ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

босхо

даҕааһын, сыһыат, аат тыл

Нууччалыы без закрепления, свободно или в свободном, недостаточном закреплении

English untied

Ис хоһооно · 14

1 сыһыат #

Тугунан да туттарыллыбакка, иҥиннэриллибэккэ эбэтэр көҥүл хамсыыр, холку гына туттарыллан

Нууччалыы Без закрепления, свободно или в свободном, недостаточном закреплении

  • Үөһээҥҥи бэрэбинэ босхо сытар, туттара иликпит.
  • Арай таһырдьа тымныы тыал босхо турар түннүк тааһын хамсатар тыаһа тырдыргыыр.
    Н. Якутскай
  • Сатанар буоллаҕына, босхо ыйанан турар гына баайдахха ордук буолуо этэ
    Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (3)
  • Бука диэн, аллара киирэн баран быаҕын ыһыктаайаҕын, онно таастарыҥ босхо буолуохтара.
    С. Ефремов
  • Босхо болуот мас курдук Уста сылдьар урсуна биллибэт, Нуучча киһи аалын курдук Айаннаан сылдьара биллибэт, Абыраллаах, аһыныылаах Аан ийэ дойду Бу курдук Айыллыбыт эбит.
    Саха фольк
  • Сарсыарда туран Дьячковскай оҕонньор_ _ аттарын ыҥыырдаспыта буола-буола, холуннарын босхо гына тардан биэрэн атаартаабыт уонна бэйэтэ, сыбыдах ат үрдүгэр түһэн, тыанан быһа Едлин этэрээтигэр тиийэн тыллаабыт
    Эрилик Эристиин

2 сыһыат #

Баайыллыбакка, тутуллубакка; баайбакка, көҥүл

Нууччалыы Не на привязи, на свободе; на свободЕ (о домашних животных)

  • Ыт босхо сылдьар.
  • Ыраас күөх хонууларга Аттар аһыы сылдьаллар. Отуу кэтэх өттүгэр Иитиэх эһэ босхо сытар.
    А. Пушкин
  • Хараанай эмээхсин ынаҕын хотонугар босхо ыытта.
    И. Гоголев
Өссө холобурдар (2)
  • “Этэҥҥэ сырыт! Аны маннык иэдээҥҥэ түбэһимэ!” - диэн алгыы-алгыы, үс доҕордуулар туртастарын босхо ыыппыттара
    И. Федосеев
  • Кыыс төрүт утарыласпата, илиитэ-атаҕа утуйбут киһи илиитинии босхолор
    И. Гоголев

3 сыһыат #

Ыараабакка чэпчэкитик, холкутук, аллаахтык (үксүгэр, соһон сыҕарытар тугу эмэ этэргэ)

Нууччалыы Без затруднений, без труда; легко, свободно (о скольжении, напр., саней, при передвижении)

  • Айаҥҥа үчүгэй буоллун диэн соруйан оҥорбут курдук хам тоҥон хаалбыт тааҥ үрдүнэн сыарҕалар босхо сүүрэн истилэр.
    Эрилик Эристиин
  • Эн хотууруҥ босхо сүүрэр, доҕор!
    Амма Аччыгыйа
  • Ордук түргэнник уонна холкутук (киһи хайа эмэ миэстэтин хамсааһынын этэргэ). Θ Без труда, с легкостью, свободно (о движении глаз и др. органов человека). Кини _ _ босхо сүүрэлээбит күөх харахтаах, курбуу курдук үрдүк уҥуохтаах, саха ийэтиттэн хаана суох нуучча киһи этэ.
    Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (5)
  • Кыыс сүр босхо баҕайытык баһын эргичиҥнэппитигэр баттаҕа_ _ саба түспүтүн ып-ыраас, сип-синньигэс тарбахтарынан сэрэнэн арыйан кэбистэ
    А. Софронов
  • Төбөтө мэкчиргэ төбөтүн курдук босхо.
  • Тос курдук дуоһунастаах киһи Чугаһыырын кытта: һи-һи-һи! - Утары сүүрэн тиийэн тута Уҥа илиитин ыга тутта. Эргичиҥнэс босхо моойдонно, Иэмэх имигэс тоноҕостонно
    Ф. Софронов
  • Тоҕо биһиги, айылҕаҕа тугу да эппэккэ, киниэхэ көмөлөспөккө, наар босхону хомуйабыт?
    Далан
  • Икки атахтаах бииһин ууһа_ _ үпкэ, барыска, босхоҕо умса түһэр
    Н. Павлов

4 даҕааһын #

Хаайыллыбакка (хаайбакка), тутуурга киирбэккэ (киллэрбэккэ; көҥүлгэ)

Нууччалыы Не в заключении, на свободе

  • Амурга өр босхо сырытыннарыа суохтарын сибикилээн, А. Наумов киин Россияҕа барар. Софр. Данилов. Балбаара эмээхсин, эн манна ол-бу буолума. Хата бэйэҕин даҕаны босхо сырытыннарарбытыгар үөрбэккин. Хаайтаран кэбиһиэм.
    С. Ефремов
  • Муннукка турдахтарына_ _ босхо сылдьааччылара килиэп аҕалан биэрэр
    Амма Аччыгыйа
  • Босхо эт. Босхо тумул. Босхо былыт

5 сыһыат #

Атыы эбэтэр хамнас, төлөбүр төлөөбөккө (ылбакка) эбэтэр наһаа кыраны төлөөн (ылан)

Нууччалыы Бесплатно, даром или за бесценок

  • Киһи наадыйара босхо көстүбэт.
  • [Дьаакып кинээс:] Эн дьадаҥыҥ, тугуҥ да суоҕа мин буруйум буолбатах. Акаарыны, миигин, тохто сытар үптээҕи-астааҕы булаҥҥын, босхо ылаҥҥын сиэри гыммыккын дии.
    А. Софронов
  • Никифоров кинээс бэйэтэ үлэлээн байбат, киһини босхо үлэлэтэн байар.
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (8)
  • Кини саас хаар хараара илигинэ сутаан охтоллоро буолбут сүөһүлэри буор босхо хомуйар
    Н. Якутскай
  • Туох эмэ атаҕастабылга хардатын биэрэн ситиспэккэ эбэтэр оннук атаҕастаан баран ол иэстэбилигэр түбэспэккэ; хардата суох, көҥүл. Θ Без ответа, без наказания, без отмщения (оставлять обиду с чьей-л. стороны); безнаказанно (наносить кому-л. обиду). Дьадаҥы сирэйэ аны босхо быстыбат буолбута.
    Амма Аччыгыйа
  • Бу дойдуга атаҕастанар да күннээх буоллахпына - көҥүлбүн, бырааппын босхо тэбистэриэм суоҕа, көмүскүүр сууту булуом,
    П. Ойуунускай
  • [Маайа:] Аҕам хаана босхо тохтуо суоҕа.
    С. Ефремов
  • Хайдах?! Оччоҕо балтыбытын босхо атаҕастатабыт дуо?
    Н. Лугинов
  • Үксүгэр аҥаар илиитигэр улахан бартыбыаллаах, босхо илиитинэн сайгылдьыччы дайбаталаан_ _ уулуссанан баран эрэрин эбэтэр мунньахтарга сылдьарын мин да түбэһэн көрүтэлиибин.
    Амма Аччыгыйа
  • Модьу атах модьугу Айан күүһүн харгыстыы Аҥаар босхо атаҕынан Ааһар тииттэн тардыспыт
    Т. Сметанин
  • Үлэҕэ эбэтэр туох эмэ улахан наадаҕа тутуллубат, бокуойдаах, иллэҥ. Θ Не занятый трудом или каким-л. делом, свободный (о времени). Олох-дьаһах диэн дьоннор олохторун саамай күннээҕи салаата. Онно киһи производственнай уонна общественнай үлэттэн босхо бириэмэтин барытын атаарар
    ДИМ

6 даҕааһын #

Туох да туттарыыта (тутуллара), баайыыта суох эбэтэр ситэтэ суох туттарыылаах

Нууччалыы Ничем не закрепленный, не связанный или недостаточно закрепленный

7 даҕааһын #

Көҥүл хамсыыр курдук күүһэ-сэниэтэ суох буолбут (киһи-сүөһү илиитин-атаҕын, төбөтүн этиллэр)

Нууччалыы Ставший свободным в результате утраты силы или расслабления (о конечностях и голове человека и животных)

8 даҕааһын #

Ордук түргэнник, имигэстик, холкутук хамсыыр (киһи хайа эмэ миэстэтин этэргэ)

Нууччалыы Способный с легкостью и быстро поворачиваться, двигаться (о голове, глазах и суставах человека)

9 даҕааһын #

Ханыыта, кэлимэ суох, быстах, ойдом

Нууччалыы Отделенный или отделившийся от основной массы, стоящий особняком; отдельный, обособленный

10 даҕааһын #

Туох да таһаҕаһа, үлэтэ суох, иллэҥ

Нууччалыы Ничем не нагруженный, не занятый, свободный

11 даҕааһын #

Атыыта, төлөбүрэ суох

Нууччалыы Производимый или используемый без оплаты затрат; даровой, бесплатный

  • Босхо аһылык. Босхо кэнсиэр.
  • [Хобороос:] Амсай, кыт аат. Хата босхо үүтү иһиэҥ.
    С. Ефремов
  • 1978 сыллаахха ГДР-га баран күүлэйдээн кэлэргэ босхо путевка анаммыта. ПДИ КК. Биллэн турар, кинээс тойон “иитиэх” уол оҥостубут буоллаҕына, ол тулаайах уол сордоох аны өлүөр диэри босхо хамначчыт буолар
    Н. Якутскай

12 аат тыл #

суолт. Атыыта, төлөбүрэ суох көстөр туох эмэ

Нууччалыы Даровая, бесплатная вещь. [Уйбаан:] Киһи босхото дьоло суох дииллэрэ кырдьык эбит

13 этии #

Нууччалыы Гулять совершенно свободно, беззаботно (о свободном от семейных забот молодом человеке, девушке: совершенно свободный (свободно). [Ыстапаан:] Мантан чугас Кумах Хаппытыан кинээс Куччугуй кыыһа Кулун босхо сылдьар

Этиилэр

Уҥуохтара босхо бардылар көр уҥуох

“Төһө эрэ итиинэн-тымныынан, уотунан-мууһунан хаарыйбахтыыр”, - диэн уҥуох уҥуохтара босхо бардылар, сатаатахха, сыҥаахтара бабыгырас буоллулар. П. Ойуунускай. Үөрүүбүттэн уҥуоҕум халыр босхо барда. Т. Сметанин. Кулун босхо сырыт кэпс. - дьиэ-уот көрүнүүтүн кыһалҕатыгар киирэ илик эдэр киһини, кыыһы этэргэ: туох да кыһалҕата түбүгэ суох олох көҥүл сырыт А. Софронов. Босхо бастаах фольк. - ырыаҕа-хоһооҥҥо үксүн бороҥ урааҥхай диэн ситимҥэ уларыйбат быһаарыы курдук туттуллар, киһини төбөтүнэн хамсанарын хоһуйан этэр ис хоһоонноох.

Постоянный фольклорный эпитет в основном к выражению

  • бороҥ урааҥхай, описывающий человека по движению головы: “со свободно вращающейся головой”. Боһоллоох дьыл обургу Босхо бастаах Бороҥ урааҥхайы Буор дьиэ анныгар Боҕутуннаран олорпута.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Босхо бастааҕынан, Бокуйар сүһүөхтээҕинэн, Сиик-туман тыыннааҕынан, Симэһиннээх эттээҕинэн Орто туруу дойдуну Олоҕун булларыахха диэннэр, Улуу күтүрдэр, Уот буурайдар Ууруу уурбуттар.
    П. Ойуунускай
Өссө холобурдар (1)
  • Босхо тыллаах (бэлэстээх) - тылын кыаммат мээнэ саҥалаах киһини тыла мээнэ хамсыыр диэн хоһуйан этии. О человеке с несдержанным языком, болтливом. Санаабытын саҥара сылдьар босхо соҕус тыллаах эдэр киһи репликаттан өһүргэммитэ буолла. Г. Нынныров

14 этии #

Босхону эрэ үрдүнэн - олус кыра сыанаҕа, олус чэпчэкитик Аара биир ат атаҕа суох буолбутун, хайдах да гынар кыаҕа суох буолан, босхону эрэ үрдүнэн атыылаабыта. А. Сыромятникова

Нууччалыы За очень низкую плату, за бесценок

«Б» буукуба