Перевод с якутского
тиэрэ
сыһыат, даҕааһын, аат тыл
Нууччалыы нижней стороной вверх
English wrong
Ис хоһооно · 10
1 сыһыат #
Алын өттүн үөһэ эргитэн
Нууччалыы Нижней стороной вверх
Саша инчэҕэй кырсы тиэрэ уурталыыр Н. Заболоцкай Муҥ саатар, айан суолуттан эмиэ тиэрэ сир С. Федотов
2 сыһыат #
Ис өттүн тас гына
Нууччалыы Навыворот, наизнанку, перевёрнув внутренней стороной наружу. [Учуутал] суорҕанын тиэрэ быраҕа, түҥ-таҥ таҥнан булумахтана олордо
Түүлээх майах тэллэҕи Тиэрэ ууран кэбиспиттэр С. Зверев Тиэрэ сигилилээх Түөкүн бииһин сэриитэ Түөкүннүү түрбүөтээн түспүтэ. Саха фольк [Маратик] тиэрэ да сигилилээх буоллаҕа. А. Сыромятникова
Өссө холобурдар (1)
Хайа акаары эрдэҕэс куртуйаҕы ытар үһүнүй, эмиэ дьэ булчут дуома, тиэрэ киһи эбиккин! ХС
3 сыһыат #
Көхсүгүнэн иттэнэ (сыт, оҕут)
Нууччалыы На спину, навзничь
Байбал кыыһыран чэйин испэккэ, баран оронугар тиэрэ сытынан кэбистэ.
КүндэТаня ороҥҥо тиэрэ түһэн кинигэ ааҕа сытар Н. Габышев Тиэрэ халлаан дьиэлээх баар үһү (тааб.: килэйээҥки). Бу дойду дьэбиннээх, тиэрэ кэлтэгэй ыйа-күнэ барыта түҥнэри тартылар. Ньургун Боотур. Эмээхсин тиэрэ дэпсэни тэлгээн баран, оҕонньору онно олордор Саха фольк
Өссө холобурдар (2)
Сүгүн буол, туой тиэрэни баран. Амма Аччыгыйа [Баһылай] отой да тиэрэни саҥарбыта С. Маисов
4 даҕааһын #
Олох атыннык, күүтүллүбэтэх өттүттэн, сыыһа
Нууччалыы Неправильно, наоборот, иначе, не так
Тиэрэ оҥор. Мунан тиэрэ баран хаалыахтара суоҕа дуо?
Күндэ
5 даҕааһын #
Ыраах сытар, олох чиэски (хол., сир)
Нууччалыы Очень далёкий, отдалённый от чего-л
6 даҕааһын #
Төттөрү өттүнэн өйдүүр, толоос, сүөргү
Нууччалыы Противный, отвратительный (напр., характер)
7 даҕааһын #
нор. ай. Аллараа өттө үөһэ эргитиллибит
Нууччалыы Перевёрнутый снизу вверх
8 аат тыл #
суолт. Ханнык эмэ түгэҥҥэ сыһыана, тоҕооһо суох туох эмэ атын, туспа
Нууччалыы То, что не имеет отношения к данному случаю, событию
9 этии #
Нууччалыы Забивать скот (букв. опрокинуть)
Этиилэр
Тиэрэ бай
сыта бай диэн курдук (көр бай I).
Сорох кээмэйэ суох тиэрэ байбыт.
Н. ЛугиновКөр эрэ, түөрт хостоох дьиэни атыыласпыттар дии кинилэр, тиэрэ байаннар. И. Попова
Өссө холобурдар (4)
Додор кулуба оҕустуу айаатаан, сылгылыы кистээн тиэрэ байбыта биллэр. ХС Тиэрэ биэр (көт) кэпс. – сүөһүнү идэһэ оҥостон, сиэри өлөр Биир эриэн оҕуһу тиэрэ биэрбиттэрэ тэлгэһэҕэ кытара сытар. И. Никифоров Кулуба хас да сыл курулаппыт оҕуһун, үс сылгыны тиэрэ көттүлэр. ХС Быһый Чооруос ол киэһэ борооскутун ылан тиэрэ көтөр. ХС
Тиэрэ көт көр көт I
[Барахсаанап:] Бэйи, дэлбэрийэн эриҥ, эһигини баҕас тиэрэ көтөрүм буолуо! Н. Неустроев
Тиэрэ түс
олох сөбүлэһимэ, буолунума, кыккыраччы аккаастан, ылыныма.
Решительно отказываться от чего-л., совершенно не соглашаться с чем-л. (букв. падать навзничь).
Сарсыарда туран Дарыбыан кулуба булгуччу аккаастаан, тиэрэ түһэн кэбиспит. Амма Аччыгыйа [Үлэттэн күрүүргэ] сорох устудьуоннар куттанан тиэрэ түстүлэр. Болот Боотур
Өссө холобурдар (2)
Киҥэ-наара холлубут Сүөдэр Сүөдэрэп биригэдьиириттэн аккаастанан тиэрэ түстэ. Н. Босиков Тиэрэ ууран биэр кэпс. – барытын аһаҕастык, кырдьыгынан кэпсээ. Рассказать всё начистоту, выложить всю правду. Аҕатын аах кистэлэҥнэрин бүтүннүү тиэрэ ууран биэрдэ. Д. Таас
Тиэрэ эргий
санаабытыҥ курдук буолбакка, төттөрү буолан таҕыс, уларый.
Измениться до неузнаваемости; получиться наоборот, не так, как хотелось.
Үөрэхтээх үйэтэ үүммүтүн, Үлэ дьоно тиллибитин, Олох тиэрэ эргийбитин Эр дьон сэмээр кэпсэтэллэр. Дьуон Дьаҥылы. Үчүгэйдик өйдөппөтөххө дьыала барыта тиэрэ эргийэн тахсар кутталлааҕа. "Кыым". Умса түстэҕинэ сүүһүттэн өйүүр, тиэрэ түстэҕинэ кэтэҕиттэн өйүүр (киһитэ) көр умса. Тыгын киһи-хара оҥостуох, умса түстэҕинэ сүүһүттэн өйүөхтээх, тиэрэ түстэҕинэ кэтэҕиттэн өйүөхтээх баар-суох уолаттарын саҥартаран дьэбидис гына түспүтэ. Далан
10 этии #
Нууччалыы Серощёкая поганка
Этиилэр
Тиэрэни кэпсээ
тиэрэни эрт диэн курдук. [Көстөкүүн:] Эс, доҕор, эмиэ тиэрэни кэпсээн бардыҥ. Күндэ. Ытыканов атаһа тиэрэни кэпсээн барбытыттан айаҕын аллаччы атан кэбистэ. В. Ойуурускай. Тиэрэни эрт сөбүлээб. – атыны, туораны кэпсээ, түҥ-таҥ тыллас.
Рассказывать иное, говорить не то.
Хайдах тиэрэни эрдэн бардыҥ. Н. Туобулаахап Туой тиэрэни эрдэ сылдьар киһи. В. Титов
Тиэрэ өйдөө
сөпкө буолбакка, атыннык, сыыһа өйдөө.
Понимать не так, как надо, толковать неправильно, ошибочно.
Сороҕор тиэрэ өйдөөн сыыһа туттууга тиийэбит
үбү матайдааһын суолугар турунабыт.
ЧКС ОДьКИи.
Тиэрэ таһылын
эмискэ көхсүгүнэн иттэннэри оҕун, охтон түс (хол., халтарыйан, халты тэбинэн).
Упасть навзничь (напр., поскользнувшись).
Кыыс ыаҕастаах үүтэ ыһыллыбытынан тиэрэ таһылла түстэ. М. Доҕордуурап [Уончалаах бэдик] килиэ мууска хатыыскалаан ылар, халтарыйан тиэрэ таһыллар. С. Маисов
Хараххын муҥунан (тиэрэ) көр көр көр I
Сэмэнчик хараҕын сыыһын тиэрэ көрөн таһаарда. Н. Неустроев Өр буолбатах, хараҕын тиэрэ көрөн, эппэт кэлэҕэй буолан киирбит. М. Чооруоһап