогдьойон, сэбирдэхтэри турута тыытар.
    А. Федоров
  • Ыраахтан көрдөххө, харыйа тыа хайа арҕаһын курдук дьогдьойон көстөр
    А. Федоров

2 этии #

Нууччалыы Самый центр, сердцевина чего-л., возвышающаяся над всеми (обычно о возвышенном месте)

Этиилэр

Дьогдьойор саала

сир-дойду саамай киинэ, үрдүк, көстүүлээх, бастыҥ түөлбэтэ Соҕуруу дойдуттан сүүс ордугуна сүүрбэ судаарыскай суоруннара кэлэннэр дьоллоох Дьокуускай куорат дьогдьойор саалыгар тоҕуоруйбуттара үһү.

  • Модун мохсоҕол аал көтөн күүгүнэтэн кэлэн, Внуково аэропорт дьогдьойор саалыгар дугунна. С. Тарасов

«ДЬ» буукуба