ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

көтүс

  • көт диэнтэн холб. туһ. Инники кирбиигэ мэлдьи баар курдукпун -- Киэҥ халлаан уҥуоругар, космос куйаарыгар Гагарины кытта көтүспүт курдукпун.
    М. Ефимов
  • Арай биирдэ [эһэ оҕолоро] ийэлэрэ суоҕар оҕолор түөрүтэ көтүһэн муомаласпахтыы түһэн бараннар, ийэлэрин эккирэтэргэ санаммыттар.
    Р. Кулаковскай
  • Хааннаах тыҥырахтан Бурхалейы кытта бииргэ төлө көтүспүт Ахмет Галиев үрэх эниэтин өрө ойутан кэлэн, Бурхалей атын күөнүгэр астарда.
    Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (1)
  • [Сөмөлүөтүнэн бииргэ] көтүһэ сылдьыбыт киһи итинник [буурҕаҕа таба көстүбэтэҕэр буруйдаан] тыллаһарыҥ миэхэ өйдөммөт. А. Кривошапкин (тылб.)

«К» буукуба