Перевод с якутского
эргий
туохтуур
Нууччалыы находиться в состоянии кругового движения, делать вращательные движения, вертеться
English to turn, to revolve, to spin, to whirl
Ис хоһооно · 21
1 туохтуур #
Биир кэм эргичийэ, төгүрүйэ хамсаа
Нууччалыы Находиться в состоянии кругового движения, делать вращательные движения, вертеться
Электро-уоту үөскэтэ Эрчим мотуор эргийдэ. Эллэй. Көлөһө тимир эргийэн, Күөрчэх курдук дьэргэйэн, Ситим быаны субуйбут, Сирдир-сирдир охсубут С. Васильев
2 туохтуур #
Тула кулахачый, тула холоруктаа
Нууччалыы Вертеться, вращаться, кружиться
Иирэр эмэгэт, Иттэнэ сытан эрэ, Күөрчэх курдук ытыллан, Күлүгүрүү эргийдэ.
П. ОйуунускайКөмүс манньыат эргийэн дьэргэйэрэ, күн уотугар оонньуура, ама, ким хараҕар куһаҕаннык көстүөй?! Т. Сметанин Сымыыт бастаан хамсаабакка сытта, онтон сыыйа ытык курдук ытылла эргийдэ Куорсуннаах
3 туохтуур #
Түгэҕиҥ үөһэ буолар гына кулахачый (хол., тыыны этэргэ)
Нууччалыы Перевернуться вверх дном, опрокинуться (напр., о лодке)
Тыыта илими бүрүммүтүнэн түөрэ эргийбитэ И. Федосеев
4 туохтуур #
Сытар балаһыанньаҕын уларытан, ойоҕоскунан, тиэрэ сыт
Нууччалыы Вращательным движением или ворочаясь, изменить положение, повернуться, повалиться на бок, спину
Түллэх гынан ойоҕоһугар эргийдэ.
Суорун ОмоллоонСөтөллүбүтэ буолаат, истиэнэ диэки түҥнэри эргийэн кэбистэ. Амма Аччыгыйа Сытан баран уот диэки эргийбитэ, кыыһа куолутунан турар эбит Н. Заболоцкай
5 туохтуур #
Эргиирдэ оҥор (үҥкүүгэ)
Нууччалыы Совершать круговые движения, кружиться (в танце)
Арай кылаас иһигэр кыргыттар үҥкүүлээн эргийэ сылдьаллара.
Суорун ОмоллоонВальс тыаһа эҥээрийэр, паара бөҕө эргийэр. П. Тобуруокап Хайаларыттан да ордук Биэрэлээх Улуута имигэстик эргийэллэр Куорсуннаах
6 туохтуур #
Ким, туох эмэ тула, төгүрүччү хаамп, сырыт, көт
Нууччалыы Двигаться, ходить вокруг кого-чего-л., кружить. [Тогойкин] бүдүрүйтэлээн ыла-ыла, тоҕо эрэ сөмөлүөтүн эргийэ хааман истэ
Дьыбар киэһэ Халлаан хара суора Киһини эргийэ сылдьыбыта. Күннүк Уурастыырап Гаврил оҕонньор дулҕаны тула эмиэ эргийэр, чэччилиир М. Доҕордуурап
7 туохтуур #
Быһалыы буолбакка, ырааҕынан төгүрүйэн бар
Нууччалыы Обходить, объехать что-л. кругом, делать крюк
Серёжа сааланы кытыытынан эргийэн, кыыс аттыгар тиийдэ
Н. Лугинов
8 туохтуур #
Араас сирдэринэн сылдьан, уһуннук айаннаа
Нууччалыы Ехать долго, с заездом куда-л
Куорат суола тугун билэн, Куйаастан, быылтан иэдэйэн, Байкаалабынан эргийэн, Байбал булбута Бэстээҕин. Күннүк Уурастыырап Этэрээт Мэҥэнэн эргийэн, Тиэхээнниин Майаҕа тиийбиттэр. Эрилик Эристиин Дьаныардаахтык айанныыра – Киэҥ сирдэри кэрийэрэ: Тандалыыра, Таатталыыра, Кэбээйинэн эргийэрэ. “ ХС
9 туохтуур #
Ханна эмэ ыраах баран баран, төннөн кэл, төнүн
Нууччалыы Прийти назад, обратно, вернуться откуда-л
Ол курдук ойуурга саас буолан, Ыраахтан эргийбит ымыылар, Түмсэннэр, дьүөрэлии ыллыыллар. Эллэй. Ыллаа, сэрии хонуутуттан Эргийэн уолбут кээлтин. С. Данилов Бырастыы, Өлүөнэм, мин, баҕар, Эргийиэм суоҕа эйиэхэ Дьуон Дьаҥылы
10 туохтуур #
Иккистээн эргилин, баар буол, төнүн
Нууччалыы Появляться вновь, наступать (чувство, состояние)
Кырдьыы аас хаһыҥын кэнниттэн Эдэрбит иккиһин эргийбэт. С. Данилов [Эҕэрдэлиибин эйигин] Хаһан да аны эргийбэт Оҕо саас умнуллубат сылларынан. П. Тобуруокап Киһи соһумар тапталтан Эдэр сааһа эргийэр Баал Хабырыыс
11 туохтуур #
Уруккугар төнүн, чөлгөр түс
Нууччалыы Приходить в прежнее состояние, восстанавливаться
Сэрии бүттэ. Тиһэх тэргэн ньим барда. Сир үрдүгэр Эйэ кэмэ эргийдэ. Күннүк Уурастыырап Бүлүү балым баайа бэйэтин эйэлээх оҕолорун дэлэйдик иитэр күнэ эргийиэ П. Филиппов
12 туохтуур #
Буол, кэл, саҕалан (хол., дьыл, суукка кэмин этэргэ)
Нууччалыы Настать, начаться, наступать (напр., о времени года, суток)
Сүөгэй астыы дьэгдьитэр Сөрүүн киэһэ эргийдэ. Күн Дьирибинэ. Үрүҥ көмүс күннэрдээх Үтүө сайын эргийдэ. И. Эртюков Сандал саас эргийдэҕинэ, халыҥ кэлгиэтин хайыта тыыллан, көҥүл көрүлүү устара буолуо П. Филиппов
13 туохтуур #
Тымырынан сүүрүгүр (хаан эргиирин туһунан)
Нууччалыы Циркулировать в сосудах (о кровообращении)
Сэмэн хаана тымырынан аанньа эргийбэтиттэн, бааһа түргэнник оһон биэрбэтэҕэ Н. Якутскай
14 туохтуур #
Кимиэхэ, туохха эмэ хайа эмэ өттүгүнэн буол, хайыс
Нууччалыы Поворачиваться, оборачиваться какой-л. стороной к кому-чему-л
Күөл диэки эргийэн көрбүтүм: били оҕонньорум тыыннааҕар миинэр тыытын түгэҕэ эрэ маҥхайан сытар. Н. Неустроев [Ананий] туох тыаһай дии санаан, оҕуһун диэки эргийэн көрдө. М. Доҕордуурап [Таня] түргэнник көхсүнэн эргийэ охсубута
Н. Лугинов
15 туохтуур #
Атын хайысханы ыл, уларый (дьыала, түгэн туһунан)
Нууччалыы Принимать иное направление, превратиться во что-л., обернуться (о делах, событиях)
Власий Порфирьевич мааҕын мунньахха кэлэригэр дьыала маннык эргийэн тахсыа диэн өйүгэр да оҕустарбатаҕа.
Н. ЛугиновДьыаланы кини итинник эрэ эргийиэ дии санаабатаҕа. Н. Заболоцкай Дьыала итинник эргийэн тахсыа диэн ким толкуйдаабыта баарай Г. Нельбисова
Өссө холобурдар (1)
Билиҥҥи туруккуттан атыҥҥа уларый. Θ Превращаться во что-л. иное, переходить в другое состояние. Биир сарсыарда халлаан сырдаабата, хараҥанан эргийдэ. ПЭК СЯЯ. Тымныытынан, тыалынан эргийбит сир ПЭК СЯЯ
16 туохтуур #
Тугу эмэ нөҥүөлээн уларыйан киир, баар буол (тылы этэргэ)
Нууччалыы Быть усвоенным, перенятым, заимствованным из какого-л. языка через другой язык (о слове)
Хоту сир төрүт олохтоохторуттан ханан эрэ эргийэн кэлбит тыл үһү. Н. Заболоцкай Сахалыы варваризмнар, сүнньүнэн, нууччалыыттан уонна нуучча тылынан эргийэн киирэллэр. ВГМ ПТ
17 туохтуур #
Тугу эмэ бүтэйдээ, күрүөлээ
Нууччалыы Обносить что-л. изгородью, забором
Кэбиһиилээх оту тоһоҕо эбэтэр сигэ күрүөнэн эргийэллэр. АЭ ӨӨКХ
18 туохтуур #
Өлбүт киһи уҥуоҕун тут, күрүөлээ
Нууччалыы Устанавливать надгробие, памятник к могиле, обносить ее оградой
Сэмэнчик аҕатынаан Маачаҕа тиийэн ийэтин уҥуоҕун маһынан эргийбиттэрэ, остоолбо туруорбуттара, ылтаһынтан сулус быһан саайбыттара. Н. Якутскай Саһааннаах [киһи аата] лөчүөк уҥуоҕун эргийэргэ алта уон сүүһү ылбыт сурахтааҕа. Эрилик Эристиин Мин аҕам уҥуоҕун тимиринэн үчүгэй гына эргийэр санаалаах этим. Далан
Өссө холобурдар (1)
Эбээ, уҥуоххун булбатым – Эргийбэтэх эбиттэр Н. Дьяконов
19 туохтуур #
Биир туох эмэ туһунан өрүү санаа, ол туһунан кэпсэт, санаа аалыыта оҥоһун
Нууччалыы Вести разговор на какую-л. одну (главную) тему, постоянно находиться мыслями где-л., вращаться вокруг чего-л. (о разговоре)
Лариса Александровна санаата сарсын Өлөксөөс мантан барарын тула эргийэрэ. Н. Якутскай Кинилэр кэпсэтэр кэпсэтиилэрэ кыһыны хайдах кыстыах муҥнарын тула эргийэр. “ ХС
20 этии #
Нууччалыы Уходи безвозвратно, покинь навсегда (букв. [если] повернёшься – пусть вертлюг твой ломается, [если] оглянешься – пусть шейный позвонок твой раскалывается)
Этиилэр
Мэйиитэ эргийэр (иирэр) көр мэйии
[Нүһэр Дархан:] Дархамсыйар илин эҥээрдэр Мин хатан кымыспыттан мэйиилэрэ эргийэн Кытаанахтык утуйуохтара… Дьэ, оччоҕо… И. Гоголев Мэйиитэ эргийэн дөйүөрэ сыһа-сыһа күөх окко олорбута. Дьүөгэ Ааныстыырап.
Тиэрэ эргий көр тиэрэ
Кыыс Хотуну аны киниттэн кистиир буолбуттар, бары барыта тиэрэ эргийдэ. А. Сыромятникова Аҕа табаарыһым туһунан олус билэбин дэнэр курдугум да, онтум тиэрэ эргийэн таҕыста. “Кыым”.
Төбөтө эргийэр көр төбө
Киһи төбөтө Эргийиэ суохтаах Кыайан өрөгөйдүүр да күҥҥэ. Софр. Данилов. Таба итинтэн төбөтө эргийбитэ, киэбиримтэҕэй буолбута. Эвен фольк. Тураах хайҕанан, төбөтө эргийдэ, Тыына хаайтарда, дэлби үөрдэ. И. Крылов
Эргийдэххинэ
иэччэҕиҥ эчэйдин (эмтэрийдин), хайыстаххына – хаалдьыгыҥ хайыннын – букатын бар, аны хаһан да төннүмэ “Эргийдэрбин – Иэччэҕим эмтэрийдин, Хайыстарбын – Хаалдьыгым хайыннын!
Улуу дьон, туһунан сылдьыҥ! Куттанным-хорҕоотум!”
диэн баран, соҕотохто күлүпүс гынан хаалла.
Ньургун Боотур.
Эргийэн көрдөрбүн
Иэччэҕим эмтэрийдин, Хайыһан көрдөрбүн – Хаалдьыгым хайыннын!!!
Эрбэх үрдүгэр сэттэтэ (сөмүйэ үрдүгэр үстэ) эргийбит (киһи) көр сэттэ. Тойон киириилээх-тахсыылаах, эрбэх үрдүгэр сэттэтэ эргийэр уол оҕо бэрийэр бэрдэ – үлэһиттэригэр сыһыана үчүгэйэ. Күрүлгэн.
Эргийэр киинэ көр киин II
Кэллэҕим бу аата, дьэ кэрэ Ийэ сир эргийэр киинигэр. Күннүк Уурастыырап Сир ийэ эргийэр киинэ, Аан дойду туллубат тутааҕа – Аҕыс сүүс сылга Аарыгыран сайдыбыт Улуу Москва Уһун үйэлэргэ Уруй-айхал буоллун!!! С. Зверев
Эргийэн кэбис
тугу эмэ оҥоруох буолан эрэннэрэн баран толорума, аккаастан.
Обещав сделать что-л., не выполнить, отказаться от обещания.
Онон мин Күндэлэйдиин сырса оонньуу сылдьан чаһыбын сүтэрбитим, уон солкуобай сүүйүүбүн эмиэ эргийэн кэбиспитэ. Н. Габышев Бу дьоннор туһаныытын туһанан бараннар, эргийэн кэбиһиэхтэрин эмиэ сөп. М. Попов
Өссө холобурдар (1)
Кинигэ уларсыах буолан баран, эргийэн кэбистэ. НАГ ЯРФС II.
Эргийэр (эргичийэр) иэччэҕэ көр иэччэх
Ону баара Хор бу
Иннинэн сирэйдээх, Эргийэр иэччэхтээх, икки атахтаах -- Сидьиҥ өлүү курдук Ситэн туран сиэтэ.
Өксөкүлээх Өлөксөй
21 этии #
Этиилэр
Төбөтө эргийэр көр төбө
Утуйаан [киһи аата] үөрбүччэ Төбөтө эргийдэ. С. Данилов Сиэллээхэп төбөтө эргийдэ, Иэдэһэ, кулгааҕа итийдэ. С. Васильев
Өссө холобурдар (1)
Ср. ДТС егир ʽокружать, обходить; вращать, кружить’, уйг. эргимэк ʽследовать, кружить, парить, монг. эргэх ʽкружиться, вертеться’