Перевод с якутского
көҥүл
аат тыл, даҕааһын, сыһыат, кэнники тыл
Нууччалыы независимость, отсутствие стеснений и ограничений в общественно-политической жизни общества
English freedom
Ис хоһооно · 13
1 аат тыл #
Уопсастыбаҕа, уопсастыбаннай-политическай олоххо тутулуга суох буолуу
Нууччалыы Независимость, отсутствие стеснений и ограничений в общественно-политической жизни общества
Ол кэпсэтиилэртэн чахчы өйдөөбүтүм эрэ диэн баар: "Өрөбөлүүссүйэ чугаһаата, онон саха эдэр ыччата, көҥүл иннигэр мөккүһэр мөккүөргэ бэлэм буол", - диэн ыҥырбыттарын эрэ.
П. ОйуунускайБатталы утары өрө турарга, көҥүл иһин охсуһарга быһаччы ыҥырара. Софр Данилов Көҥүл олоҕу ыламмыт Көҥүлбүтүн тутуоҕуҥ! Саха фольк
Өссө холобурдар (6)
Ол суруктар көҥүл норуот эйэлээх олоҕун аймаабыт фашистарга өһөгөйдөөх өһүүнэн, сэбиэскэй норуот кыайыытыгар энчирээбэт эрэлинэн тыыналлар. Софр. Данилов. Саҥа дьоллоох, көҥүл олох иһин охсуһуу саҕана -- баайдар-тойоттор саа уоһугар миигин туруора сылдьыбыттарын өйдүүбүн С. Ефремов Көҥүл үөхтэриэм суоҕа. Амма Аччыгыйа Эйэлээх үлэ көҥүл күүрэр Өрөгөйдөөх күннэригэр -- Ийэ дойдуга биэрэрбит Аан дархан андаҕары. А. Бэрияк Кыһыл этэрээтин хамандыыра Халлааскы -- ячейка сэкирэтээрэ Попов буолан сүбэлэһэн, билиэн бэриммит бандьыыт саллааттарын баппыыска сурук ыла-ыла көҥүл ыыталыыллар И. Бочкарев Бу сүөһүбүт көҥүскэ киллэрэн ыһан да кэбистэҕинэ көҥүлэ сүөһү, - Мэхээлэ ыстанан кэбиһээри өрө чиччигинии турар атын көнтөһүн харбыыр. Амма Аччыгыйа - Сибилигин да киирэн кэллэҕинэ көҥүлэ. Софр. Данилов. Медпууҥҥа сылдьан көрдөрбүт, соччо улахана суох үһү. - Ким билэр, улаханнык да үлүппүт буоллаҕына көҥүлэ М. Доҕордуурап
2 аат тыл #
Уопсайынан кыһарыйыы, хааччахтааһын суох буолуута
Нууччалыы Личная свобода, отсутствие всяких ограничений, стеснений в чем-л
Эн, Сергей, үчүгэй киһи эрээригин, биир муодалааххын ээ - киһи көҥүлүн, туой, тууйа сатыыр идэлээххин эбит В. Яковлев Күлүмүрдэс дьүһүннээх, Көхсөөх сүрэхтээх, Көҥүл өйдөөх -- Көмүстээхэй доҕоччугуом!
Өксөкүлээх ӨлөксөйКүөххэ устар күнүм курдук, Көҥүл көтөр күндү туллук, Сыыдам сырыы кынаттаргын Сырдык диэки салайбыккын Эллэй
Өссө холобурдар (6)
Тустууга көҥүл айбардаан бастаата. Таҥастыын-саптыын син сэттэ уонча киилэлээх оҕонньор буолуом этэ эбээт. Ону кини көҥүл тутар-хабар Амма Аччыгыйа Тойон тугу туойара көҥүлэ (өс ном.). Онно ким даҕаны хамнаһын бачча диэн догубуордаспат, барытын бэйэтэ сөбүлүүрүнэн биэрэригэр-биэрбэтигэр көҥүлэ үһү. Саха фольк Үбү мин бэйэм сырабынан булбутум уонна бэйэм хайа баҕарар туттарбар көҥүлүм. Эрилик Эристиин Дьиэҕэ Чыычаах [оҕо аата] соҕотоҕун көрүлүүр үгэстээх: ыллыырыгар көҥүл, ытыырыгар көҥүл.
КүндэСр. тюрк. көҥүл ‘сердце’
3 аат тыл #
Хаайыыттан тахсыбыт киһи туруга
Нууччалыы Освобождение (из мест заключения)
Көҥүлгэ тахсыбыт Көмүс остуол көҥүлүнэн оҥоһуллар үһү (тааб.: күөл тоҥоро). Хотугу тумус тыа анныгар баар кумахтаах элгээн үрдүгэр кирпииччэ үктээтим уонна сайылык бэтэрээ өттүгэр, биир сири бэйэм көҥүлбүнэн талан ылан, иин хастан ытыыстаан кэбистим. Эрилик Эристиин Үллэр үс үөһэ, үрүҥ күнү утары көрдөххө, үрүлүйэн тохтон, көҥүлүнэн сүүрүгүрэн түһэр эбээт Өлүөнэ өрүһүм
Суорун Омоллоон
4 аат тыл #
Тугу эмэ гынарга (хол., бултуурга) быраабы биэрэр докумуон; тугу эмэ гынарга быраап биэрии
Нууччалыы Документ, удостоверяющий право на совершение чего-л.; разрешение
Холкуос бырабылыанньата уон тайаҕы бултуурга көҥүл ылбыта. С. Никифоров Эн дьиэ туттаҕын, онон Сатыровтан маска көҥүллэ көрдөө дииллэр. И. Федосеев Били Солко [киһи аата] түөкүн көҥүлэ суох бөөлүүн куораттаан хаалбыт. С. Ефремов
Өссө холобурдар (1)
Дьуһуурунай генералга бэйэтэ тиийиэҕин, - салалтаттан көҥүлэ суох. Л. Толстой (тылб.)
5 даҕааһын #
Баттабыла суох, кыһарыйыыта суох
Нууччалыы Не знающий угнетения, стеснений, протекающий в условиях отсутствия угнетения, насилия; свободный
6 даҕааһын #
Кимтэн да тутулуга суох
Нууччалыы Вольный, независимый
7 сыһыат #
Туох да хааччаҕа суох; туох да мэһэйэ суох
Нууччалыы Беспрепятственно, свободно
8 сыһыат #
Чэпчэкитик, улаханнык соруммакка, күүһүн-күдэҕин бараабакка
Нууччалыы Легко, словно играючи; без видимых усилий
9 сыһыат #
Туттуу түһүк форматыгар: талбытынан хайдах саныырынан; кимтэн да тутулуга суох, дьаалатынан
Нууччалыы В форме орудного падежа: свободно, как желает; самотеком, стихийно
10 кэнники тыл #
Баҕар, оннук буолуон сөп
Нууччалыы Возможно, может быть, может
11 кэнники тыл #
Тугу баҕарар гынара талбыта
Нууччалыы Волен (делать что угодно)
12 этии #
Нууччалыы Остров свободы (о социалистическом государстве Куба)
Этиилэр
Көҥүл арыыта
истор. - муора арыытыгар баар Куба судаарыстыбата Арҕаа полушариеҕа соҕотох социалистическай судаарыстыба буолбутун ойуулаан ааттааһын Көҥүл арыытын [Кубаны итинник уобарастаан ааттыыллар] холобура Америка норуоттарын тутулуга суох буолар иһин охсуһууга күүрдэр. КВА МГ. Көҥүл көнтөһүн тут - туохха да наадыйбакка, кыһаллыбакка көҥүл сырыт, көҥүл бар.
Жить свободно, вольно, без нужды и забот (букв. держать поводья свободы).
Күнүһүн аһыы-аһыылар Көҥүл көнтөһүн туталлар. Күннүк Уурастыырап Көҥүл көппүт киһи кэпс. - кимтэн да тутулуга суох киһи, бэйэтэ санаабытынан сылдьар киһи. соотв. вольный казак. Көҥүл көрүлээн (олор) кэпс. - талбыккынан айбардаан (олор). Привольно, вольготно (жить). Бүүкээнниир Ыаһах -- кыайан-хотон, үөрэн-көтөн, байан-тайан, көҥүл көрүлээн олорбута үһү. Саха фольк
Өссө холобурдар (5)
Бэйэтэ тугу таптыырынан, тугу саныырынан көҥүл көрүлээн олорбута үһү. Саха фольк Көҥүл көт - туох эмэ хааччахтан, кыһарыйыыттан босхолонон, батталтан төлө көтөн көҥүл бар. Быть свободным; стать вольным, независимым (букв. свободно летать). Кэрэтиэн, кытаанах муҥнары ааспыттар, Кытарбыт тимири үрдүнэн хаампыттар - Билигин үрүҥ күн сырдыгын көрбүппүт, Күөх хочо күөнүгэр бу көҥүл көппүппүт. С. Васильев "Баһыыба, дьэ көҥүл көттөҕүм!" - Охоноон үөрүүтүттэн сирэйэ итий-итий гыммахтаата. ХС Көҥүл тыын - туох эмэ түбүктэн, эбээһинэстэн босхолонон уоскуй, чэпчээ, һуу гын. Вздохнуть свободно, почувствовать облегчение (обычно освободившись от забот, обязанностей). Үөрэхпин бүтэрэн дьэ көҥүл тыынным. НАГ ЯРФС I. Көҥүл ыыт - ылыныллыбыт бэрээдэги, сиэри таһынан быһыыланары тохтотума, хааччахтаама. Ослабив требовательность, сделать кого-л. своевольным, плохо повинующимся, распустить кого-л. Олус эрдэ биһиги кинини куоттарбыппыт. Онуоха эбии бэрт былдьаһар куһаҕан саҥнаах сорох дьоннору олус көҥүл ыытан, кини этин-хаанын алдьаттарбыт, айымньытын сарбыттарбыт эбиппит.
Суорун ОмоллоонКөҥүлэ көҥүллэҕэр кэпс. - бэйэтин көҥүлэ (тугу гынара), бэйэтэ биллин (тугу гынарын). Пусть сам решит (что делать); он волен делать что-л. по своему усмотрению
13 этии #
Нууччалыы Проходная пешка
Этиилэр
Көҥүл ситим көр ситим
Көҥүл ситимҥэ өйдөбүллэринэн сөп түбэһэр эрэ тыллар ситимнэһэллэр. СЛСПҮО. Саха учуонайдара сомоҕо домох көҥүл ситимтэн уратытын таарыйан суруйбуттарын ахтыахха сөп. СЛСПҮО. Көҥүл сурук - ким эмэ тугу эмэ гынарыгар быраап биэрэр докумуон.
Разрешение, удостоверяющее право на совершение чего-л.
Оҕонньор мас кэрдэргэ көҥүл суругун хаста да төхтүрүйэн аахпыта. И. Федосеев Ийэм нэһилиэк сэбиэтигэр баран, кучуну, эрбэһини оттуурга көҥүл сурук аҕалла. ХС
Көҥүл тиэмэ көр тиэмэ
[А. Е. Кулаковскай] сороҕор бэйэтин хоһооннорун ааҕара уонна биһиэхэ көҥүл тиэмэҕэ хоһоон суруйтаран көрөрө.
Суорун Омоллоон
Көҥүл тустуу көр тустуу
Көҥүл тустуу - саха да, монгуол да ис сүрэҕиттэн ылларбыт оонньуута. И. Федосеев Биһиэхэ спорт көрүҥүн быһыытынан көҥүл тустуу эмискэ киирэн киэҥ сайдыыны ылбыта. "Кыым".
Көҥүл тылбаас көр тылбаас
Көҥүл хамсаныылар (толоруулар) спорт. - гимнастикаҕа: туох да көмө тээбиринэ суох хамсаныылары оҥоруу.
Вольные упражнения.
Художественнай гимнастика олус уустук көрүҥ: многоборье биэс көрүҥэ - лиэнтэнэн, булаванан, мээчигинэн, скакалканан эрчиллиилэр уонна көҥүл толоруулар киирэллэр. "Кыым".
Көҥүл хоһоон көр хоһоон
Көҥүл хоһоон форматын сайыннарыы, байытан иһии түмүгэр бэртээхэй айымньылар суруллубуттара, суруллаллар даҕаны. СГС ӨСҮДь. "Саллаат" - биэстэн уон биэскэ диэри сүһүөхтээх алталыы строкалаах строфалартан тутуллубут көҥүл хоһоон. КНЗ ТС. Куобах көҥүлэ - күһүн саҕаланан баран кыһын бүтүөр диэри куобаҕы бултуурга көҥүллээх кэм.
Официально разрешенный период охоты на зайцев (обычно с октября по март месяцы).
Үлүмнэһэн, кус оҕото көтүөр тиийбэккэ, куобах көҥүлүн көһүппэккэ быраканьыардаан быһа сытыйабыт. ХС Кус көҥүлэ - саас уонна күһүн кустуурга көҥүллээх кэм. Официально разрешенный период охоты на уток (определенные сроки весной и осенью). Күө-дьаатык көбдьүөрүһэ Ону-маны кэпсэттибит, Бүгүн кус көҥүлэ, Бултан эмиэ мэлийдэхпит. Урсун