Перевод с якутского
сутуруо
аат тыл
Нууччалыы предмет традиционной одежды северных народов из меха или замши, покрывающий ноги от бедра до ступни, привязываемый ремешками (сургунах) к натазникам (сыалдьа) или к ремню, наколенники. [Сорук боллур уол сүүрбүтүгэр] Этэрбэһэ туура ыстанна, Сутуруота борбуйугар Сулбу түһэн хаалла
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Өттүктэн бэрбээкэйгэ диэри тиийэр, үөһээ өттө тураҕас сыалдьаҕа эбэтэр курга быанан иҥиннэриллэр түүлээх эбэтэр сарыы таҥас
Нууччалыы Предмет традиционной одежды северных народов из меха или замши, покрывающий ноги от бедра до ступни, привязываемый ремешками (сургунах) к натазникам (сыалдьа) или к ремню, наколенники. [Сорук боллур уол сүүрбүтүгэр] Этэрбэһэ туура ыстанна, Сутуруота борбуйугар Сулбу түһэн хаалла
2 этии #
Нууччалыы Ненасытность, кровожадность. [Аттар] сутуруо быатын саҕа соллоҥноох Суор тойон оҕонньор Аҕатын уустарын Ааһа баттаатылар
Этиилэр
Сутуруо быатын саҕа соллоҥ
туохха да топпот иҥсэ, сиэмэх быһыы П.
Ойуунускай. Ама кинилэр [сибииккэҕэ сытааччылар], сутуруо быатын саҕа соллоҥнонон, этэрбэс быатын саҕа идэмэрдэммиттэрин иһин -- ханна бардахтарай, бааллар. Эрилик Эристиин
3 этии #
Нууччалыы Ремешки из ровдуги, при помощи которых наколенники (сутуруо) привязываются к натазникам (сыалдьа)
Этиилэр
Сутуруо быата
сутуруону ыстааҥҥа иҥиннэрэр сарыы быа Дьэ, нойоон -- Сутуруо быатын сулбурутарга Сууххай соҕус буолуоҥ дуо?!!
Этэрбэһин быата Иэнин таһыйбыт, Сутуруотун быата Борбуйун кыаһылаабыт -- Симэхсин эмээхсин диэн баара. Күннүк Уурастыырап
Уллук сутуруо
этэрбэстэн үөһэ, тобуктан өттүккэ диэри кэтиллэр кылгас сутуруо.
Короткие наколенники (сутуруо), покрывающие ноги от колен до бедра.
Силип барарга тэринэн, түнэ этэрбэһигэр угунньа уктубута, уллук сутуруо кэппитэ. Күннүк Уурастыырап Сыгынньах ойуун -- хаҥас атаҕын уллук сутуруотун устубут, онтон, быһаҕын ылан, буутун төрдүнэн быстан барбыт. Н. Якутскай
Өссө холобурдар (2)
[Ыт] булчут буолуо суох буоллаҕына, хата, өлөрөн, уллук сутуруо тиктэн кэтиллиэ. И. Федосеев Ср. эвенк. оторо, хоторо, русск. диал. сутыры ‘ноговицы’, якут. сото ‘голень’
4 #
сутуруо оһох эргэр. – кумах булкаастаах туойунан мас халыыпка симэн оҥоһуллар саха оһоҕо
Нууччалыы Якутская печь, сделанная путём заливки смеси глины и песка в деревянную форму
Быргый дьиэтин дуомун көҥүрүйэн түһэ турар титирик чарапчылаах сутуруо оһох уота сырдатан күлүмүрдэтэ турбута.
КүндэТитирик көҕүстээх сутуруо оһоҕу симэн баран, оҥо хаһан оттор сирдээбиттэрэ, көҥдөй маһынан сүрүннээн ураа турба симэн таһаарбыттара, буорунан халыҥнык сыбаан кэбиспиттэрэ. Д. Таас Саах балаҕан иһигэр сутуруо оһоххо саҥа куруҥ титирик маһа мастанан кэлэн умайан кэчигирии турара. Н. Түгүнүүрэп
Өссө холобурдар (1)
Сутуруо дьиэ түөлбэ. – буор сыбахтаах туруорбах балаҕан. Θ Изба из наклонно поставленных брёвен, обмазанная смесью глины и песка. Кыра сутуруо дьиэлээхтэр этэ