Перевод с якутского
хайыс
туохтуур, аат тыл
Нууччалыы поворачивать
English to turn
1 #
хай I диэнтэн холб. туһ. Эдьиийбин кытта дьиэ хайыстым
2 туохтуур #
Кими, тугу эмэ көрөөрү төбөҕүн кэнниҥ эбэтэр ойоҕоһуҥ диэки хамсат
Нууччалыы Поворачивать голову, оборачиваться (лицом), оглядываться
Туруупкатын ууран баран, миэхэ хайыста. Софр. Данилов. Петя тыаҕа киирэн иһэн дьэ кэннин хайыһан көрдө. М. Доҕордуурап Кеша мин диэки хайыста, тохтообото Н. Габышев
3 этии #
Этиилэр
Антах хайыс көр антах
Антах хайыстын, Алгыһыттан матардын! А. Софронов Сүҥкэн далайым, Сүдү байҕалым, Антах хайыһыма миигиттэн, Ааттаһар аһаах киһиттэн. Күннүк Уурастыырап
Киэр хайыс көр киэр
Аҕалаах ийэтэ атаах, сүрэҕэ суох уолларыттан кэлэйэннэр киэр хайыспыттар. Н. Якутскай Эйигин ыраас дууһаланнын, дьон киэр хайыспат киһитэ буоллун диэн этэбин. А. Фёдоров
Хайыстаххына
хаалдьыгыҥ хайыннын, эргийдэххинэ – иэччэҕиҥ эчэйдин көр эргий.
[Маайа] "быраһаай" диэбитин тутуспута. "Хайыстахпына – хаалдьыгым уҥуоҕа хайыннын, эргийдэхпинэ – иэччэҕим уҥуоҕа эчэйдин", – диэн аны бу дьон туһунан букатын санаабат буолбута. П. Аввакумов Ср. ДТС хай ‘поворачиваться, оборачиваться’