Перевод с якутского
ыыр
аат тыл, туохтуур
Нууччалыы местообитание
English habitat
Ис хоһооно · 5
1 аат тыл #
Нууччалыы местообитание
English habitat (compare English stomping grounds)
ыырыттан ырааппыт он ушёл с привычных местhe wandered from his usual habitat
2 аат тыл #
Сүөһү, кыыл-сүөл элбэхтик сылдьар, кэлэр-барар суола, ороҕо
Нууччалыы Тропа, протоптанная скотом, животными
Ойуурбар өссө иһирдьэ киирэн, бөлүүн кэлбит суолбутунан ынах ыырын булан, төттөрү бардым.
КүндэУулаах Уйбаан ыллыга-аартыга бүөлэммит Дьаҕа Баһын ыырыттан айан суолугар киирэн кэллэ. Эрилик Эристиин Ыт хаар анныгар андаатар уйатын, аһыыр сирин, сылдьар ыырын сытынан булар уонна олору үрэр БББ
Өссө холобурдар (6)
Сүөһү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр сөбүлээн сылдьар, хорҕойор, тоҕуоруйар сирэ. Θ Место обитания, пристанище скота, животных, птиц, логовище зверей. Мойбор төрөөбүт ыырыттан тэйэн бырах барыан баҕарбатаҕа. И. Гоголев Эһэ сибилигин барбыт, бу дойду кини ыыра буоллаҕа. Далан Куба оҕолоро аһаабыт сирдэриттэн, олохсуйбут ыырдарыттан арахсыахтарын баҕарбат курдуктар И. Федосеев Булчут, балыксыт куруутун сылдьар, бултуур, балыктыыр сирэ. Θ Место постоянного пребывания, тропа охотника, рыболова. Онуоха-маныаха диэри суордар куттанан, кини бултуур ыырын ырааҕынан тумна көтөр буолбуттара. И. Федосеев Кыстык хаар ньимси түһэн, бултуур ыырым кыараҕастыйан, иллэҥ кэмим үксээтэ. Ф. Постников Сорох оройуоннарга төрүт олохтоохтор бултуур, балыктыыр ыырдарыттан үтүрүллэн эрэллэр Чолбон
3 аат тыл #
Киһи төрөөбүт-үөскээбит, олохсуйбут сирэ, дойдута
Нууччалыы Родные пенаты, родные места, родина
Бу кэмҥэ, үөскээбит ыырбыттан тэлэһийэ сылдьаммын, бөлүүн төрөөбүт алааспын түһээн көрдүм. Софр. Данилов. Ваня Николаев төрөөбүт ыырыттан харыс да халбарыйбатах оҕо этэ. И. Федосеев Сибэкки даҕаны киһини үөрдээри, киһиэхэ кэрэхсэтээри, ыал ыырыгар чугаһаан, ыга симсэн үүнэр Баал Хабырыыс Дьонтон саһа сылдьар ким эмэ (хол., бандьыыттар) орохтонор, хорҕойор бүччүм сирэ. Θ Укромное место, жильё, пристанище, логово (напр., преступников). Кириһээн бандьыыттар ыырдарыттан төһө кыалларынан тэйэн биэрэр санаалааҕа. Д. Таас
Өссө холобурдар (1)
Кинилэр ырааттылар, үрүҥнэр ыырдарыттан, арааһа, мүччү түстэхпит дии санаан, Уус иһигэр үөрдэ А. Сыромятникова
4 этии #
Нууччалыы Задерживаться, замедляться, тормозиться (о решении какого-л. дела)
Этиилэр
Ыыра кыараата көр кыараа
Сүллүкү сааһыран-санньыйан, улам ыыра кыараан, арбанара аҕыйаан, ахсыырга барбыта. Болот Боотур
Ыыра кэҥээтэ көр кэҥээ
Оо, киһи аймах, Эн ыырыҥ кэҥээбит, Сир-халлаан кистэлэҥин Илиигэр ылбыккын. М. Ефимов Кини ыыра кэҥиир, дьыаланы ситэрэ-хоторо диэн ааттаан, атын сирдэринэн тэлэһийэр. Огдо. Бэйи, тугу-тугу кэпсэтэллэр, бай, дьонум ыырдара кэҥээбит, үлэ-хамнас туһунан. "Кыым". Ыыра ыраатар кэпс. – уһуур-кэҥиир, өтөрүнэн кыаллыбыт буолар (ханнык эмэ дьыала быһаарылларын этэргэ) Атыылааччылар бэйэлэрин дьыалаларын ыыра ырааппытынан ааҕаллара даҕаны сөптөөх этэ. М. Попов
Өссө холобурдар (2)
"Тохтоо, уоскуй! Сыыстаххына ыырбыт ыраатар", – Чиэнэ аргыһын уоскуппута. ХС Сири кинилэр чааһынай бас билиилэригэр биэрдэххэ, ыыра ыраатыа. "Чолбон"
5 этии #
Нууччалыы Широкий круг общения, окружения у кого-л
Ыыра киэҥ (киэҥ ыырдаах) кэпс. – сылдьар эйгэтэ киэҥ, киэҥ эйгэлээх Хата, эн кэпсээ, киэҥ ыырдаах киһи. ТМН ЫМК. Хас биирдии көлүөнэ ураты өйдөөх-санаалаах, эргимтэлээх, сыаллаах-соруктаах, киэҥ ыырдаах буолар. АГ ҮБСМ. Кырачаан балтыларын саатар биир чаас көрсөн туһалаабат, ыырдара киэҥ сатаналар. ЛМ А. Ср др. -тюрк. чаҕыр, кирг. чыйыр ‘тропа’, бур. үүр ‘притон, пристанище’