Перевод с якутского
тарҕан
туохтуур
Нууччалыы распространять
English to spread
Ис хоһооно · 4
1 туохтуур #
Нууччалыы распространять
English to spread
оннук-маннык кэпсээн тарҕаммыт разошлись всякие слухиall sorts of rumors spread
2 туохтуур #
Кэҥээ, тэний; киэҥ сиринэн тайаа; ыраахха тиий
Нууччалыы Распространяться, разноситься, расползаться
Дьаҥ-дьаһах тарҕанаары гынна. Амма Аччыгыйа Охсуллубут күөх от сыта Ходуһаҕа тарҕанар. С. Данилов Кыракый бөһүөлэккэ туох эмэ соһумар сонун чаҕылҕан түргэнинэн тарҕанааччы. И. Федосеев
Өссө холобурдар (7)
Английскай тыл аан дойдуга киэҥник тарҕаммыт тыл. Н. Габышев Дьон үксэ тарҕаммыт уоту умуруора сырыттылар М. Доҕордуурап Тус-туспа бар, элбэх буола үллэһилин, түҥэтилин. Θ О многих: дробясь, делиться, распределяться; расходиться, рассыпаться в разные стороны. Оҕолоох куртуйахтар -- тыа быыһыгар тарҕанан түһэллэр. Амма Аччыгыйа Сиэйэлкэ, массыына, тыраахтар оройуон аайытын тарҕаныа. Күннүк Уурастыырап Баайдар -- нолуок, түһүү-тардыы сүөһү баһынан тарҕанарын сөбүлээбэтэхтэрэ. Эрилик Эристиин Сир баайа, син сир аһын курдук, тэҥҥэ тарҕана сыппат. И. Бочкарёв Кэмпэндээйи тууһа Саха сирин үгүс оройуоннарыгар тарҕанар И. Данилов
3 туохтуур #
Аҥыы-аҥыы үрэллэн ыһыллан, сүтэн-оһон хаал
Нууччалыы Рассеявшись, разойдясь, исчезнуть (напр., о кругах на воде), сгладиться (напр., о морщинах)
Оччоҕо биһигини хаайбыт хараҥа саас тухары тарҕаныа. А. Софронов Ат таһаарбыт долгуннарын иитэ тарҕанан көнүөр диэри Тороев турбахтаабыта. Л. Попов Сүүһүн түрдэһиннэрбитэ тарҕанан, сирэйэ сырдаан кэллэ. Д. Кустуров
Өссө холобурдар (1)
Биир сарсыарда туман саҥардыы тарҕанан эрдэҕинэ, Иван массыына мотуорун тыаһын истибитэ ССС
4 туохтуур #
Аралдьыһан атыҥҥа уларый, аас, ааһан хаал (хол., санаа)
Нууччалыы Пройти, проходить, развеяться (напр., о мыслях)
Тоҥмут киһи санаата ханна тарҕаныай, тоҥон, өлөн эрдэҕэ дии!
П. ОйуунускайКөтөх ынах буоланнар - Тараһа бөҕө быһынна, Көрү-нары тарданнар - Таҕыл бөҕө тарҕанна. Күннүк Уурастыырап Былыт ааһан күн тыган Күлүмнүүрэ сылааһын, Быстах санаа тарҕанан, Күлэр-оонньуур алыһын. А. Абаҕыыныскай
Өссө холобурдар (1)
Ср. др. -тюрк. тархан ʻрассеиваться, разбредатьсяʼ