ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сэтиилээ

туохтуур

Нууччалыы вести на поводу за своей лошадью, упряжью; прицепить кого-что-л. за кем-чем-л

1 туохтуур #

Көлөнү, сүөһүнү инники олох көлөҕө холбоо; оннук холбоон айаннат

Нууччалыы Вести на поводу за своей лошадью, упряжью; прицепить кого-что-л. за кем-чем-л

  • Сэмэн борооскулаах ынаҕын атын кутуругар баайан, сэтиилээн үүрэн испитэ.
    Н. Якутскай
  • Аара дьаамсыктары көрсөн сэтиилээн ыытыаххыт буоллаҕа дии. Ойуку. Ыттары буоллаҕына барыларын биир табаҕа сэтиилээн кэбиһэллэр. А. Кривошапкин (тылб.)

2 туохтуур #

Сүктэр кыыска анаан, биэрэн ыыт (хол., төһө эрэ сүөһүнү)

Нууччалыы Давать невесте в приданое (напр., определ¸нное количество скота). [Бороскуобуйа] дьиҥэ, үлэлээбитин, баайы иитиспитин быһыытынан чаас ылыахтааҕа, хайаан да энньэлээн, сэтиилээн эргэ биэриэхтээҕэ

  • [Аан Далбар:] Тапталлаах ылгын кыыспытын Киис Бэргэни эккирэтиннэрэн, Ааттаһан-көрдөһөн иккиэннэрин төннөрүөххэ, Айыыһыты арыаллатан, иэйэхсити эҥээрдэтэн Сүөһүлээн, сэтиилээн алҕаан атаарыахха.
    И. Гоголев
  • Үрүҥ Айыы Тойон Үс сүүрүктээх Өндөл маҥан халлаантан Дьөһөгөй Айыыны Орто дойдуга – энньэлээн, сэтиилээн биэрбит
    КДьА

«С» буукуба