Перевод с якутского
босхолоо
туохтуур
Нууччалыы освобождать кого-что-л. от пут, от крепления или от того, что задерживает, препятствует
Ис хоһооно · 8
1 туохтуур #
Тугу эмэ кэлгиэтиттэн, бохсуутуттан араар эбэтэр хаайтарбыты таһаар
Нууччалыы Освобождать кого-что-л. от пут, от крепления или от того, что задерживает, препятствует
Үрүҥ Уоланы кэлгиэтин төлүтэ тарта, илиитин-атаҕын босхолоон кэбистэ.
П. ОйуунускайТүһээри иҥэһэтиттэн уҥа атаҕын босхолоон өрө көтөҕөн иһэн тохтоото. Амма Аччыгыйа Киһи эбээт - Буор сир буомнарын бурайан, Бохсуллубут күүстэри босхолообут, Аан дойду Албастарын баһылаан, Айылҕа хаҥылларын айааһаабыт С. Васильев
2 туохтуур #
Киһи хаайыыга, тутуурга сылдьарын уурат, көҥүл ыыт
Нууччалыы Освобождать человека из заключения или снять с него установленные ограничения
Хаайыылааҕы босхолоо. Ол курдук Сибииргэ хаатырга үлэтигэр сылдьар, хаайыыга олорор политическай буруйдаахтары босхолуур, күрэтэр быһаччы сорудаҕы туруорбут. П. Филиппов [Аҕабыыт] Микиитэни, окумалыттан өрө көтөҕөн кылааска киллэрэн, саамай түгэх муннукка анньан кэбистэ. Кини буруйдаабыт оҕотун бэйэтэ киирэн босхолообот буоллаҕына, төһөнөн босхолонорун күннээҕи дьуһуурунайга этэн тахсар буолара. Бу сырыыга_ _ тугу да саҥарбакка эрэ силикиччийэн хаалла Амма Аччыгыйа
3 туохтуур #
Батталы самнаран, дьоҥҥо көҥүлү туттар; батталтан быыһаа
Нууччалыы Освобождать кого-что-л. от угнетения, предоставлять кому-чему-л. свободу
Үлэ дьонун көлөһүннээһинтэн босхолоо. Арай социал-демократтар эрэ оробуочай кылааһы, бааһынай аймаҕы босхолуур дьиҥнээх революционнай суолга туруналлар И. Федосеев Туох эмэ кыһалҕаттан, эрэйтэн быыһаа. Θ Избавлять кого-что-л. от какой-л. тяжкой заботы, мучения, мук. Дойдубутун-сирбитин Соргу-дьаалы тунуйуоҕа, Дьоммутун-сэргэбитин Сортон-муҥтан босхолуоҕа Эллэй
4 туохтуур #
Киһини туох эмэ үлэттэн уурат эбэтэр киниттэн тугу эмэ ирдиири тохтот
Нууччалыы Освобождать кого-что-л. от какой-л. работы, от каких-л. обязанностей
Педагогическай үлэҕэ бары өттүнэн сөбө суохпунан_ _ миигин түргэнник босхолуу охсоргутугар көрдөһөбүн.
Н. Лугинов“Оҕолоор, хаһыатта ааҕыҥ, Мэйиҥ, бу баар саҥа “Кыым”, - Аармыйаттан босхолуур уурааҕы Ааҕар уус уола Акыым. Баал Хабырыыс [Сэбиэскэй право] сокуону билбэт диэн киһини сокуону кэспитин иһин эппиэккэ тардартан босхолообот СГПТ
Өссө холобурдар (1)
Киһи тугу эмэ кыһалҕа оҥосторун, тутуһарын наадата суоҕунан аах. Θ Избавлять кого-что-л. от соблюдения чего-л. (напр., каких-л. принципов, норм), объявляя это излишним. “Киһини самнары баттыыр суобас диэн ааттаах дьаллыктан киһини мин босхолуубун”, - диир Гитлер Амма Аччыгыйа
5 туохтуур #
Тугу эмэ иллэҥнээ (хол., иһити сүөкээн, тугу эмэ сайылаан)
Нууччалыы Освобождать, делать свободным что-л. для чего-л. (напр., какое-л. вместилище, комнату и т. п.)
Иһити босхолоо. Чымадааны босхолоо. Эн уоппускаҥ көһөрүллэр, Дьиэҕин босхолоот ылаар.
А. ТвардовскайДириэктэр дуоһунаһын босхолуохпун сөп диэн буолбута В. Яковлев
Өссө холобурдар (1)
Киһини туохтан эмэ быыстыы түс, иллэҥнээ. Θ Дать возможность пользоваться свободным временем между делами. Бу оҕо киһини кыратык да босхолообот
6 туохтуур #
Өстөөх былдьаабыт сирин төннөр, өстөөхтөн былдьаа
Нууччалыы Освобождать захваченную неприятелем территорию
Түөрт уон тоҕус сыллааҕыта_ _ Центросибирь ыыппыт холбоһуктаах кыһыл гвардейскай этэрээтэ Дьокуускайы үрүҥнэртэн босхолообута П. Филиппов
7 туохтуур #
кин. Киһини эбэтэр тугу эмэ тугунан эмэ эрэйдиир, сүгүннээбэт киһиттэн (эбэтэр туохтан эмэ) быыһаа, араар
Нууччалыы Освобождать кого-что-л. от приставалы, нахала, притеснителя
Талбаны Лухаттан босхолуохха дии сатаан!... Ылыныахтара баара дуо! Амма Аччыгыйа
8 туохтуур #
кин. Киһи туохха эмэ мунан алҕас, сыыһа өйдүүрүн көннөрүнэригэр, сыыһарын ууратарыгар көмөлөс
Нууччалыы Помогать кому-л. избавиться от неверного представления в чем или о ком, о чем-л. или следования чему-л. неверному
Кинилэри өйдөтөн, бандьыыттар сабыдыалларыттан түргэнник босхолуу, дьоллоох саҥа олох ыллыгар киллэрэ охсуохха наада этэ Н. Заболоцкай