Перевод с якутского
дьабын
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы по верованию древних якутов, место пребывания злых духов, загробный мир, куда отправляются души умерших шаманов
1 аат тыл #
Былыргы сахалар өйдөбүллэринэн куһаҕан тыыннар дойдулара, ойуун өллөҕүнэ кута онно тиийэр
Нууччалыы По верованию древних якутов, место пребывания злых духов, загробный мир, куда отправляются души умерших шаманов
Онон, дьэ киһи эрэ буоллар, дьабыныгар көппүт курдук этэллэр. Күннүк Уурастыырап Ойуун, эппитин курдук, сарсыарда күн кытара тахсыыта дьабыныгар көппүтэ. И. Гоголев Аныаха дылы кини [былыргы үйэтинээҕи удаҕан] кэлэн баар буолуо дуо? Дьабыныгар да көттө ини М. Доҕордуурап
2 аат тыл #
үөхс. Киһини сэнээн, үөҕэн этэр тыл, баҕайы
Нууччалыы Ничтожная тварь, дрянь, негодяй
Дьабын, дьиккэр, күн ыраахтааҕыга өстөммүккүн, үҥэр таҥараны умнубуккун эккиттэн-хааҥҥыттан иэстээн биллэриэхтэрэ! М. Доҕордуурап Дьабын, аны үөҕэн эрэҕин дуу? Болот Боотур "Сонуоккун биэрбэккин! Ходуһаҕыҥ биэрбэккин! Эн бу туоххун саныы-саныы киэбирэр дьабыҥҥыный?" – Сэмэн өрө көбүөлүү түстэ Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (1)
Хотунуом, эн толомон тойон аҕаҥ Тиһэх дьабын айаныгар аттанарыгар Ким киниэхэ илин-кэлин сүүрүөй? И. Гоголев
3 даҕааһын #
суолт. Дьабыҥҥа сыһыаннаах, дьабын киэнэ буолар
Нууччалыы Относящийся к месту пребывания злых духов, загробному миру. [Аал уотум] Аллараа аат дьабын аймаҕыттан Аргыар буолан аргыйдахтарына, Хаҥырҕастаах үөттүрэххинэн Дьалбарыта далбаатыы тураар