ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

киистэлэн

туохтуур

Нууччалыы колоситься

1 туохтуур #

Кыл курдук уһун синньигэс утахтан (от, бурдук туһунан этэргэ)

Нууччалыы Колоситься (о травах, зерновых)

  • Төһөлөөх элбэх сири тиэрэн, тараан, көмүс киистэлэнэн куолас куппут сонуоктартан өлгөм үүнүүнү ылбыккытын ааҕан да сиппэт буоллугут ини.
    М. Доҕордуурап
  • Киистэлэнэн туораахтаныар диэри сиилэстэммит сытыган эрбэһин -- подсолнечниктааҕар ордук наадалаах аһылык буолар. ПВА ССССБ. Сэлиэһинэй бурдуктара -- Сиэр убаһа сиэлин саҕа Киистэлэнэн килбэйдэ. Саха нар. ыр. III

2 туохтуур #

поэт. Тылын, көҕөр, чэлгий

Нууччалыы Распуститься, зеленеть, расцвести

3 туохтуур #

Элбэх утахтан, сарбынньахтан

Нууччалыы Распускаться, расстилаться зубчатым, резным узором

  • Киэһээҥҥи сарыал Кэрэ ытарҕа илбиргэһинии Киистэлэнэн киириитэ.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Кирбии тумул кытыыта Киис тиҥилэҕинэн киистэлэннэ.
    С. Васильев
  • [Бэргэһэ] Кыраай омук оҥорбут Кыһыл сукуна киистэлэммит. Саха нар. ыр. II

«К» буукуба