ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тамай

туохтуур

Нууччалыы помогать кому-л., поддерживать кого-л. финансами, едой

I

1 туохтуур #

, кэпс. Кыаммат-тиийиммэт киһиэхэ үбүнэн-аһынан көмөлөс, өйөө-убаа

Нууччалыы Помогать кому-л., поддерживать кого-л. финансами, едой

  • Убайдара тулаайахтарын кэлэ-бара тамайар.
  • [Суоппуйа] "Аҕаа, ханнаҕыный?" – диэхтиир буоллаҕа. Аҕа курдук аҕалаахха дылы, төһө тамайар
    ХС
II

2 туохтуур #

дьүһ. туохт. Уһун атахтаргын нарыннык, кэрэтик өрүтэ күөрэтэлээн, төбөҕүн хантаччы туттан чэпчэкитик атаралаан сиэл, сүүр

Нууччалыы Бежать легко, грациозно, изящно, высоко поднимая колени и откинув голову назад

  • Ыраах Эдьигээҥҥэ тамайа сиэлэр табаларынан тиийбитэ.
  • Мин ойон тура эккирээн көрбүтүм били мин мааҕын көрбүт табам барахсан, төбөтүн хантаччы быраҕан баран, чочуллубут курдук уп-уһун атахтарын онно-манна уурталаан, ойуур диэки айаннаан тамайан эрэр эбит.
    Н. Якутскай
  • Пааралыы көлүллүбүт аттар айан суолун устун сиэлэн тамайан эрэллэрэ тииттэр быыстарынан элэҥнээн көһүннэ.
    Болот Боотур
Өссө холобурдар (1)
  • Хабыыча, эһэни сууллараат, тайаҕы көрбүтэ, хайыы-үйэ быдан ыраатан, тамайа сиэлэн эрэрэ
    В. Протодьяконов

3 этии #

Нууччалыы Тяготеть к родне, чувствовать родственную связь с кем-л.; проявлять родственные чувства к кому-л

Этиилэр

Хаан (уруу) тамайар

уруургуу санаа, аймаҕырҕаа; урууҥ курдук санаан сылаастык сыһыаннас Былыр, сэрии саҕана, угунньабытын туора соһон, интэринээккэ бииргэ кыстаан, кыһыны туоруур буоларбыт дии.

  • Хаан тамайар ини.
    М. Тимофеев
  • [Бандьыыттар] Бу түөрт уолу туппуттар: "Хомуньуус аймахтаахтар, Хайаан да хаан тамайыахтаахтар, Биһи утары санаалаахтар!"
    Баал Хабырыыс

Арай көрдөһөҥҥүн

Куллука куурдар Кулут уол буолуоҥ буоллар -- Сыккырыыр дууһаҕын, Уруу тамайан, Ордоруом эбитэ дуу, Чэ, ээххин этэ оҕус!

  • С. Васильев

«Т» буукуба