Перевод с якутского
хол
аат тыл
Нууччалыы рука человека, предплечье
English arm
Ис хоһооно · 5
1 аат тыл #
Киһи илиитэ эбэтэр тоҕоноҕуттан үөһээ өттө
Нууччалыы Рука человека, предплечье
Кеша дьарамай, сула эрээри, миэхэ күүһүмсүйэр, -- холун боллоруттаҕас быччыҥнарын көөчүктүүр. Н. Габышев Ходуһа отторун ходуйар, Холу, быччыҥы имитэр Хоодуот күннэр кэллилэр. Эллэй. Холо суохтар, буута суохтар Хобдох-көтөх көрүҥнээхтэр, Доҕолоҥнор, ыарыһахтар Доҕотторум – фронтовиктар. И. Эртюков Ийэм холбуттан сулбу тарта, мөҕөн барда ХС
2 аат тыл #
Кыыл, сүөһү илин атаҕа; идэһэ сүөһү эбэтэр булт кыылын илин атаҕа саннын хаптаҕайын кытта бииргэ эттэнэн ылыллыбыта
Нууччалыы Передняя нога животных; передняя нога с лопаткой (как часть туши). [Дайыыкка] өрө өндөйөн, ат арыый бытаарбытыгар, холуттан тирэннэ
Эһэ, кылгастык кыланан ылаат, тохтуу биэрэн уҥа холунун саланан ылла. Кэпсээннэр. Мииҥҥэ сүөһү холун, ойоҕоһун, түөһүн, амынньыарын туһаналлар. ТИИ ЭОСА. Үрэх баһын ат тиҥэһэлэрэ холлорунан ордуктар АНП СЭЭ
3 аат тыл #
Киһи кыаҕа (хол., эт-хаан эбэтэр үп-ас өттүнэн)
Нууччалыы Возможности человека (напр., физические или материальные)
Биһи эмиэ хаалсыбаппыт, Холбутунан оттуубут. Күннүк Уурастыырап Айарга-тутарга манна бэйэбитигэр даҕаны киһи мыыммат, биир уол оҕо холугар холоонноох үлэ баар. В. Васильев Үс лиитирэ үүт! Мин холбор ыар таһаҕас ХС
4 этии #
холун этэ хойдубут көр хойун. Ол сыллар холбут этин хойуннаран, Биһигини таһаарбыттара олох суолугар. С. Данилов. Быстар дьадаҥы ыал уоллара Бичик Сэмэн сүүрбэ сааһыгар тиийэн холун этэ хойдубута, буутун этэ муҥутаабыта, сиһин этэ сиппитэ. Н. Якутскай.
Нууччалыы соотв. по силам
Этиилэр
Киһи холун (хол) иһинэн
кыаллар, киһи кыайыан сөптөөх, наһаа ыарырҕаппакка эрэ оҥоһуллар Урут киэҥник, холкутук олорбуппут, холбут эрэ иһинэн үлэлээбиппит аны уурайыахтаах.
Биригэдьиир киниэхэ сөптөөх, холун иһинэн үлэни булан соруйара. И. Сосин
Бу сырыыга хол иһинэн үлэ
сиэрдийэ быһыыта.
"ХС".
Кугас ыт холун кыбынаайаҕын көр кыбын
Хайа, доҕор, кугас ыт холун кыбынаайаҕын (өс ном.) Холо аһылынна – хонноҕо аһылынна диэн курдук (көр хоннох). Үтүө сылгы барахсан кэнникинэн холо дьэ аһыллан, айана өссө уорааннаммыкка дылы буолла.
Н. ЛугиновХолум аһылла, тиритэ, Күннүктээн үлэлээтим. С. Спиридонова
Холо уһулунна (быһынна)
илиитэ быһынна диэн курдук (көр илии).
[Жирков] Тумултан спиннингнээн, уҥа холо быстан, кумах иттэннэри түһэн сытта. Н. Габышев Ньими сытан хаалбыт бурдугу өрө тарыйан косилка быһаҕар олордон биэрии манан аҕай үлэ буолбат этэ. Киһи холо уһуллар, илиитэ улук буолар үлэтэ этэ. ЭК
Холтон хоҥнуотун хоҥнорон ылбыт курдук
туох эрэ олус үчүгэйтэн маппыт курдук олус күүскэ, улаханнык (хомойдо).
Очень сильно, глубоко (разочароваться) (букв. подобно тому, как оторвать последнее ребро у стегна).
Холтон хоҥнуотун ылбыт курдук Хомойдохпун да. Д. Говоров Холун былдьаппыт кэпс. – туох эмэ үлэҕэ кыаҕын, күүһүн таһынан үлэлээн сылайбыт, эстибит. Надорвать силы, физически не осилить, не справиться с каким-л. делом, оказавшимся сверх возможностей. Кыайан, сатаан охсубат киһи холун былдьатар сирэ буолла. Үлэ үө.
Холун таһынан
ким эмэ кыаҕын таһынан.
Сверх чьих-л. возможностей.
Кини бүгүн оскуола сарайын хаарын аҥаар уһугуттан түһэрэн барар санаалааҕа. Соҕотох киһиэхэ холун таһынан буолсук. Н. Габышев
5 этии #
Нууччалыы Трёхглавая мышца
хол дойду көр дойду. Тэгил дойдуга тэҮҥнээҕин, хол дойдуга холооннооҕун булбатах (өс хоһ.). Хол дойдуттан Холооннооҕун булбатах Хоннохтоох отчут аатыран, Иннибин кимиэхэ да биэрбэккэ Икки атахтаахха сөхтөрүөм этэ. В. Гольдеров Иван Егорович инициативатынан ытык ымыыбыт [хомус] араас дойдуларга аймахтарын булла, хол дойдуларга холоонноохторун көрүстэ. К. Уткин
Этиилэр
Тулаайах хол көр тулаайах
Хол этэ
окумал кэлин быччыҥа Ат холун этэ дьиримнээн, тардыалаан ыла турарын оҕонньор одууласта.
Сааһырбыт сылгы холун этигэр силгэлэрэ уонна уҥуохтара чэпчииллэр. АНП СЭЭ. ДТС, тюрк. хол