Перевод с якутского
көт
туохтуур
Нууччалыы летать.
English to fly
Ис хоһооно · 13
1 туохтуур #
Салгыҥҥа уйдара сылдьан кэл-бар, айаннаа
Нууччалыы Летать. Үөһэнэн көт. Сөмөлүөтүнэн көт. Тыал хоту көт. Күөх толоон уҥуор сэттэ туруйа көттө. Ол кэлин өттүттэн ат сылгы сиэлинэн-кутуругунан кынаттанан көтөн тиийэн кэллэ да, лап гына үктэнэ түстэ. Ньургун Боотур. Эллэй. Көтөр оҕотун үөрэтэр Үрдүккэ, ыраах көтөргө. И. Эртюков. // Тыалга үүрдэрэн түргэнник сыҕарый (былыт туһунан). Быстро передвигаться, нестись, лететь по ветру (об облаках). Тыал түһэр, үрүҥ былыттар өрүкүһэ көтөллөр. Суорун Омоллоон. Былыттар көтөллөр соҕуруу, Күн былыт кэтэҕэр тимирдэ. Баал Хабырыыс. // Өрө ыһыллан таҕыс, өрө ыһыллан тахсан тарҕан, күөдүпчүлэнэн тахсан ыһылын (хол., кумах, быыл, уот эҥин). Подниматься, взлетать, распыляться (напр., о пыли, искрах). Быыл көтөр. Кумах көтөр. Түүннэри харыйа куулаттан кыым көттө, киэҥ түннүк сандаарда. П. Тобуруокап. Тыалынан күөртэнэн кыым ыһылла көттө. М. Доҕордуурап. Халлааҥҥа көппүт уоттаах хардаҕастар түспүт сирдэрин аайыттан өрт баран, -- чугас эргиннээҕи сир барыта кутаа уотунан кырбаста. М. Доҕордуурап. Крепенко үрэҕи туоруур тимир-бетон муоста салгыҥҥа көппүт [дэлби тэптэриллэн]. А. Фадеев (тылб.)
2 туохтуур #
Паар буолан симэлий, көтөн суох буол
Нууччалыы Испаряться, улетучиваться, парить (напр., о тумане)
Арыгы уоҕа көппүт. Эмп көтөн хаалбыт. Туман көппүт. [Дьоннор] тиритэннэр көхсүлэриттэн буруо курдук туман көтөр. М. Доҕордуурап Тарҕатыллыбыт ноһуому буорга саба хоруппакка эрэ хаалларар сатаммат: азота аммиак буолан көтөн хаалар СОТ
3 туохтуур #
Туох эрэ мэһэйи, үөһэ тардыллыбыты үрдүнэн ой
Нууччалыы Прыгать, перепрыгивать, перескакивать через какое-л. препятствие, планку, веревку и т. п
Ат күрүөнү намыһаҕынан көтөр (өс хоһ.). Маппыр тимир күрүөнү үрдүнэн көтөн таҕыста уонна дьиэтин диэки тыастаахтык хаама турда. Л. Попов Икки оҕо быаны икки уһугуттан туталлар. Атын оҕолор уочаратынан быаны көтөллөр ОСБОо
4 туохтуур #
Үөрэммэккэ (ситэ үөрэммэккэ) кылааһы, кууруһу уҥуордаа, үрдүкүгэ таҕыс
Нууччалыы Перескочить через класс, курс и продолжить учебу ступенью выше
Дьэ онтон ситэ ый аҥаара буолбакка, бэһис кылааһы көтөн, алтыс кылаас үөрэнээччитэ буоллум. Н. Заболоцкай Тихон Терентьевы оскуолабыт историятыгар аан бастаан кылааһы көппүтүнэн, эбэтэр биир сыл икки кылааһы бүтэрэр буолбутунан -- эҕэрдэлиэҕиҥ Н. Босиков
5 туохтуур #
Олус түргэнник элэстэнэн онно-манна бар-кэл
Нууччалыы Легко, быстро, свободно идти, ехать, мчаться, нестись. [Өрүүнэ:] Миитэрэй доҕотторун булсан, дьэ көтөн эрэр
[Күкүр Уус:] Көмүһүм оҕото, дьүөгэтигэр көтө турда.
Суорун ОмоллоонБыһый тыалтан чэпчэкитик хайыһардьыт көтөн иһэр. Эллэй. Аттар көтөн уунаҥнатан, туйахтара хараарбытынан, бу ситэн кэлэн истилэр. Н. Заболоцкай [Мичил] манна күнүс оҕуруокка үлэлээтэ да, киэһэтин көҥүлүнэн көтөр. Мээчик, лапта, араас күрэхтэһиилэр, киинэ И. Федосеев
Өссө холобурдар (2)
Олус эрчимнээхтик, күүстээхтик уонна түргэнник элэҥнэс буола хамсаа, быыстала суох баран-кэлэн элэҥнэс буол. Θ Очень энергично, быстро и легко двигаться, беспрерывно мелькать, лететь, мчаться молнией. Мас эрбиир араама эрбиилэрэ үөһэ-аллара ирбинньик көтөн элэгэлдьистилэр. М. Доҕордуурап Тэлэгирээмэлэр быыстала суох көттүлэр: тууста уонна тууста! И. Данилов
6 туохтуур #
Бэлиэтэммэккэ хаал, түһэн хаал (туох эрэ баар буолуохтааҕа миэстэтигэр суох буолбутун туһунан)
Нууччалыы Быть пропущенным, упущенным (напр., буквы, слова в тексте)
Манна бүтүн этии көппүт. Көппүт буукубалары эбии суруйталааҥ. Сурук бэлиэлэрэ көппүттэр. Кешаны Бүттүүнэп испииһэккэ көтүтэн кэбиспит этэ. Уол ону ирдэспитигэр: - "Көтөн хаалбыт ээ, алҕас тахсыбыт", - диэн кэбиспитэ М. Ефимов
7 туохтуур #
Быстан, эстэн, суох буол, таһыччы бүтэн хаал (хол., ас-таҥас туһунан)
Нууччалыы Исчерпаться, иссякнуть, исчезать (напр., продукты питания)
Ити бириэмэҕэ хотугу дойдуга арыгы ас көппүтэ ырааппыт кэмэ этэ. Болот Боотур Гражданскай сэрии кэнниттэн саа сэбэ олох көтө сылдьыбыта. М. Чооруоһап Хотун чэй-табах, таҥас-сап көппүтэ ырааппытын, бары көрдүүллэрин эрэ билэллэрин -- эҥин туһунан эппэхтээн баран, кыраны эмэни ыытыах буолла ХС
Өссө холобурдар (2)
Туһата суох түргэнник, чэпчэкитик ороскуоттан. Θ Легко, быстро и бесполезно, впустую спустить, проиграть (напр., деньги). Нанайбах сүүрбэ биэс солкуобайа амтана биллибэккэ көттө [хаартыга]. Болот Боотур Бөлөнүүскэй баай сэттэ сүүс сүөһүтэ, аҕыс ампаар түүлээҕэ, үрүҥ көмүс харчыта, көмүс сэбэ-сэбиргэлэ, киис-үүс таҥаһа буруо курдук көппүтэ үһү Н. Павлов
8 туохтуур #
Таһыччы умнан кэбис, бутулун (кырдьыыттан, ыарыыттан, долгуйууттан - өй-санаа туһунан)
Нууччалыы Начисто позабыть, выпадать, вылетать из головы (от старости, болезней, волнения - о мыслях, памяти, уме)
Санаабыт санааларым сайҕанан көппүттэр, Үөрэппит тылларым өйбүттэн сүппүттэр.
П. ОйуунускайУһун сордоох, мэйиим көтөөрү, оҕобун умнан кэбиһэн туран, баппыыска биэрдэҕим.
Суорун ОмоллоонТоойуом, өй-санаа көппүт киһитэ олоробун. Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (1)
Киһи өйө-санаата көтүөх курдук, бары-барыта тиэрэ эргийдэ А. Сыромятникова
9 туохтуур #
Эмискэ киэҥник, түргэннник тарҕан, сабардаа (хол., тыл-өс, сурах эҥин)
Нууччалыы Широко и быстро распространяться, разноситься, разлетаться (о слухах, новостях)
Онтон соҕотохто соһумар сонун өрө күүдэпчилэнэн таҕыста, тарҕана көттө, дьалкыйда. Амма Аччыгыйа Ити кыһыныгар Улуу Өктөөп өрөбөлүүссүйэтэ кыайбытын -- туһунан бастакы сурах улуустары, нэһилиэктэри тилийэ көппүтэ Э. Соколов
10 туохтуур #
Түргэнник ааһан, устан ис (күн-дьыл, кэм туһунан)
Нууччалыы Быстро проходить, пролететь (о времени)
Дьыллар-хонуктар ааһа көтөн элэгэлдьиһэн иһэллэрэ түргэнин сөрү диэн сөҕөн кэбистим. Амма Аччыгыйа Күн-дьыл көтөн, күһүн кэлиэ, Күлүк хараҥа күһэйиэ. Күннүк Уурастыырап Сэрии будулунан көмүллэн Үгүс күннэр көттүлэр. Баал Хабырыыс
Өссө холобурдар (1)
Күн-дьыл көтөн иһэр Т. Сметанин
11 туохтуур #
Сорох сыһыаттары, сыһыат туохтуурдары кытта силлиһэ эбэтэр холбуу суолталаах ситимнэри үөскэтэр уонна араас дэгэттээх көмө туохтуур суолтатын ылар: 1) ааһан иһэн, таарыйа, таарыччы буолар (оҥоһуллар) хайааһыны көрдөрөр (үксүгэр эмискэ, эрчимнээхтик)
Нууччалыы В сочетании с некоторыми наречиями и деепричастиями образует семантически полуслитные сочетания, где выступает в роли вспомогательного глагола с различными оттенками: 1) действие, которое осуществляется на ходу и обычно с особой силой и интенсивностью
Хайа көт. Тоҕо көт. Дьөлө көт. Ибили көт. Быһа көт. Сиирэ көт. Көҥү көт. Сиирэ-халты көт. Тосту көт. Булгу көт. Иҥнэри көт. Ойо көт; 2) туохха эрэ туһаайыллыбыт, үксүгэр эмискэ, эрчимнээхтик оҥоһуллар хайааһыны көрдөрөр. Θ Действие, осуществляемое для какой-л. цели, обычно с особой силой и интенсивностью. Мүччү көт. Туора көт. Тахса көт. Ааһа көт. Тула көт. Күөйэ көт. Төгүрүччү көт. Эргийэ көт. Эрийэ көт. Куота көт. Ср. азерб. гөт; общетюрк. гөтүр, көтүр 'поднимать'
12 этии #
Нууччалыы Попадать в беду, несчастье, сгинуть (от несчастного случая)
Этиилэр
Дьабыныгар көппүт көр дьабын
Эллэй Боотур аҕыс уолу төрөтөр, олортон Намылҕа Силик, маҥнайгы ойуун, дьабыныгар көтөр. Саха фольк Аныаха диэри кини [Сыланньай удаҕан] кэлэн баар буолуо дуо? Дьабыныгар да көттө ини. М. Доҕордуурап
Илим-салым көт көр үлүм-салым көт
Лааһар -- туох кэпсээннээх дьон кэлбиттэрин истэрдии тутунна, илим-салым көттө. ОИП Х. [Петя] Дораҕа да илим-салым көтөн, мас кыстаста, бэйэтин да балааккатыгар киллэртээтэ. В. Яковлев. (Кимтэн эрэ ким эрэ) көтүө дуо - (ким кимтэн эрэ) атын, ураты буолбат, атылыы буолар диэн этэр олук.
Речевая формула "человек как человек", "дети как дети" - все одинаковы или подобны друг другу.
Оҕо оҕоттон көтүө дуо? Кыһыҥҥы бытарҕан тымныыттан сылаас дьиэҕэ бүгэн олорон оонньуурбут. Сэмээр Баһылай. Көҥдөй оҕото көтүө дуо? Көҕүйдэҕэ дии. Күн Дьирибинэ. Көлүөнэ көппөт (хаан хаалбат) - ыччат куруук баар, олох салҕана турар. Новое поколение будет всегда, жизнь продолжается, она вечна (речевая формула). Көрүлүү көт - олох үөрүүтүн билэн, кыһалҕата суох көҥүл-босхо сырыт. Свободно, беспечно наслаждаться жизнью, веселиться. Көрүлүү көттүм, тайаара дайдым. И. Эртюков Көмүс долгун алааспар Көрүлүү көтө дайбакка, Көҥүл тыына туойбакка Балаҕаҥҥа сыттамый, Балаадыйан хаалламый? А. Абаҕыыныскай
Өссө холобурдар (5)
Көтөн түс - 1) олус түргэнник киир, эмискэ баар буола түс. Внезапно войти, вдруг очутиться, влететь. [Таал-Таал эмээхсин] ханан да барар сирэ суоҕуттан, көлүйэтигэр көтөн түһэр. Саха фольк Соҕотох хаалбыт тиһэх тордоххо маҥан таба таҥастаах уонна хара бэкир киһи көтөн түспүттэрэ. Далан Натаа эппиэтэ суох сайылыгар тиийэн көтөн түстэ. Суорун Омоллоон; 2) эмискэ өйгө киир (санаа, толкуй туһунан); эмискэ айахха киир (ырыа, тыл, саҥа). Вдруг взбрести в голову, осенить (о мысли, решении); вдруг очутиться на языке. Дьон саҥатын истээт, мин, тоҕо эрэ куттанным да, сааттым да быһыылаах, саһыах санаа көтөн түстэ. Н. Неустроев Уоһугар туох көтөн түспүтүнэн кини ыллыыр диэххэ букатын түктэри. Амма Аччыгыйа Деомид Баклановка бу киһи кыһалҕатын туһанар өй көтөн түһэр. Н. Якутскай
Көтөр былыт көлдьүнэ көр аас I
Көтүөҕүн халлаан ыраах (тимириэҕин сир кытаанах) - кэлиэх-барыах сирэ суох буолбут, муҥур уһугар тиийбит.
Попасть в безвыходное положение, деваться некуда.
Көтүөн кыната эрэ суох - олус үөрэн сүргэтэ көтөҕүллүбүт. соотв. он на седьмом небе от радости или ног под собой не чувствует (не чует). Бу сүүрүүгэ Мэҥэ-Хаҥалас ата кыайан, хатыҥыр оҕонньор көтүөн кыната эрэ суох буола түстэ. Н. Босиков
Кута-сүрэ көппүт көр кут-сүр
Хаппытыан кута-сүрэ көтөн, ханна эрэ букатын ыраах, бэйэтэ да билбэт сиригэр баар буолбукка дылы. А. Сыромятникова. Күдэҥҥэ көппүт - сир үрдүттэн суох буолбут, туох да хаалбакка букатыннаахтык эстибит.
Исчез насовсем, уничтожен бесследно.
Төрөөбүт норуотум! Күн сирэ көрүөҕэ: Күөрэйбит көлдьүн күүс Күдэҥҥэ көтүөҕэ. Эллэй. Киниэхэ [өстөөххө] туох да тиксибэтин наадатыгар туох баар гранатаны, ботуруону чохчолоон баран, үлтү тэптэринэн күдэҥҥэ көтөргө диэн биир санаанан быһаарыы тахсыбыта. "Ленин с. ". Күллүүн көттө - оннуттан мэлийдэ, урусхалланна, туох да орпото, суох буолла. Исчезать бесследно с лица земли. Массыынанан биһиэннэрэ манна сүүрдэн кэлиэхтэрэ, - Хаһан сэрии бүттэҕинэ, Өстөөх күллүүн көттөҕүнэ. Дьуон Дьаҥылы. Күөххэ көттө - сайыҥҥы ичигэс, киэҥ дуолга көҥүл көччүйдэ (кытаанах кыстыкка хааллан, улугуран баран - үксүгэр сүөһү туһунан). Вылетел на зелень, вышел на волю (после долгой холодной зимы, загнавшей в тесный хлев - обычно о скотине). Дьадаҥылар да барахсаттар Санааларын саҥарыахтара. Кырдьыктарын этиэхтэрэ, Күөххэ көтүөхтэрэ, Көҥүлгэ көрүлүөхтэрэ. Саха нар. ыр. II. Өрө көт - 1) туохтан эрэ мөхсө түс, түбүгүрэ, айдаара түс, кими эмэ тула сүүр, ким эмэ баҕатын толоро сатаа, кимиэхэ эмэ бэрт буола сатаа. Проявлять беспокойство, встрепенуться, захлопотать вокруг кого-чего-л., проявлять большое усердие, расторопность (напр., ублажая кого-л.). Киһим бэйэтин оҕустарбыттыы өрө көтө түстэ, атын көмүскэстэ. Далан "Бай, ол эһэни ким быалаан-туһахтаан, сэргэлэнэр, доҕоор?" - диэн мин өрө көтө түһэбин. М. Чооруоһап
Өссө холобурдар (21)
Ньукулааскылаах Аргыныап даҕаны эмиэ, көрбөтөхтөрүн көрбүттүү өрө көтө түспэтилэр. У. Нуолур Таһыттан Далбараев киирбитин көрөөт кини өрө көтө түстэ, кириэһилэтиттэн ойон турда. "Кыым"; 2) урукку туруккуттан өрө таҕыс, ордук ситиһиилээх буол. Добиться успеха, достигать каких-л. высот (по сравнению с прежним состоянием). Сиэнин санаатын, сигилитин билэн, наллаан кэпсэтэн сүбэлээн көрүүһү, хомусчут уолун олус өрө көппөтүн. М. Ефимов Тоҕо мин бүтэн, кыайтаран баран өрө көтө сатыыбын! Тугу ситиһээри?
Н. ЛугиновУстудьуон Ньукуус үөрэҕэр орто сыанаттан өрө көппөтөх эрэйдээх. ПБН КДьСО. Тилийэ көт - олус түргэнник киэҥник тарҕан, сабардаа, бүрүүкээ; сири ордорбокко сырыт, киэҥник кэрий. Быстро, широко разнестись, разлететься (о вестях); обходить все места, всю территорию. Оҕо эрдэҕиттэн бу кырдьаҕас куорат бары муннугун ордорбокко тилийэ көттөҕө.
Н. ЛугиновЫскылаат сэбиэдиссэйэ Дайбыров туһунан кэпсэтии оройуону тилийэ көппүтэ. М. Попов Ж. Бизе "Кармена" хос туруоруллан аан дойду бары бөдөҥ тыйаатырдарын тилийэ көттө. "Кыым". Тиэрэ көт - чэпчэкитик, уохтаахтык кыай-хот, сууллар. Легко победить, повалить, опрокинуть кого-л. [Барахсаанап:] Бэйи, дэлбэрийэн эриҥ, эһигини баҕас тиэрэ көтөрүм буолуо. Н. Неустроев Тоҕо көт - киһи сөҕүөн курдук кыахтаахтык уонна таһаарыылаахтык тугу эмэ оҥор, үлэлээ. Делать, производить что-л. мощно, с размахом и результативно. Мин аҕам тугу да тоҕо көппөтөҕө, харахха быраҕыллар ханнык да дьоруойдуу быһыыны оҥорботоҕо эбээт. Далан Дьиэбэр баран тугу да тоҕо көтөрүм суох. Көмөлөһүүм. Р. Баҕатаайыскай Били эн биһикки маннык бэйэлээҕи тоҕо көтөөрү. Бука сүүрбэ да сыл сынньанан, кыаҕырбаппыт буолуо ээ [дэһэллэр кырдьаҕастар].
Н. ЛугиновТөлө көт - ханнык эмэ кыһалҕаттан, быстыыттан-эстииттэн мүччүрүй, босхолон. Выбраться из нужды, бед, трудностей. Улахан тутууга ханна барыай ыарахаттарга кэтиллии мүлчүрүйбэт дьулаана, олору төлө көтөн, олору кыайан-хотон, ардыгар, үөрүү күүрээнигэр өрө көтөхтөрүү. В. Яковлев Тула көт - ким, туох эрэ туһугар олус кыһан, түбүгүр; кимиэхэ эмэ үтүө буола сатаа, ньылаҥнаа. Суетиться, бегать вокруг кого-чего-л., хлопотать, беспокоиться; лебезить перед кем-л., заискивать. Били маҥнай кэллэхпитинэ тула көтө сылдьаллара ааһан, аны кинилэри [холкуос салайааччыларын] булан көрсөр да күчүмэҕэй буолла.
Н. ЛугиновОйоҕо Балбаара эрэйдээх сынньалаҥын сүтэрбит, сүргэтэ ыстаммыт киһи быһыытынан, эрин тула көтөн ыарыылыы -- сылдьар. Эрилик Эристиин [Ыппыт] киһиэхэ барытыгар тула көтөр, хаптаҥныыр, кыҥнаҥныыр, салаан ньэлиптиир. Кэпсээннэр. Уйулҕата көппүт (ыстаммыт, хамнаабыт) - туохтан эрэ олус долгуйбут, ыксаабыт, куттаммыт. Стало не по себе, быть не в себе, места себе не находить (от сильного волнения, неожиданности, с перепугу). [Бөрө] халлааҥҥа хантайан баран, көөҕүнэс куолаһынан киһи уйулҕата көтүөх курдук энэлгэннээхтик улуйталаабыта. Л. Попов [Туйаарыма Куо:] Мин барахсан Адьарай аймаҕын айаҕар Ананнаҕым диэммин Уйулҕам көтөн, Сүрүм-кутум долгуйан, Харыстатарым эрэ хараҕым уута Буола олоортум.
Суорун ОмоллоонСидоров оҕонньор уйулҕата көтөн тэпсэҥнии турда. М. Доҕордуурап Уута көттө - туохтан эрэ уйгууран, утуйан иһэн утуйбат буолла. У него пропал сон, он потерял сон. Бу уолуйан уһуктан, уута көтөн сытан атыннык толкуйдаан көрдө. Болот Боотур Аартыгы одуулаан тахсара, Аан тыаһын иһиллии сылдьара. Утуйар да уута көппүтэ - отучча сыл буолла күүппүтэ. С. Руфов Өскө, чыычаах уйатыгар кэлбэтэх буоллаҕына, сымыыт тымныйан хаалыа. Айсен итини саныырын кытта уута адьас көттө. С. Дадаскинов Үлүм-салым көт - кимиэхэ эмэ олус эйэргээ, үөр-көт, кимиэхэ эмэ үтүөтэ оҥоро сатаа, бэрт буола сатаа. Встречать кого-л. радушно, радостно; стараться сделать кому-л. добро, ублажать, угождать кому-л. Үбүлүөйдэрэ диэтилэр, Үлүм-салым көттүлэр. С. Тимофеев Кыайыы-хотуу кынаттанан тиийбит үөрэнээччитин тренер үлүм-салым көтө көрсүбэтэҕэ. НЕ ТАО. (Ким эмэ) үрдүнэн көтөр - кыһыытын-абатын сэниир, атаҕастыыр киһитин мөҕөн-этэн, киниэхэ тойомсуйан аһарар. Свою досаду, неудовлетворенность вымещать на ком-л., кого считают ниже себя, помыкать кем-л., третировать кого-л. Кини тойот буолан тонолуйдар эрэ, эн биһикки үрдүбүтүнэн көтүөҕэ.
Суорун ОмоллоонМин даҕаны абарбычча, сыыр намыһахтыы, эн үрдүгүнэн көтөбүн. Эрилик Эристиин
13 туохтуур #
Бөдөҥнүк, ыраах-ыраах арыттаахтык анньан тик (үксүгэр быстах, иҥиннэрэ эрэ түһэргэ)
Нууччалыы Шить, метать на живую нитку
Сиигин тигиэҥ иннинэ бастаан көтөр ордук. Казах. көктө