ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дьахтар

аат тыл

Нууччалыы женщина.

English woman, female

1 аат тыл #

Оҕо төрөтөн, эмиийдээн ийэ буолар оҥоһуулаах сааһын сиппит киһи

Нууччалыы Женщина. Бу бухатыыр балта аҕыс былас суһуохтаах Айталы Куо диэн дьахтар төрүөн сытар. Саха фольк. Киһи аймахха дьахтар былыр-былыргыттан биис ууһа эстибэтин, өлбөккө-сүппэккэ сылдьарын бэлиэтэ. Софр. Данилов. Дьахтар эр киһи буолбатах, Сүрэҕэ чараас, уйаҕас. П. Тулааһынап

2 аат тыл #

Эр киһи кэргэнэ, ойоҕо, дьиэ хаһаайката

Нууччалыы Жена, супруга; домашняя хозяйка

  • "Дьахтарыҥ төрдүн билэҕин дуо?" – диэбит оҕонньор.
    Саха фольк
  • Маҥнайгы дьахтарбын ыларбар аан маҥнай кэппитим.
    Амма Аччыгыйа
  • [Остуорас Охоноос:] Дьахтаар, били икки мөһөөккүн аҕал эрэ!
    Күндэ

3 этии #

Нууччалыы Женский род, особи женского пола (в собир. значении)

Этиилэр

Дьахтар аймах

киһи аймах оҕо төрөтөр дьоҕурдаах аҥаара (кыргыттары, дьахталлары, эмээхситтэри барыларын холбуу этэргэ) Баайга-токко хара көлөһүнүн сиэппит үлэһит-хамначчыт норуот, батталга олорбут, атыыга сылдьыбыт дьахтар аймах тэҥ быраабы тутарга, көҥүл олоҕу оҥорорго холбоһуох тустаах.

  • Ааҕааччылар, ордук дьахтар аймах, быйыл сайын москвичтар хайдах таҥныахтарын туһунан билиэхтэрин бэркэ баҕараллар. "Кыым".

Дьахтар сайына

ыкса күһүн буолар ылааҥы, чуумпу күннэр.

Ясные теплые дни ранней осени, бабье лето.

  • "Дьахтар сайына" диэн ааттыыллар маннык чуумпу, ылааҥы күнү.
    Н. Босиков
  • Били дьахтар сайына диэн ааттанар сып-сылаас, сымнаҕас күһүҥҥү күннэргэ дьахтар аймах иһирдьэнэн-таһырдьанан сыбыытаан, күннээҕи түбүгэ элбиир.
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • Дьахтар талаҕа аат., бот. – намыһах сииктээх сиргэ үүнэр обургу кыһыл талах. Красный тальник, растущий на низком влажном месте; краснотал. Дьахтар талаҕа олус кэбирэх буолааччы.

Кыыс дьахтар көр кыыс

  • Ньургуһун -- бэйэтигэр сөп эттээх-сииннээх, синньигэс бииллээх, кэтит соҕус самыылаах, көнө уҥуохтах дьылыгырас кыыс дьахтар буола улааппыта. Дьүөгэ Ааныстыырап. Мэҥэ улууһуттан Доллу диэн нэһилиэктэн биир кыыс дьахтары ойох ылбыт. МНН.

Кэргэн дьахтар

ыалга дьиэ ис-тас үлэтин үлэлээн айахтанан бииргэ олорсор соҕотох дьахтар.

Работница, прислуга в доме, в семье, живущая вместе с хозяевами.

  • "Чэ, эн бүтэн-оһон тахса оҕус", – диэн баран Саарбалаахап кэргэн дьахтар диэки кытаанахтык көрдө.
    С. Никифоров
  • Кураанах бытыылкатын остуол анныгар үҥкүрүтэ аспытын кэргэн дьахтар ылан хаҥас диэки илдьэ барда. Ф. Захаров

«ДЬ» буукуба