Перевод с якутского
көтүт
туохтуур
Нууччалыы пропускать
English to skip
Ис хоһооно · 8
1 туохтуур #
Нууччалыы пропускать
English to skip
күнү көтүт пропустить деньto skip the day
2 туохтуур #
Нууччалыы вздымать
English to raise (cause to scatter through the air)
быылы көтүт поднять пыльto raise dust
3 #
көт диэнтэн дьаһ. туһ. Тыал ордук күүһүрбүт. Бөһүөлэк ыалын дьиэтин үрдүн хаарын көтүтэн күдээритэр. Н. Якутскай. Кэлбит кус-хаас көччөхтөрүн көтүтэн айаҥҥа хомуммуттара ыраатта. П. Филиппов
4 #
Бурдугу отуттан, сыыһыттан ыраастаа
Нууччалыы Веять (зерно)
Мааһа сыспыт бурдугун сүөкээн көтүтэр, онтон сыыһын итигэстиир.
КүндэОҕонньор кылаатыттан уон түүтэҕи сүгэн аҕалбытын куоластаан, хатаран, кэлиилээн, көтүтэн бэлэмнээбитэ. Болот Боотур "Бачча киэһэ хайдах бурдуктарын көтүтэр бэйэлэрэй?" - диэн испэр дьиктиргээбитим Н. Якутскай
5 #
Ап-хомуһун күүһүнэн атын сиртэн тугу эмэ ыл, аҕал (биллэрбэккэ)
Нууччалыы Силой волшебства с расстояния похитить, умыкнуть что-л. (незаметно для окружающих)
Аптаах дьон көтүтэн ылбыт табахтарыттан тарпаттар, астарыттан аһаабаттар. Оччоҕо хомуһуннара суох буолар. Далан Ким сарыытын, ким табатын тириитин, ким этэрбэһин көтүппүтүн [кэпсээнин] айдаана буолан эрэр эбит. А. Софронов [Дуня:] Оо, кыахтааҕым буоллар, сибилигин ол бандьыыттар хаайыыларыттан Мэхээспин быыһаан, көтүтэн аҕалыам этэ С. Ефремов
Өссө холобурдар (1)
Сүтэр, мэлит, былдьат (көрдөрбүтүнэн эбэтэр тута). Θ Терять, лишаться кого-чего-л. (обычно явно, на глазах). Балтыбын Айталы Куону көстө көтүттүм, тумаҥҥа муннум, хаарга хаамтым, сииккэ сиэллим. Ньургун Боотур. [Лоокуут:] Күҥҥэ тэҥнээх күндү чыычаахпын, Көрбүтүнэн туран көтүттүм, Күүппэтэх өттүбэр түбэстим!
Суорун Омоллоон
6 #
а сыһыат туохтууру кытта хайааһын түргэнник, эрчимнээхтик буоларын көрдөрөр
Нууччалыы В сочетании с деепричастиями на -а обозначает моментальность и энергичность действия
Бэрт сотору отуу уотун тула үтэһэлээх балыктары кэчигирэтэ охсон, икки өттүн сырайбахтаан таһаара көтүттүлэр Амма Аччыгыйа
7 этии #
Нууччалыы Взрастить, взлелеять кого-л. с младенческих лет, поставить на ноги, вывести в люди
Көччөх гынан көтүппүт - кыра оҕо эрдэхтэн иитэн атаҕар туруорбут, киһи гыммыт Кини миигин адьас аччыгый эрдэхпиттэн оҕолообут, көмүс-ньээкэ уйабыттан көччөх гынан көтүппүт күн сиригэр күндү киһим.
А. КривошапкинКутун (кутун-сүрүн) көтүт - эмискэ куттаан, соһутан эбэтэр абынан-хомуһунан киһини олус долгут, самнар. Θ Запугать, нагнать страху, подавлять кого-л. с помощью шаманских заклинаний. Оруос Баай кутун-сүрүн көтүттэххэ, Оруос Баай кутун-сүрүн өлөрдөххө - Отчут-масчыт олоҕо тупсуо этэ, Отчут-масчыт дьоло улаатыах этэ.
П. ОйуунускайКүдэҥҥэ (күдэн гынан) көтүт - сир үрдүттэн суох гын, тугу да хаалларбакка букатыннаахтык эс, сүтэр. Θ Уничтожить кого-что-л. без остатка. Ааҥнаан киирбит Адьырҕа өстөөҕү көҥүл сирбит үрдүттэн Көлбөрүтэн үүрүөҕүҥ, Күдэҥҥэ көтүтүөҕүҥ! Нор. ырыаһ. Күдэн гынан көтүттүбүт, Сиик гынан Симэлиттибит!
Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (9)
Бөлөх өстөөх уоту аһар туочукаларын булара - олору биһиги артиллериябыт күдэҥҥэ көтүтэрэ. ИИФ УС. Хантан эмэ кэлэн кыыспын ылан, баайбын күдэҥҥэ көтүтэн ыскайдыахтара. ҮҮА. Күллэри (күллүү, күл гынан) көтүт - суола-ииһэ, онно да суох гына эс, букатыннаахтык уонна харса суох быс, суох гын. Θ соотв. сровнять с землей. Күн сирин күүһэ күүстээх Көҥүл дойду аармыйата [өстөөҕү] Күл гынан көтүттэ, Көмөр курдук үлтүрүттэ. Нор. ырыаһ. [Кырыктаах омуктар Кыра ыалларын] Күллэрэстии-күллэрэстии Күн сирин Көрдөөх олоҕуттан Күллэри көтүтэн Күөрэтэлээн кээстэр.
Өксөкүлээх ӨлөксөйИти сидьиҥ өлүүнү эһэрбит, күллүү көтүтэрбит, түөрт баҕанатын чороторбут буоллар.
КүндэКүн сириттэн көтүт - тыыныгар тур, суох гын, өлөр. Θ соотв. сжить со свету. Сааһын тухары хамначчыт оҥостон баран, аны күн сириттэн көтүттэҕэ. М. Доҕордуурап Салгыҥҥа көтүт - тугу эрэ үлтү тэптэрэн, дэлби тэптэрэн суох оҥор, урусхаллаа. Θ Уничтожить что-л. взрывом, взорвать. Мин билэрбинэн, уон аҕыс тимир суол эшелонун салгыҥҥа көтүппүппүт. ССХУо. Уйулҕатын көтүт - олус долгут, ыксат, куттаа. Θ Выбить из колеи (пугая, заставляя сильно волноваться). Эһэ часкыйыыта, атыыр саҥата сир-дойду уйулҕатын көтүппүттэрэ.
Суорун ОмоллоонОт-мас барыта кууһан ылыах курдук барыйан-сарыйан турара уол уйулҕатын көтүтэрэ. И. Никифоров "Кэбис, эрэйдээҕи, уйулҕатын көтүтүмүөх", - Соня миигин күөрэгэй көппүт сириттэн тэйитэ хаамтарда. П. Аввакумов Уутун көтүт - ким эмэ утуйан истэҕинэ уйгуурт. Θ Растревожить, развеять, расстроить чей-л. сон. Хоонньугар "оһоҕос түгэҕинээҕи" кыра кыыһа - түөртээх Сэрбэкэ этэ умайан, мөхсөн, ынчыктаан уутун көтүттэ. Болот Боотур Дьэллик булда кини уутун көтүтэн кэбистэ. Н. Заболоцкай Саҥа кэлбит мороду Сааһыт уутун көтүтэн, Чуумпу түүҥҥэ айдааран Кэпсиир уолбат уйгубун. П. Тулааһынап
8 этии #
Бурдук көтүтэр (массыына) - бурдугу оттон, сыыстан ыраастыыр массыына
Нууччалыы Веялка. Суон эриэхэбэй мас анныгар бурдук көтүтэр эргэ массыына хаарбаҕа баар. Н. Якутскай. Оҕонньор -- сэппэрээтэр курдук чэпчэкитик үлэлиир эмиэ бэйэтэ оҥорбут бурдук көтүтэрин көрдөртөөбүтэ. Б. Лунин (тылб.)