Перевод с якутского
сиикэй
даҕааһын, аат тыл
Нууччалыы сырой
English raw
Ис хоһооно · 12
1 даҕааһын #
Нууччалыы сырой
English raw
сиикэй эт сырое мясоraw meat сиикэй арыы сырое маслоraw butter
2 даҕааһын #
Нууччалыы незамёрзший
English unfrozen
сиикэй уу незамёрзшая водаunfrozen water
3 даҕааһын #
Нууччалыы незрелый
English (especially of berries) unripe
сиикэй сугун неспелая голубикаan unripe blueberry
4 даҕааһын #
Нууччалыы ложный; неверный; обманчивый
English (colloquial) false, incorrect, misleading, wrong
5 аат тыл #
Нууччалыы сырое брюшко
English the abdomen of raw, freshly caught fish (considered a delicacy in this region)
6 даҕааһын #
Буспатах, оргуйбатах (аһыыр ас туһунан)
Нууччалыы Не кипячёный, не варёный, сырой
"Сиикэй балыгы сиэбэппин диир", - дии-дии ол киһи кыһыллыбыт балык этин ылан быһа хадьырыйар. Н. Якутскай Сиикэй ууну иһэллэр. Н. Габышев Таһырдьа сиикэй эт буһуох айылаах, от-мас сымалата барыта оргуйар өҥүрүк куйааһа Дьүөгэ Ааныстыырап
7 даҕааһын #
Сииргэ сөп гына буһа илик, ситэ илик (сир, оҕуруот астарын туһунан)
Нууччалыы Неспелый, незрелый
Сиикэй сугун. Сиикэй отон. Сотору соҕус буола-буола сиикэй эриэхэни ууга буһаран сии сатыыллар да аһыыта, амтана куһаҕана бэрт Н. Павлов "Ити сиикэйэ, Уйбаачаан бөрөҕө сиэппитэ", - Боруукай ойон турда. Болот Боотур
Өссө холобурдар (2)
[Былаасап Быыбарынай:] Дьэ дьикти куһаҕан кэпсээн доҕор... Хайа, сиикэй буолуо... Н. Түгүнүүрэп [Мааппа:] Сотоколуур удаҕан абааһыны кытта илэ көрсөн кэпсэтэр үһү ээ... [Дьөгүөссэ:] Ээ, адьарай, сиикэйэ буолуо
Күндэ
8 даҕааһын #
Кыһын ситэ тоҥмокко уунан көрө сытар
Нууччалыы Незамёрзший (в зимнее время – о водоёмах)
Күөл тулата кылдьыылыы тоҥмут, ортото сиикэй. Н. Якутскай Сэтинньи ыйга күөлэттэргэ үөс өттүлэрэ төһө эмэ ыраахтан сиикэй турар үһү. Далан Ахсынньыга сиикэй сытан Хара уунан дэбилийэр Хоту муорам, хотун эбэм Уорастыйан үөһэ тыынар А. Бэрияк
Өссө холобурдар (1)
Аргыһым кэпсээнин хоптолор Сэҥээрэр курдуктар, Сиикэйи быһаллар хотулар, Остуол да тардыллар Н. Босиков
9 аат тыл #
Өрүскэ, үрэххэ, күөлгэ кыһын тоҥмокко сытар дьухха сир
Нууччалыы Полынья. Өйдөөн көрбүтэ - сиикэйгэ түспүт. Суорун Омоллоон. Үрэх, өрүс сиикэйэ ыраас салгыннаах буолан, балык мустар сирэ, онно кыһыннары балыктыыллар. Багдарыын Сүлбэ. Үрэх биир сиринэн сиикэйэ хараара сүүрүгүрдэ сытар. "ХС"
10 даҕааһын #
Олоҕо суох, сымыйа, албын
Нууччалыы Ложь, обман, неправда
11 аат тыл #
түөлбэ. Саҥа бултаммыт балык сибиэһэйдии сиэниллэр өрөҕөтө
Нууччалыы Брюшная часть сырой, только что выловленной рыбы (считается лакомством у северных якутов)
12 этии #
Этиилэр
Сиикэй арыы - көр арыы II
Эриэн тирии матаҕаҕа: Иэдьэгэйдээх лэппиэскэ, Икки муунта сиикэй арыы -- Ийэ өйүө укпута. Күннүк Уурастыырап Тайҕаттан аҕалбыт чэйбинэн-табахпынан отут муунта сиикэй арыыны булуннум. Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (1)
Хайах син биир чохоон курдук оҥоһуллар, ол гынан баран сиикэй арыыга үүт оннугар сүөгэй уута кутуллар. Дьиэ к.
Сиикэй баас көр баас
Хандалы эриллэн, ол эдэр бассабыык, Харыта-атаҕа сиикэй баас буолбута.
П. Ойуунускай[Ат] ыҥыырга, ботоҕо астаран, арҕастарыгар кыһыл сиикэй баастар тахсыбыттара. А. Сыромятникова
Өссө холобурдар (1)
[Эһэ] атаҕын сиикэй бааһа дьаралыйан, туох баар этиттэн-хааныттан барытыттан тардыстан ыалдьара. И. Федосеев
Сиикэй маҥан
ньыламан маҥан диэн курдук (көр ньыламан).
Мунан барар мунаа маҥан, тэйэн барар сиикэй маҥан, халтарыйан барар хатыр маҥан (өс хоһ.). Каракалп. шийки, кирг. чийки, тув. чиг, казах. шики