Перевод с якутского
аһар
туохтуур
Нууччалыы увернуться, уклониться, отклониться от чего-л
English to let through, to let pass
Ис хоһооно · 5
1 туохтуур #
Халбарыйан биэр, таптарыма
Нууччалыы Увернуться, уклониться, отклониться от чего-л
Мэник Мэнигийээн тайаҕын мүһэтинэн быраҕан саайар. Анарааҥҥыта аһаран биэрэр.
Суорун ОмоллоонБэрт Хара иҥиннэрбэккэ кымыһы иһэ олордоҕуна, Дыгын баай бэйэтэ сытыы кылыһынан сырбатар да, Бэрт Хара аһаран биэрэр. Саха фольк Саргылаана халбарыс гынан аһаран биэрэбин диэн олоппоһуттан охто сыста. Софр Данилов
2 туохтуур #
көр атаар
3 туохтуур #
Мин бэйэм даҕаны Сөдүөрэни көрбөккө аҕыйах хонугу аһарарбын тулуйбат буолан хаалбытым. Эрилик Эристиин. Уолаттар уһун түүнү быһа күө-дьаа кэпсэтэн, тустан хадьыктаһан, сырсан битигирэһэн аһарбыттара. И. Федосеев
4 туохтуур #
Урут ситиһиллибиттээҕэр үчүгэй түмүгү көрдөр, тугу эмэ куоһара оҥор, толор
Нууччалыы Показывать результат, превосходящий ранее достигнутый, превышать установленную норму
Үлэҕэ турууга Өкүүчэ бастаата Бүгүҥҥү нуорматын Үс төгүл аһарда. Саха нар. ыр. III. [Баанньа] ууруллубут туоһу лаппа аһарыа эбит да, дубук чугуулаан, кыратык аһарда В. Чиряев
5 этии #
Нууччалыы Сильно избить или обидеть кого-л. до потери человеческого облика
Киһи аатыттан аһар - кими эмэ киһи дьүһүнүн сүтэрэр гына улаханнык кырбаа эбэтэр атаҕастаа Отчут уол түбэһэ кэлбэтэҕэ буоллар, Уйбаан Маайатын букатын киһи аатыттан аһарыа эбит. А. Софронов “Манна сырыттаххытына тойоҥҥут эмиэ киһи аатыттан аһарыа”, - диэн айан киһитэ, сүбэлии-сүбэлии, хара бытыгын ыырааҕын быыһынан туора-маары сыыйынна. Эрилик Эристиин Уйбаан Дуруһаалап этэригэр дылы, Микииппэрэп кинээс баайынан абылаан, умса сөрөөн, киһи аатыттан аһарда. М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
Кулгааҕын таһынан (уһугунан) аһар - аахайыма, суолта биэримэ, болҕомтоҕун уурума. Θ Не принимать во внимание, не реагировать, пропускать мимо ушей. Киһитэ этэрин букатын итэҕэйбэтэр да, Оҕотоойоп итини барытын кулгааҕын таһынан аһарда. Софр. Данилов. Катерина Павловна, итини барытын иһиттэ гынан баран, болҕомтотун уурбакка, кулгааҕын таһынан аһаран кэбистэ. Н. Лугинов