ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сэтии

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы тяга, прицепка за основной упряжью

1 аат тыл #

Көлөнү, сүөһүнү инники олох көлөҕө холбоон сиэтии

Нууччалыы Тяга, прицепка за основной упряжью (напр., о табуне рогатого скота, лошадей и т. д.)

  • Бэрт Хара маннык эппит: "Үтүө убайым, ытык кырдьаҕаһым, мин эйигиттэн кэтит сэтии сиэтээри кэлбэтэҕим". Саха сэһ. 197

2 даҕааһын #

суолт. Инники сүрүн көлөҕө биитэр айанныыр сэпкэ холбоммут

Нууччалыы Прикрепл¸нный, прицепл¸нный к передней упряжи или ведущему транспорту

  • Хааһахтары хостуурга, Ханыы, сэтии туттарарга Алта хара таҥастаах Огдуобалыыр дьахталлар Кугас улан аттары Кудулуччу хаамтаран Кутурук көтөҕөн иһэллэр.
    С. Зверев
  • Бороҕон Дьуоттуларга уһун үрбэ, кэтит сэтии илдьэ тахсан ыһыах ыһар санаалаахпын. "Чолбон"
  • көр ситии. Хатыллыбыт эриэн сэтиитэ тардаҥҥын Хаппахчы хаҥас өттүгэр Тириитин таҥнары ыйаан хатаран, Уҥуоҕун баһын арааран Этин Иэйэхсиккэ анаан буһаттар. Саха нар. ыр. II. Сэргэҕэ ытык дабатар тураҕас атыыр -- сиэлэ, кутуруга сиргэ тиийэ намылыйан, сабыс-саҥа өрүллүбүт кэтит эриэн сэтиинэн туомтуу баайыллан, утуктуу турар.
    Л. Попов
Өссө холобурдар (4)
  • Ити чэчир хахыйахтар икки ардыларыгар эриэн сэтиини тардыбыттар, онно таҥас уонна туос кыраһыннарын ыйаабыттар. Багдарыын Сүлбэ
  • Сэргэчээн, табаларын эргилиннэри тардан, сыарҕатыгар олоро түстэ, ньуоҕуһут буурун тайаҕынан буукка супту аста, сэтии сыарҕата тааска охсуллан лаһырҕаата.
    Болот Боотур
  • Кэнниттэн сэтии баарсалара иһэллэрэ көстөр.
    Д. Токоосоп
  • Бычыа буруйун боруостаан, нэһилиэгэр сэрии аҕай иннинэ моточчу уойан, миинэр атыгар сэтии аттаах төннүбүтэ
    ХС

3 этии #

Сэтии кулут эргэр. – былыр сахаларга: баай ыал кыыһа сүктэн барарыгар сиэтиллэн барыахтаах кулут-чаҕар киһи Баай ыал кыыһа эргэ сүктүүтүгэр сэтии кулутун оҕолору кытта эриэн ситиинэн моонньуларыттан баайан, акка холбонон сиэтэн бараллара эмиэ баара. БСИ ЛНКИСО-199 4. Сэтии кулут диэн эмиэ кыыһы кытта сиэтиллэн барыахтаах. "ХС"

Нууччалыы В старину у якутов: батраки-челядь, которые отправляются с богатой невестой в дом жениха

«С» буукуба