Перевод с якутского
ньамах
аат тыл
Нууччалыы тина, водоросли плавающие в стоячей или малопроточной воде
1 аат тыл #
бот. Сүүрүгэ суох биитэр биллэр-биллибэт сүүрүктээх ууга (үксүгэр күөлгэ, көлүччэҕэ эҥин) үөскүүр күөх салахай хойуу араҥата
Нууччалыы Тина, водоросли плавающие в стоячей или малопроточной воде (напр., в озерах, прудах и т. д.)
Иккиэн күөл ньамаҕа бөҕөнү бүрүнэн, суккуруур дууһалара эрэ пиэрмэҕэ тахсан быыһаналлар. И. Семёнов Саптыҥы күөх салахай спирогира - атын салахайдары кытта халыҥ гына үллүктэммит ньамаҕы үөскэтиһэр. КВА Б. Хлорелла диэн уу ньамаҕа оту анаан бүөбэйдээн үүннэрэн сүөһүгэ, көтөргө сиэтэллэрэ биллэр ПАЕ ЭАБ
2 аат тыл #
Бадараан, былыык уонна салахай булкуспута
Нууччалыы Болото, ил и водоросли, образующие в смеси вязкую массу
Бу ааһар былыт албына, күөх далай көлдьүнэ, сытыган ньамах үөнэ, бадараан баҕата, дьэбэрэ дьиикэйэ, сыллаһар киһиҥ мин дуо?
П. ОйуунускайМуҥха хаһан да ньамаҕы, дьэбэрэни эрэ уобан, кубус-кураанах тахсыбытын өйдөөбөттөр. И. Гоголев Хаастар муҥнаахтар аһыы-сии күөл ньамаҕар даадаҥнаһан киирдэхтэринэ, -- хоптолор сымыыттарын супту уулууллар. С. Тумат
Өссө холобурдар (1)
Ср. монг., бур. намаг ‘болото, топь’, монг. замаг ‘тина, водоросли’