ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тэний

туохтуур

Нууччалыы распределять

English to distribute

Ис хоһооно · 9

1 туохтуур #

Нууччалыы распределять

English to distribute

  • саха маастардарын оҥоһуктара киэҥник тэнийдилэр
    widely distributed products of Yakut/Yakut masters

2 туохтуур #

Уруккугунааҕар кэҥээн, кэтирээн, уунан биэр

Нууччалыы Становиться более широким, чем прежде, растягиваться, расширяться

  • Түүн тэнийэр, күнүс кумуллар баар үһү (тааб: быыс). Быстыахтааҕар эбии ууна-ууна тэнийэр, бөҕөргүүр холобурдаах быа буолла. Ньургун Боотур. Тэнийэн хаалбыт ботуруону кыаратар сэбим да суох
    Эрилик Эристиин

3 туохтуур #

Улаатан, кэҥээн, төһө эмэ сири ыл, киэҥ сиринэн тайаа

Нууччалыы Простираться, расширяться, занимая какое-л. пространство

  • Киэҥ хонуу арыылары, тумуллары аһары көтөн ырыых-ыраах тэнийэр.
    А. Софронов
  • Ардах астыбакка, былыта тэнийэн, эбии сытайбыта.
    Күннүк Уурастыырап
  • Элиэнэ уута үрдээтэр үрдээн, тэнийдэр тэнийэн мэндээрийэн истэ
    Н. Лугинов
Өссө холобурдар (3)
  • Сабардаа, бүрүүкээ, ыраахха дылы бар. Θ Наполнять собою, накрывать окружающее пространство, расползаться. Дьиэ таһыгар, дьиэ иһигэр Дьиппиэр им-дьим тэнийэр.
    Күннүк Уурастыырап
  • Уҥуор ойуур күлүгүрэн, Улам хараҥа тэнийдэ.
    М. Хара
  • Хамандыыр хатан куолаһа атаакалыыр байыастар үрдүлэринэн тэнийэр
    Т. Сметанин

4 туохтуур #

Киһиттэн киһиэхэ бэриллэн, киэҥник тарҕан

Нууччалыы Распространяться, охватывая широкий круг участников, становиться доступным, известным для многих

  • Улахан уол Гоша ол кэмҥэ ыччакка сүрдээҕин тэнийбит "истилээгэлэргэ" кыттыһан, айдаарсан турардаахпыт.
    Н. Лугинов
  • Былыр эр дьон дьахталлары, дьахталлар эр дьону хардарыта туойсуулара олус тэнийбит эбит. Эрчимэн. Ыалтан ыал аайы сурах улам ынырыктыйан тэнийэр
    И. Борисов

5 туохтуур #

Төрөөн-ууһаан, үөскээн, элбээ, кэҥээ

Нууччалыы Размножаться, давая потомство, плодиться

  • Эниэлэрдээх алааспар Ньэчимиэммит тэнийэн Тэтэрээхтии долгуйуо.
    С. Зверев
  • [Биһиги Урааҥхайдар] хайанан, тыанан, кэйээринэн тэнийдэхпит.
    Н. Лугинов
  • Туртас сыыйа хоту диэки тэнийэн иһэрэ бэлиэтэнэр.
    АЛА КК

6 туохтуур #

Уоскуйан, холкутуйан сиҥҥэр түс; эттиин-сиинниин сэргэхсий

Нууччалыы Становиться спокойным, успокаиваться; приходить в бодрое физ ическое состояние. [Мочоойоп] эрдэ туран, соруйан тэнийээри уонна бэҕэһээҥҥи аһааһын чаанын таһаараары, сатыы хааман, үлэлиир сиригэр -- кэлбитэ

  • Соноҕос хас да эргииргэ чугуҥнаан, бугуйталаан көрөн баран, кэнникинэн тэнийэн аттары улгумнук батыһан барда
    М. Доҕордуурап

7 туохтуур #

Олус элбэҕи кэпсэтэн, бииртэн биир тахсан, уһаа-кэҥээ

Нууччалыы Говорить о чём-л. очень долго, подробно, многословно, распространяться

  • Дьэ тэнийэн, дьон сэргэ олоҕун-дьаһаҕын бүтүннүү ырытан кэпсэтэн киирэн бараллар.
    Н. Якутскай
  • Дьүөгэтин кытта бэркэ тэнийэн ыаһахтаһа турар Октяны ытын өлөр саҥата соһутан тохтоппута.
    Далан
  • [Мөккүөр] улам кэҥээн, тэнийэн, ханнык эмэ биир түмүккэ кэлии улам уустугуран барбыта.
    В. Яковлев
Өссө холобурдар (1)
  • Тулааһынап, кырдьыга, өр тэнийэн кэпсэтиэн баҕарбатаҕа
    ХС

8 этии #

Нууччалыы Чувствовать лёгкость, приятную истому, бодрость в теле (напр., после физ ических нагрузок, бега)

Этиилэр

Тириитэ тэнийэр

1) этэ-сиинэ чэпчиир, эттиин-сиинниин сэргэхсийэр (хол., эрчиллэн, сүүрэн) Тириитэ тэнийиэр диэри, аҕылыы-аҕылыы төттөрү-таары сүүрэкэлээтэ. Сэмээр Баһылай. Сүүрэн кэллэхпинэ, тириим тэнийэр, чэпчиибин. А. Шапошникова; 2) туохха эмэ сөп буолар, баҕата ханар, туохтан эмэ олус астынар.

Чувствовать полное удовлетворение от чего-л.

  • Уоллаах аҕа бу киэһэ -- атах тэпсэн олорон, тириилэрэ тэнийиэр диэри сэһэргэстилэр.
    Болот Боотур
  • Пуд Ильич дьону кытта -- сэһэргэһэрин сөбүлүүр, онно кини үөрэр, -- тириитэ тэнийэр.
    Далан
Өссө холобурдар (1)
  • Сынньана-сынньана, тириитэ тэнийиэр диэри аһаата.
    Н. Павлов

Этэ-хаана тэнийэр

эт-хаан өттүнэн сайдар.

Развиваться физ ически.

  • Оҕо ытаатаҕына этэ-хаана тэнийэр (өс хоһ.). Эт-хаан тэнийэн, эр-биир дайбаан, Эрэттэр охсон истилэр, -- Күөх хотуурдар күлүмнэстилэр. Дьуон Дьаҥылы

9 этии #

Нууччалыы Распространённое предложение

  • Тэнийбит этии төхт. көрүҥ. – тутаах чилиэннэриттэн (туһаантан уонна кэпсиирэттэн) ураты биир эбэтэр хас да ойоҕос чилиэннээх этии Тэнийбит уонна тэнийбэтэх этии улахан быһаарыыга наадыйбат курдук. АНВ СТУ. Тэнийбэтэх этии төхт. көрүҥ. – ойоҕос чилиэнэ суох, тутаах эрэ чилиэннэрдээх этии. Θ Нераспространённое предложение. Уруокка оҕолор -- тэнийбэтэх этиилэри тэнитэллэр уонна тэнийбит этиилэри тэнийбэтэх оҥороллор. ПНЕ С
    Т. Ср
  • алт. тени ‘бродяжничать, скитаться’, п. -монг. тэний ‘растягиваться’

«Т» буукуба