ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сыыс

аат тыл, туохтуур, тыл, кэнники тыл

Нууччалыы не попадать в цель, промахиваться

English garbage, litter

Ис хоһооно · 8
I

1 туохтуур #

Сыалгын табыма, таһынан, сыыһа ыт, бырах

Нууччалыы Не попадать в цель, промахиваться (стреляя, бросая и т. п.)

  • Биир көҕөн көтөн тахсыбытын сыыһан кэбистим.
    Амма Аччыгыйа
  • [Куһу] таба оҕустаххына өлөрөҕүн, сыыстаххына туох кэлиэй
    Т. Сметанин

2 туохтуур #

Алҕаһаа, ханнык эмэ эндиэни, сыысхалы таһаар, сөбө суохтук быһыылан, быһаар

Нууччалыы Ошибаться, совершать какую-л. оплошность, промах

  • Кини тахсан барарын кытта, "Ыты баара, тутан ылан сибииккэлээминэ сыыстыбыт ээ", - диэтэ Никифоров кинээс.
    М. Доҕордуурап
  • [Чокуурап:] Эн сыыһаҕын. Эн хайдах өйдөөбөккүн: МТС бэйэбит туһабытыгар аһылларын.
    С. Ефремов
  • Бэйбэрикээн [эһэ аата] бэйэтэ даҕаны сыыспыта. Эрдэ, оҕолоро уу ньулдьаҕай, тугу да билбэт-көрбөт эрдэхтэринэ, бу сири булларбыта.
    И. Федосеев
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. ДТС йаз, кирг. жаз ‘ошибаться, допускать промах, промахиваться; грешить’
II

3 аат тыл #

Ханна, туохха эмэ түспүт, хатаммыт эбэтэр булкуспут киһи быһаара барбакка үрдүттэн бөх, туора эттик эрэ курдук көрөр бытархай предметэ (хол., буор, бөх бытарыйбыта)

Нууччалыы Сор, соринка, пылинка

  • Остуолугар таммалаабыт сыыһы кичэл баҕайытык үрэн буһурҕатан ыраастаата.
    А. Софронов
  • Абырааҥ, быыһааҥ, атастар, Харахпар сыыс аа-аалар.
    Т. Сметанин
  • Ол да турдар, кини тас көрүҥэр аймаммытын булуоҥ суоҕа, сонун эҥээригэр, сиэҕэр түспүт сыыһы биир-биир кымаахтаан ыла турда
    А. Сыромятникова

4 аат тыл #

Тугу эмэ (хол., дьиэни) хомуйбут бөх мунньуллубута

Нууччалыы Сухой мусор

  • Ону истээт дьон тахсан, Тиэргэн сыыһын күртүлэр, "Күндү сааспыт барахсан, Ыалдьыттаарыый!" - диэтилэр.
    И. Гоголев
  • Сыкана эмээхсин Титиик далыгар Сыыһы чөмөхтүү Сылдьара көһүннэ
    С. Васильев
  • Туох эмэ туһа буолбат тобоҕо. Θ Остатки чего-л., остающиеся без пользы. Лэкиэс түргэн соҕустук хоруобун үгэххэ киллэрэр уонна тахсан мас сыыһын харбыыр.
    С. Ефремов
Өссө холобурдар (5)
  • Куһун тостубут кынатын биир сэбирдэҕинэн суулаата, таһынан чараас мас сыыстарын тутта, ол таһынан таҥас кырадаһынынан бобо кэлгийдэ.
    Т. Сметанин
  • [Булчут сахалар] биир чаллах тииккэ арааһы барытын ыйыыллара: сиэли, таҥас сыыһын, туос оҥоһуктары, ньаалбаан кырадаһыгын, онтон да атыттары
    И. Федосеев
  • Оҕом сыыһа, утатаахтаабытыҥ буолуо, бу собо миинин иһээхтээн кэбис.
    И. Гоголев
  • Дьоҕус истипиэндьийэ сыыһыгар тэҥнээтэххэ, кини ылбыт гонорара бүтүн баайга тэҥнээҕэ.
    Н. Заболоцкай
  • Кини билигин туох эмэ кыра үлэ сыыһын булан аралдьытына түстэр
    Н. Заболоцкай

5 кэнники тыл #

т. суолт. Тардыы сыһыарыылаах сорох тылы кытта холбостоҕуна аччатан көрдөрөр, атаахтатар, аһынар суолталанар

Нууччалыы С притяжательным аффиксом в сочетании с некоторыми существительными приобретает ласкательно-уменьшительное значение. [Ыстапаанньыйа] биһигиттэн Ньукулай оҕонньор үс арсыын сиидэс сыыһыгар соҕотох ыанар ынахпытын өлөртөрөн ылла дии

6 этии #

Нууччалыы Брать во внимание всё подряд, ничего не пропуская

  • Сыыс (сыыска) түһэримэ - 1) тугу да хаалларбакка, барытын болҕомтоҕо ыл, наадалааҕынан аах Ийэлээх балта кини хас биирдии хамсаныытын таптыыр харахтарынан сыыс түһэрбэккэ одуулаһаллар.
    С. Никифоров
  • Нуучча, саха, дьүкээгир оҕолоро кэчигирэспиттэр. Кинилэр учууталлара Татьяна Васильевна кэпсээниттэн биир да тылы сыыска түһэрбэккэ истэн олороллорун көрүөххэ олус бэрдэ.
    ББ
  • Биһиэхэ тыа оҕолоро саха суруйааччыларын кинигэлэрин сыыска түһэрбэттэр. "ХС"; 2) түргэнник ылын, тутатына өйдөөн, иҥэринэн ис. Θ Схватывать быстро, налету, понимать с полуслова. Ылыныгас баҕайы уолчаан, тугу да сыыс түһэрбэт.
    Э. Соколов
Өссө холобурдар (7)
  • Тиэхээс сэрии туһунан уруккуттан даҕаны элбэҕи билэр-көрөр киһи быһыытынан учууталлара, истээччилэрэ тугу кэпсииллэрин сыыс түһэрбэккэ өйдүүрэ.
    ХС
  • Сыыска-буорга түһэримэ - сыыс (сыыска) түһэримэ диэн курдук. Итини сыыска-буорга түһэрбэккэ иһиллээн олорбут Владимир Лукич олорор миэстэтиттэн туран кэллэ.
    Г. Колесов
  • Сутурукуоп сыыска-буорга түһэрбэккэ истэр, субу-субу тоҥхох гынан сэргиир.
    У. Нуолур
  • Саха дьоно биһиги айымньыларбытын сыыска-буорга түһэрбэккэ умсугуйан ааҕаллара олус үөрүүлээх.
    ХС
  • Харахтан сыыһы ылбыттыы (ылбыт курдук) - дөбөҥнүк, чэпчэкитик (ыарыы ааһарын туһунан). Θ Как рукой сняло (обычно о болезни, недомогании). [Акаары Мэхээс:] Оннооҕор былырыын мин саадьаҥ сыатын сиэн баран испинэн таарымталаммыппын соҕотохто, харахтан сыыһы ылбыт курдук, абыраабыта.
    Эрилик Эристиин
  • Сылайбыппыт, сүрэҕэлдьээбиппит харахтан сыыһы ылбыттыы мэлийэр.
    ХС
  • Хааным баттааһына үрдээн эрэйдиирэ. Онтукайым манна, харахтан сыыһы ылбыттыы ааһан хаалла. "ХС"

7 этии #

Нууччалыы Лишнее слово, которое используется многократно без определённого значения

Этиилэр

Сыыс от көр от

  • Оҕолор оҕуруокка кимтэн да итэҕэһэ суох уу кутуохтарын, кирээдэ көмүөхтэрин, сыыс от үргүөхтэрин, үүнүүнү хомуйуохтарын сөп. Дьиэ к. Сыыс оттор культурнай үүнээйилэри сабардыыллар, -- инньэ гынан үүнүүнү лаппа намтаталлар. ИИК СОХТ. Сүбүөкүлэ плантациятыгар сүбүөкүлэ үүнэр кэмигэр хаһан даҕаны сыыс от суох буолуохтаах. ХКА. Сыыс тыл - кэпсэтии тылыгар чопчу суолтата суох, мэнээк туттуллар тыл Бу үүнүү курдук тэҥ, ситэ Ыраас, сыыһа суох тыллаах Ленам дьиҥнээх да поэта Буолуом ыраах быһыылаах. Дьуон Дьаҥылы. Үлэһиттэри, биригэдьиирдэри кытта кэпсэтэригэр -- сыыс тыла суох сааһылаан, лоп-бааччы саҥарар.
    А. Фёдоров
  • Сахалыы кэпсэтиигэ нууччалыы сыыс тыллары үгүстүк кыбытыы баар буолар.
    СТЫМ
III

8 #

харыс. т. Ыт (булт кэмигэр)

Нууччалыы Собака (во время охоты)

«С» буукуба