Перевод с якутского
көҕөр
туохтуур
Нууччалыы зеленеть
English to turn green
Ис хоһооно · 6
1 туохтуур #
Нууччалыы зеленеть
English to turn green
ходуһалар көҕөрөллөр луга зазеленелиthe meadows have turned green
2 туохтуур #
Нууччалыы синеть
English tu turn blue; become blue
илиибин өлөрбүтүм көҕөрбүт я ушиб руку, и она посинелаI bruised my arm and it turned blue
3 туохтуур #
Күөх (от күөҕэ эбэтэр халлаан күөҕэ) дьүһүннэнэн көһүн, күөх дьүһүннээх буол
Нууччалыы Зеленеть; окраситься в синий цвет, синеть, голубеть
Күөл мууһа күөх халлаан курдук көҕөрөн тунааран көстөр эбит.
П. ОйуунускайНалыы саҕатыгар тимир курууската көҕөрөн сытарын сулбу тардан ылла. Амма Аччыгыйа Дьэ онтон хонуу барыта көҕөрөр гына солко, хампа бөҕөнөн таҥныбыт дьон, дьиэ иһиттэн тоҕо анньан тахсаннар, аттарын миинитэлээбитинэн бардылар. Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (1)
Кинилэр иннилэригэр Өлүөнэ өрүс барахсан киэҥ нэлэмэн хочото көҕөрөн көстөр Н. Якутскай
4 туохтуур #
Тыллан күөх сэбирдэхтэн, мутукчалан; күөх үүнээйилэн
Нууччалыы Покрываться молодой зеленью, распускаться (о листьях)
Хонуу көҕөрбүт. От-мас саҥардыы көҕөрөн эрэр чаҕылхай күнэ этэ. Софр. Данилов. Мутукча көҕөрөн эрэр П. Егоров
5 туохтуур #
Сайдан, тупсан, чэлгийэн кэл
Нууччалыы Развиваться, цвести, улучшаться, хорошеть
Арай кини эрэ [баттал] эһиннэҕинэ, хагдарыйбыт көҕөрүө, ааспыт тотуо, муҥ-сор уурайыа.
Суорун ОмоллоонСаха эттэ: "Аал-дууптуу көҕөрүө Нуучча, саха дойдута". Ааспыты аһатыа, араҥы күүһүө Бу сир уолбат уйгута. Эллэй. Көрүллүө төһө көҕөрөн тахсаргын-тупсаргын Болот Боотур
6 этии #
Нууччалыы Посинеть, позеленеть (от болезни, страха, холода и т. п.)
Көҕөрө (көҕөрчү) өл - улаханнык ыалдьан, куттанан, соһуйан, тоҥон көҕөрөн хаал Чыычаах [оҕо аата] иһин түгэҕин харбанан, -- ньукуччу туттан, сирэйэ көҕөрө өлөн, бабыгырыы-бабыгырыы олорбохтоото. И. Гоголев Сирэйэ-хараҕа күөх даба таҥас өҥүн курдук көҕөрө өлөн хаалбыта. Д. Таас Куриль уоска оҕустарбыттыы сымыһаҕын быһа ытырбытыгар уостара көҕөрө өлөн таҕыстылар. С. Курилов
Өссө холобурдар (2)
Көҕөрө сытыйбыт үөхс. - куһаҕан дьүһүннээх-бодолоох, таҥастаах-саптаах киһини сэнээн этии. Θ соотв. Чучело гороховое, мокрая курица. - Бу тугуой? - Арыы... - Мара таҥастаах аҕам дьахтар аан диэки чугуруҥнаата. - Көҕөрө сытыйбыт, сирэйиҥ сааппат дуо! Киэр гын! Күрдьүгүҥ бөҕүгэр үҥкүрүтэн аҕалбыккын буолбат дуо? Амма Аччыгыйа Оо дьэ, өһөлдьүйэ сытыйан, киси да бөҕө! Үөрэнэ кэлэр ээ, көҕөрө сытыйбыт! Эн да үөрэхтэммитиҥ диэн, тьфу! Амма Аччыгыйа