ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сымыйа

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы ложь

English lie, falsehood; lie

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Нууччалыы ложь

English lie, falsehood; lie

  • сымыйаны саҥарыма
    не говори неправдуdon't tell a lie

2 аат тыл #

Баары соруйан токурутан көрдөрүү, албын

Нууччалыы Ложь, неправда, обман

  • Марыына миигин таптыыра сымыйа буолбатах.
    Н. Неустроев
  • Итинник дойҕохтору истэ-истэ, маҥнай мин өһүргэнэн, туос сымыйаларын дакаастыахпын санаталыырым. Софр. Данилов. "Сымыйа да буоллар төлөөн көрүөҕүҥ" – диэн биирдэстэрэ хаһыытыыр
    Эрилик Эристиин

3 аат тыл #

Сыыһа өйдөөһүн, алҕас санааһын, бутуллуу

Нууччалыы Заблуждение, неправильное, неверное представление, ошибка

  • Булчуту тыаҕа сылдьара буолуо диэбиттэрэ сымыйа эбит. Софр. Данилов. Суор өлүгүнэн эрэ аһылыктанар диир сымыйа.
    И. Федосеев
  • Фантазия олохтон адьас тэйдэҕинэ, холобур, эрэлиигийэ итэҕэлигэр оҕуттаҕына, кини туох да оруна суох, сымыйа буолар.
    Г. Васильев
  • Утар. кырдьык
Өссө холобурдар (4)
  • Нариччаан ытаатар уонна дьүөгэ кыргыттарыгар андаҕайдар да – ким да эрэммэт, сымыйа сурах кулахы курдук сыыла сылдьар, сытын тарҕатар.
    Н. Габышев
  • [Ааныка:] Саҥа үүнэн, улаатан эрэр оҕону сымыйа суолунан киртитэ сылдьар дьоҥҥо-сэргэҕэ сэттээх буолуо дии саныыбын.
    С. Ефремов
  • Ыстапаан санаан көрдөҕүнэ, соһумар үөрүү уонна сымыйа да буолуон сөптөөх.
    И. Никифоров
  • Ср. кирг. шубурт ‘врать’, чув. суйа ‘сложный’

4 даҕааһын #

суолт. Алҕас, сөбө суох, сыыһа (буруйдааһын, сурах)

Нууччалыы Ложный, неправильный, ошибочный (напр., обвинение, слух)

«С» буукуба