Перевод с якутского
кэҥээ
туохтуур
Нууччалыы расслабляться; успокаиваться; свободно дышать
English to relax, to calm down, to breathe freely
Ис хоһооно · 5
1 туохтуур #
Нууччалыы расслабляться; успокаиваться; свободно дышать
English to relax, to calm down, to breathe freely
ыарыһах арыый кэҥээтэ больной немного успокоилсяthe patient calmed down a little
2 туохтуур #
Киэҥ буол, тэний (туох эмэ кээмэйин туһунан)
Нууччалыы Стать широким, расшириться
Дьэ, дьикти суол - кэҥээн, сыыйа тарпыт курдук буолан!
П. ОйуунускайКүнтэн күн ырбыы уута улам кэҥээн иһэр. Амма Аччыгыйа Таас хайаҕаһа улам кэҥээн барар Н. Якутскай
Өссө холобурдар (7)
Улаат, тэний (туох эмэ ис киэлитэ). Θ Стать просторным, вместительным. Ити курдук Микиитэлээх аҕалара баран хаалла, кыракый балаҕан соҕотохто кэҥии, курааныхсыйа түстэ. Амма Аччыгыйа Мунньах дьоно тарҕаһан, Сидоровтар дьиэлэрэ улаханнык кэҥээбит курдук буолла. М. Доҕордуурап Агония иккис биричиинэтинэн атын ыарыылартан соллурдаан көбөрө буолар. Холобур, сүөһү сөбүлүүр аһын наһаа сиэн ханна кэҥээтэҕинэ. Ыанньыксыт с Оруобуна сөп түбэспэт буол, улахан буол (хол., таҥас). Θ Стать просторным, широким, большим по размеру. Биллэ кэҥээбит хаар маҥан ис ырбаахытын сиэҕин ньыппарыммыт. Н. Габышев Арай туура эминньэҕин олбох хайаҕаһын укка оҥостубута кэлин элбэхтик туттууга кэҥиир кутталлаах ПАЕ ЭАБ Элбээ, улаат (ахсаан, сабардам өттүнэн). Θ Увеличиваться в числе, объеме, расширяться. Үгүс ыаллаах "Өлөҥнөөх" алааска Эмиэ тутуу кэҥээтэ, Эрбии ыллыы-туойа эйээрдэ. С. Васильев Дьиэ, уот киирэн киэркэйбит Дэриэбинэм кэҥээбит. Дьуон Дьаҥылы. Кэскил иһин тэриллибит Кэҥээн эрэр кэлэктииптээх, Үтүө олоҕу үөдүппүт Үүнэн иһэр артыаллаах С. Зверев
3 туохтуур #
Элбээ, хаҥаа, улаат, күүһүр
Нууччалыы Стать шире, усилиться, углубиться, расширяться (о знаниях, влиянии и т. д.)
"Ол киһи үүммүт" диэн буоллаҕына, ол киһи билиитэ, сайдыыта, өйө-санаата кэҥээн иһэрин ааттанар.
Суорун ОмоллоонБииктэр биэссэр сабыдыала -- кэҥээн истэ. Амма Аччыгыйа Уруккута буолбатах, кини былаана билигин кэҥээбитэ. Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (1)
Кэпсэтии улам-улам сайдан, кэҥээн истэ. А. Кривошапкин (тылб.)
4 туохтуур #
Холкутуй, уоскуй, чэпчээ (туохтан эмэ ыгылыйа-ыксыы, туохха эмэ ыктара сылдьан баран)
Нууччалыы Успокоиться, отойти, вздохнуть с облегчением, почувствовать облегчение
Василий Иванович Батараак отоһукка үс түүннээх күн эмтэтэн улаханнык кэҥээтэ. Болот Боотур Улам кэҥээтэхтэрин аайы, үөрбүт быһыылара сирэйдэригэр биллэн истэ. Эрилик Эристиин Даша эмиэ уоскуйан, кэҥээн барда. М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
Киэһэ Даниил Егорович кэҥээбит, үчүгэй буолуох курдук үһү диэн буолла Н. Босиков
5 этии #
Нууччалыы Человек с обширным кругозором, с широким интересом, любознательный
Этиилэр
Көхсө кэҥээтэ көр көҕүс II
Хараҕын уутун соттон, оту-маһы көрөн, санаата арыыйда дьэҥкэрдэ, көхсө арыыйда кэҥээтэ. П. Ойуунускай. Уолун минньигэс сытыттан туоххаһыйбыт ийэ, көхсө кэҥии, сүрэҕэ сымныы, сылаанньыйа түстэ. С. Никифоров. Уруккутун, оҕо сааһын санаан, көхсө балачча кэҥээтэ, уоскуйда. "ХС". Кулгааҕа-хараҕа кэҥээбит киһи - билэрэ-көрөрө элбээбит, интэриэһэ кэҥээбит киһи Аныгы киһи санаатын реактивнай да самолет астыннарара саарбах. Сырыы-айан, кулгаах-харах кэҥээбитэ оччо. Ф. Софронов. Муҥхатын хараҕа кэҥээбит киһи - оччолооҕу көрсүбүт, кыраҕа кыһаммат киһи.
Видавший виды, бывалый, не обращающий внимания на мелочи. Бу бурдук сытыйыытыгар ким да эппиэттээбэт.
Ыскылаат сэбиэдиссэйэ Крылов оччону көрөн баччаҕа кэлбит, муҥхатын хараҕа кэҥээбит киһи. В. Ойуурускай Кутуйах кыыл Күтэргэ тиийэн, Куолутунан, халыта түһэн, Муҥхатын хараҕа кэҥээбит быһыынан, Муннугар сыт аҕатан, кэпсии олордо. В. Чиряев
Өссө холобурдар (5)
Хардыыта кэҥээтэ - 1) тэтимэ түргэтээтэ, күүһүрдэ. Быстро набирать темп, скорость. [Ат] Харбаатаҕыҥ аайы Хардыыҥ кэҥээтин, Ууннаҕыҥ аайы Уһун чүөмчүлэн.
П. ОйуунускайКүн аайы, чаас аайы Күүстэрбит күүрдүлэр, Хаамыыбыт чиҥээтэ, Хардыыбыт кэҥээтэ. Күннүк Уурастыырап От үлэтигэр хоннох аһыллыбыта, хардыы кэҥээбитэ ыраатта. "Кыым"; 2) кэлэрэ-барара элбээтэ, сылдьар сырыыта кэҥээтэ. Стал много ездить, бывать в разных местах. Тойоммут хардыыта сыллата кэҥээтэ, Сырыыта-айана, билсиитэ-көрсүүтэ, Ситимэ-сибээһэ сир ахсын диэлийдэ. А. Бэрияк Ыыра кэҥээтэ - сылдьар, билэр-көрөр, өйүүр-толкуйдуур, үлэлиир-хамныыр эйгэтэ улаатта, кэҥээтэ. Поле его деятельности, действий расширилось. Төһө да мин түспэдийдэрбин, Төһө да ыырым кэҥээтэр, Билигин да мин итэҕэйэбин: Ыраах кытыастар дьиктилэр. Кинилэр миигин ыҥыраллар, Кырдьар диэни умуннараллар. С. Данилов Атыттар салайааччы аатын ылаат, санаалара улаатан, ыырдара кэҥээн, үлэ үрдүгүн-үптээҕин, миэстэ сымнаҕаһын-сылааһын эккирэтэллэр. ТМН ЫМК