ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дьэгин

даҕааһын

Нууччалыы левый

English left

1 даҕааһын #

даҕ

  • Хахсаат Буурай хара сордоох Дьэгин өттүнэн дьиэгэнийэн Халарыктаан ылла да, -- Халаахтыы көтө турда.
    П. Ядрихинскай
  • Мин нэһиилэ бөҕүөстэн тураммын дьэгин илиибинэн сирэйбин илитинним
    И. Никифоров
  • Хаҥас илиитинэн (бэрт дэҥҥэ атаҕынан) уҥатынааҕар ордук сатаан туттар киһи. Θ Пользующийся левой рукой (в редких случаях ногой) более умело, чем правой, левша. Улахан мээчиги атаҕынан тэбэ оонньуур олус көрдөөх буолааччы. -- Маннык оонньууга дьэгин оҕолор киллэриллибэттэр. Мээчик уҥа атаҕынан эрэ оонньуурга аналлаах
    И. Никифоров

2 даҕааһын #

Киһи туттарга үөрүйэҕэ суох хаҥас илиитин диэки төттөрү өттө (былыргы итэҕэл быһыытынан айыыларга утары күүстэр туттар өрүттэрэ)

Нууччалыы Непривычная, неудобная для пользования левая сторона, по левую руку человека (по старинному поверью ею пользуются враждебные человеку силы)

3 даҕааһын #

Уопсай үөрүйэхтэн, сиэртэн-майгыттан атын, тосту-туора, олуона, түктэри (итэҕэлтэн төрүттээх)

Нууччалыы Отличный от общепринятого, совершенно непривычный, неудобный; предосудительный, неприличный. – Оок-сиэ, доҕоттоор, тиийбит сирэ – дьэгинин ньии, тохтообут сирэ – олуонатын ньии!

  • Мичил санаатыгар бу күтүрдэр [ороспуойдар] аһыыллара да дьэгин.
    Г. Колесов
  • Бу сир олоҕо барыта Чыҥха атын, дьэбис-дьэгин, Мин манна көрдөөн булбатым Сүрэҕим сүүдүйэрин.
    С. Данилов
  • П. -монг. дьегун

«ДЬ» буукуба