ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

мииннэр

Нууччалыы нанести чем-л

Ис хоһооно · 5

1 #

миин I диэнтэн дьаһ. туһ. Уолу оҕуска мииннэр. Күтүөт кыыһы сиэтэн таһаарбыт, атыгар мииннэрбит, илдьэ барбыт. Саха фольк. Кыыстарын тыыннаах киһи курдук мииннэрэн, икки өттүттэн өйөөн, Арыылаах арҕаа тамаҕын үстэ эргиппиттэр. Күннүк Уурастыырап

2 #

Тугунан эмэ лаппа, сыыспат курдук, күүскэ сырбат, оҕус

Нууччалыы Нанести чем-л. сильный удар, ударить кого-л. чем-л., хлестнуть, огреть

  • Эмээхсинэ, таҥкычахтаан кэлэн, кыраабылын уунан Тэллээриһи сискэ мииннэрдэ.
    И. Гоголев
  • [Болот] кэлэн бабыгырыы түһээт, тайаҕынан, били сэрэйбит курдук, уолу төбөтүн сиигинэн мииннэрдэ.
    Н. Заболоцкай
  • Порни биллэрбэккэ үөмэн кэлэр. Сөрүөстэ түһэн баран Бэрэли кымньыытынан эмискэ мииннэрэр. Пьесалар. 1960. Тэҥн. кууһуннар

3 #

Улахан кыһалҕаҕа, ыар санааҕа ыллар

Нууччалыы Быть подавленным в чем-л. (горем, переживаниями)

  • Балыыр муҥар түбэспит сүрэхтэри өрүкүт, Баттыгаска мииннэрбит Үлэ дьонун өрө күүрт.
    Күннүк Уурастыырап
  • Кинилэр, оҕолорун сүтэрэн, төһөлөөх харах уутун тохтулар, санаа бөҕөҕө мииннэрдилэр.
    Н. Якутскай
  • Куралай Кустук -- төрөппүт оҕону көмпүт киһи курдук санааҕа умса мииннэрэн үлэтигэр сукуҥнаата
    Д. Апросимов

4 #

Туохха эмэ мэҥэһиннэрэн эбэн эт, оҥор

Нууччалыы Сказать, сделать в придачу к чему-л

  • Эһэ таҥараттан эрбэх көрдөөбүт. Итиэннэ мииннэрбитинэн ыт таҥараттан: "Миэхэ саата аҕал", - диэбит. Саха ост. I

5 этии #

Өттүккэр мииннэр - ньохчос гынан анныгар киирэн утарылаһааччыгын өттүккүнэн өрө көтөҕөн таһааран сууллар ПЭК ОНЛЯ III. Ньургун Боотур обургу -- өрө тыыллан чиччигинии түстэ, киһини эргилиннэри тардан ылла да тэлэкэчитэн аҕалан, өттүгэр мииннэрэр. Ньургун Боотур

Нууччалыы Бросить, кинуть противника через бедро (прием борьбы). [Кулун Куллустуур] -- абааһытын -- өттүгэр мииннэрэр да -- сэттэ саһаан сири сиҥнэри быраҕан түһэрэр

«М» буукуба