ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

көҥүллээ

туохтуур

Нууччалыы позволять, разрешать (делать что-л.), давать возможность кому-л. делать что-л

English to allow

1 туохтуур #

Тугу эмэ гынарга, оҥорорго көҥүллэ, кыахта биэр

Нууччалыы Позволять, разрешать (делать что-л.), давать возможность кому-л. делать что-л

  • Эһиги миэхэ, баһаалыста, көҥүллээҥ эмээхсиммин кытта сүбэлэһиэхпин.
    Н. Неустроев
  • Тулаайах буолан хаалбыппын бэйэҥ бэркэ билэ сылдьар инигин, куоракка киирэрбин көҥүллээ.
    С. Ефремов
  • - Кинээс, миэхэ тылла көҥүллээ!
    М. Доҕордуурап

2 туохтуур #

Көҥүл ыыт, көҥүлгэ таһаар (хол., хаайыылааҕы)

Нууччалыы Давать свободу, выпускать на свободу, освобождать

  • Бу дьахтар буруйа суох буолла, быыһанна. Кинини көҥүллээҥ уонна били икки дьахтары киллэртээҥ!
    Эрилик Эристиин

«К» буукуба