ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

көҥү

сыһыат

Нууччалыы разрушительно, вдребезги

Ис хоһооно · 9

1 #

сыһ

  • Онуоха аҥаар ойоҕоһо көҥү баран, иһэ-үөһэ курдары көстө сылдьар муус-маҥан куобах соһуллаҥнаан тахсан кэллэ.
    Р. Кулаковскай
  • Ахсынньы 28 күнэ буолар түүнүгэр түрмэ эркинэ көҥү тэптэриллибитэ. СССБТ. Жандармнар кинини сииктээх карцерга быраҕаллара, тыҥатын көҥү охсубуттара, эдэр сааһыгар сөтөл буоларыгар тиэрдибиттэрэ
    ХС

2 #

Көтүрү барыар диэри, хоҥнуор диэри

Нууччалыы Разрушительно, вдребезги, на мелкие кусочки, вдрызг

3 #

Дьөлө, курдаттыы; тобулу

Нууччалыы Насквозь, на всю толщу чего-л. (проломить, разрушить). [Хаппыт Суруксут:] Һуу!

  • Бу эркини көҥү охсубут киһи... Тыыным хаайылынна...
    Күндэ
  • Көрдүгэн Хаарыан кырыс сири күл оҥорон, Күөл онно буолуор диэри көҥү сиир.
    М. Тимофеев
  • Эһэ Төҥүргэс төбөтүгэр Өллө көхсүн көҥү түһэн
    Баал Хабырыыс

4 #

Хайа солоон

Нууччалыы Рассекая, раскалывая

  • Теплоход -- муора уутун көҥү тэлэн, Ионическай муора ыраас урсунунан устан иһэр.
    Н. Якутскай
  • Илья, сааскы уу көҥү охсон түспүт аппатын кыйа тахсан иһэн, күөх от быыһыгар туох эрэ хамсыыр баарын көрдө
    И. Егоров

5 #

Тугу да ордорбокко, бүүс-бүтүннүү

Нууччалыы Все, начисто, без остатка

  • Ийэ оҕотун -- көлөһүнүн көҥү сууйан кэбистэ. ПЭК ОНЛЯ V. Уол күтүр өстөөх Уоҕа харыар диэри, Ийэтин имин хаана Иһирдьэ тардыллыар диэри Көхсүн хааннары көҥү оборон ылла.
    П. Ойуунускай
  • Сарсын икки оҕуһунан маһы соҕотохто көҥү тиэйээри, биллэҕим Мииппээн оҕуһун баран көрдөһө сырыттым.
    Суорун Омоллоон
  • Күр баайбытын Көҥү үүрэн, Күрүөх дьоммутун хомуйан, -- Үтүө урууну төлкөлөөрү Кэлбиппит баара
    С. Зверев

6 #

Күөнтүү, сабардыы (үт, үтүрүй)

Нууччалыы Занимая все пространство, не давая никому проходу. [Өлүөнэ] Күлүмэх үгүс Көмүөл мууһу Күүстээх күөммүнэн Көҥү үтүрүйэн киллэрдим

  • Харгыстааҕым үрэҕэ аатын быдан таһыйан, -- Күүстээх модун көмүөлүн Күөннэринэн көҥү үтэн, Улуу Амма хотуҥҥа Урусхаллаан уһаардаа?!
    Күннүк Уурастыырап
  • Өстөөх күтүр тааҥката Көҥү ааллаан иһэр эбит!
    А. Бэрияк

7 #

Тоҕо-хоро

Нууччалыы В большом количестве, обильно

  • Көлөһүммүн көҥү тоҕоммун -- Күрүөх баайы байбатым, Күрүөлээх сүөһүнү ииппэтим. Саха нар. ыр. II. Көмүс сабын субуйбахтыы Көҥү ардаата күөх сайын.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Күкүр тайҕа Күөгэс гынан, Көмнөх хаарын Көҥү ыһан, Күн диэки Күөгэйэ үүммүтэ
    С. Васильев

8 этии #

Нууччалыы Гурьбой, толпой; стадом

Этиилэр

Көлөһүнэ көҥү түстэ көр көлөһүн

  • Алаһабыт итийдэ, Көҥү түһэр көлөһүн, Күһүн бурдук, от буолан, Көстө тиллэн кэлбитэ. ПИ КТ. Көҥү анньан - элбэх буолан, күргүөмүнэн Сайылык сүөһүтэ бүтүннүү көҥү анньан кэлэннэр, дэлби аалынан, сиҥнэрэн кэбиһэллэр [күрүөнү].
    Суорун Омоллоон
  • Түрмэ олбуорун аана тэлэллэрин аҕай кытта, босхоломмут хаайыылаахтар -- көҥү анньан уулуссаҕа кутулла түстүлэр. В. Протодьяконов

9 этии #

Нууччалыы Разрушить препятствие, пробить, прорвать (о стремительном течении реки)

  • Көҥү ас - 1) туох эмэ мэһэйи төлө көт, тоҕо солоо (хол., үрэх сүүрүгэ) Хорунжий, казактардыын көмөлөөн, хассыыр хоһун аанын бэрт эрэйинэн көҥү анньан киирэллэр.
    Н. Якутскай
  • Быһыт буора ууну кытта тэҥнэһэн эрдэҕинэ, хаайтарбыт уу эмискэ аннынан көҥү анньан, сүр күүстээхтик барылыы түстэ. А. Федоров; 2) ким эмэ утарсыытын, көмүскэлин тоҕо көт. Θ Пробиться, пройти насквозь, сломив сопротивление противника, прорвать, прорваться. Гитлеровецтар сорунуулаах улахан утарсыыны оҥоро сатаабыттарын үрдүнэн, биһиги сэриилэрбит боруон кирбиитин көҥү аспыттара.
    И. Никифоров
  • От ыйын саҕаланыытыгар японскай-маньчжурскай сэриилэр эмиэ көҥү анньан киирбиттэрэ.
    И. Федосеев
Өссө холобурдар (10)
  • Көҥү көт - 1) туох эмэ мэһэйи алдьатан аһаҕастаах, хайаҕастаах оҥор. Θ Пробить, проломить. Уу кэлбитэ күүһүрбүккэ дылы. Көҥү көтөн тахсар сири көрдөөбүттүү долгун быһыкка кэлэн сабыта охсуталыыр.
    М. Доҕордуурап
  • Уонча сылгы, ону мин таһаартаан бараммын [күрүө иһиттэн], көҥү көппүт сирдэрин абырахтаан кэбистим. А. Бэрияк; 2) байыан. өстөөх бөҕөргөтүүтүн тоҕо көт. Θ Прорвать линию обороны противника. Соҕурууҥҥу туһаайыынан боруону көҥү көтөн өстөөх Кавказ тэллэхтэригэр тиийбитэ.
    В. Протодьяконов
  • Туох баар күүһүнэн тоһууру көҥү көтөн тахсар иһин дьулуспута.
    А. Сыромятникова
  • Көҥү көтүү байыан. - өстөөх бөҕөргөтүүтүн тоҕо көтөн киирии. Θ Прорыв линии обороны противника. Биһиги батальоммутун, учаастактан учаастакка, ханна көҥү көтүү оҥоһуллара былааннанар да - онно ыытар буолан испиттэрэ.
    И. Сосин
  • Көҥү сытый - таҥаһыҥ курдаттыы инчэйэн, ньылбы сытый. Θ Промокнуть насквозь, целиком. Долгуннаах муора кытыытыгар Тулаайах туран хаалбыппын. Күүстээх самыыр ахсымыгар Көҥү сытыйан барбыппын.
    ХС
  • Көҥү тарт - тугу эмэ онно оҥойон хаалар гына тоҕо тардан ыл. Θ Вырвать с мясом. Сонун сиэбин көҥү тардан ылан суулуу-суулуу дьабаа иһигэр симитэлээтэ.
    С. Васильев
  • Көҥү түс - 1) эмискэ, элбэхтик түһэн хаал, тоҕо түс (ууну, убаҕаһы этэргэ). Θ Резко, в большом количестве провалиться, разлиться, пролиться (о водоеме, жидкости). Тыынан балыктыы сылдьан көрдөххө түгэҕэ дьарата, оруобунайа бэрт буоллаҕа ээ [күөл]. Хорор буоллар, уута чэ соҕотохто көҥү түһээри турар.
    Күндэ
  • Хаан эрэ куттахха сатаныыһы, хаана көҥү түһэн хаалбыт. А. Федоров; 2) эрчимнээхтик, тоҕо-хоро түһэн тугу эмэ гын. Θ Энергично, с резким усилием, рывком, напором делать что-л. Күүрэн, кимэн, Көҕүтүһэн, Күн-түүн эбэн, Көҥү түһэн Үлэлиэҕиҥ, ыччаттар! Дьуон Дьаҥылы. Амсайар киһи, мөҕүллүмээри, Араас албаһы булунар, - Көҥү түһэн көрүлээри, "Көҥүлү" биэрэр ойоҕор.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Көҥү тэп - 1) туох эмэ хатанан турары атаххынан тэбэн алдьата ас (үксүн ааны этэргэ). Θ Выбить, проломить пинком (напр., дверь). [Хаайыылаах:] Мин бу ааны көҥү тэбиэм, эһиги сырсан тахсан харабыллар үрдүлэригэр түһүҥ уонна куотан хаалыахпыт. С. Ефремов; 2) туох эмэ кытаанахха дьөлө түһэн үлтүрүт. Θ Падая на что-л. твердое, разбить вдребезги. Өрүскэ сэнэрээт түһэн мууһу көҥү тэппитэ - сороҕо өссө да күдэннирэ сытар.
    Д. Кустуров
  • Тугу көҥү көтүөхпүнүй (көтүөххүнүй, көтүөҕэй) - аны кэлэн тугу да кыайбаппын, эдэр, доруобай киһи курдук кыайан үлэлээбэппин диэн этии (үксүгэр ыарыһах эбэтэр кырдьаҕас киһи туһунан). Θ Нет возможности (по возрасту, состоянию здоровья) решиться на что-л. серьезное, значительное. Билигин мин тугу гыныамый, -- тугу көҥү көтүөхпүнүй?
    КН ТДЬ

«К» буукуба