ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

уҥуох

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы кость.

English bone

Ис хоһооно · 10

1 аат тыл #

Киһи, сүөһү, кыыл этигэр-сиинигэр баар кытаанах үөскээһин, дьардьаматын тутула

Нууччалыы Кость. Күүдээх хомурҕанын уҥуоҕун чооруос тосту тоҥсуйбут. Амма Аччыгыйа. “Ити уҥуохтаргын, кинээс, бэйэҥ көмүллээ”,– Дьөгүөрүскэ уол хотуурун отунан эрийэн барда. М. Доҕордуурап. Ыстапааҥка уот иннигэр олорон сылгы уҥуоҕун тиниктиир, хаҥас ороҥҥо дьон утуйа сыталлар. А. Софронов

2 аат тыл #

Киһи өлүгүн кырамтата

Нууччалыы Останки; прах; тело (умершего); труп

  • Өлүөхсүт уҥуоҕа.
  • Таҥараһыт Ылдьаа эһэтин уҥуоҕун араҥастан түһэрэн, буорга көмнөрбүт.
    Л. Попов
  • Аан Арбай диэн ойуун үөскээн, удаҕан уҥуоҕун алгыс алҕаан, кэрэх анныгар көмпүтэ үһү диэн кэпсээн кырдьык буолан таҕыста.
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (4)
  • Былыргы дьон уҥуохтара, дьон оҥорбут маллара, дьиэлэрин онно ордубуттар
    КВА БАаДИ
  • “Кэпсэт, тэҥнэһиэхпит дуо?!” – диэтэ Сөдүөччүйэ, уҥуох тарбахтарынан иннэ үүтүгэр сабы угаары олорон.
    Амма Аччыгыйа
  • Бытыгырас мырчыгастаах хара сирэйдээх, уҥуох илиилээх, хатыҥыр, намыһах эмээхсини кытта Симон илии тутуһуннарда.
    Л. Попов
  • Оҕонньор уҥуох түөһүттэн бүүрэ харбаан ылла. “
    ХС

3 аат тыл #

Өлбүт киһи көмүллүбүт сирэ

Нууччалыы Могила. Алгыс ийэтин уҥуоҕун үрдүгэр сытар чугуун билиитэни харыстаабыттыы ытыһын тилэҕинэн имэрийбитэ. Б. Тобуруокап. Уҥуоҕун үрдүгэр тулаайах остуолба туруорбуттара. И. Сосин. Мин эһэм уҥуоҕар иэҕэйбит талах үүнэн арбаллан тахсыбыт этэ. В. Гаврильева

4 аат тыл #

Өлбүт киһи көмүллүбүт сиригэр оҥоһуллубут бэлиэ, чардаат, пааматынньык

Нууччалыы Надгробный памятник

  • Биһиги аҕабыт уҥуоҕар тиийэн кэлбиппит.
    Далан
  • [Дарыбыанаба] Катя уҥуоҕун тула хаамта, бытыгыраабыт сибэккилэри өҥөйтөлөөтө.
    Л. Попов
  • Көһүт, тиийиэм, эрэнэн кэбис. Уҥуоҕуҥ тулатын ыраастыам уонна от-мас олордуом
    И. Егоров

5 аат тыл #

Киһи-сүөһү турдаҕына үрдүгэ

Нууччалыы Размеры человека или животного в высоту, рост

  • Уҥуоҕунан орто киһи.
  • Бириискэҕэ бараллаата саастаах уолаттар бары киниттэн уҥуохтарынан улахаттар.
    Н. Якутскай
  • Күөн көрсөөччү кылгас модьу атахтардаах, уһун систээх, уҥуоҕунан намыһах хара маҥаас оҕус этэ.
    Далан
Өссө холобурдар (1)
  • Билигин уҥуохтарынан саамай улаханнара, атахтарынан саамай түргэннэрэ Буурҕаһыт [ат аата] баар
    Эрилик Эристиин

6 аат тыл #

Ханнык эмэ тутуу баҕаналара, өһүөтэ

Нууччалыы Остов, каркас какого-л. строения

  • Бу балаҕан уҥуоҕа ис ырааһа биэстии саһаан.
    Саха фольк
  • Дьон көрбөтүгэр үрүсээгин илдьэн эргэ хотон уҥуоҕар кистээн кэбиспитэ.
    В. Яковлев
  • Хотон уҥуоҕун сорох дьон саас көтөҕөллөрө
    А-ИМН ОЫЭБЫ

7 аат тыл #

Ханнык эмэ фрукта кытаанах хахтаах сиэмэтэ

Нууччалыы Косточка

  • Вишня уҥуоҕа. Слива уҥуоҕа

8 даҕааһын #

суолт. Уҥуохтара көстө сылдьар, ырыган

Нууччалыы Костлявый, худой

9 этии #

Нууччалыы Не очень жирный (о степени тучности и истощённости рогатого и конного скота – букв. кости заметны)

Этиилэр

Алтан уҥуоҕун араҥастаа, көмүс уҥуоҕун көтөх көр алтан

  • Көмүс уҥуоҕун көтөҕөн, алтан уҥуоҕун араҥастаан, кириэһин килбэтиэхпит, чардаатын сандаардыахпыт этэ.
    П. Ойуунускай

Кус уҥуоҕун уҥуохтанар көр кус I

  • Кус уҥуоҕа уҥуохтаммыта, хохту хараҕа харахтаммыта.
    Н. Якутскай

Ойоҕоһун уҥуоҕа ааҕыллар буолбут көр ойоҕос

Саар тэгил көр саар IV

  • Кини санаатын сэрэйбит курдук, аттыгар турар кэтит сарыннаах, саар тэгил уҥуохтаах киһи көхсүн этиппитэ.
    И. Гоголев
  • Саша саар тэгил уҥуохтаах, киппэ быһыылаах -- эйэҕэс киһи.
    Н. Заболоцкай

Уҥуоҕа биллэр

орто эмиһи аннынан, ырыганы үрдүнэн, миинэ барар эттээх (ынах, сылгы сүөһү көтөҕүн-эмиһин быһаарар сүрүн бэлиэ) Быйылгы идэһэбит уҥуоҕа биллэр тыһаҕас.

Уҥуоҕа босхо (халыр босхо) барар

уҥуоҕа, илиитэ-атаҕа салыбырыыр, хамсыыр (хол., наһаа куттанан, долгуйан, кыыһыран, үөрэн).

Поджилки трясутся у кого-л. (из-за страха, волнения, злобы, радости).

  • Маайа эмээхсини көрөөт, уҥуохтара босхо барыар диэри куттанар.
    Н. Якутскай
  • [Марыына] ытыыр, хаһыытыыр, уҥуоҕа халыр босхо барар.
    Эрилик Эристиин

Уҥуоҕа куодаһына суох киһи

сайаҕаһа, аламаҕайа суох киһи.

Неотзывчивый, чёрствый человек.

  • Уҥуоҕа куодаһына суох дьон баар буолааччылар.

Уҥуоҕа кыйыттар

туохтан эмэ олус куттанар, дьаарханар.

Страшиться, бояться чего-л. (букв. у него ломит кости).

  • Бу киһи хаһан сылдьыбытын Болугур дьэ өйдүү биэрэр, эт этэ салаһар, куйахата ытырбахтыыр, уҥуоҕа кыйыттар.
    Н. Якутскай
  • Лука Иванов илиитэ былаат курдук босхо барбытын билэн Ананий уҥуоҕа кыйытынна.
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
  • Оһоллоох болотторун Уһуктуур омуннарыттан Уҥуохтарым кыйытынна.
    С. Зверев

Уҥуоҕа кытаатта

эт-хаан өттүнэн ситтэ-хотто, эр хаанын тутта.

Физически окрепнуть, возмужать.

  • [Аан Далбар – Нүһэр Дархаҥҥа:] Оҕобун уҥуоҕа кытаата илик диэн Бэйэҥ эппитиҥ буолбат дуо?
    И. Гоголев
  • “Ол соҕотохпут сыыһын, Саасабытын, хоргутуннарбакка, уҥуоҕа кытаатыар диэри этэҥҥэ сылдьан, үөрэнэрин тэрийиэ этибит”, – Лөкүөрүйэ салгыы этэ олордо.
    М. Доҕордуурап

Уҥуоҕа кычыгыланар

ис-иһиттэн туохха эмэ аһара умсугуйар, талаһар, баҕарар.

Иметь сильное желание, внутреннее влечение; жаждать чего-л.

  • Тыына кылгаата, уҥуохтара кычыгыланна, этэ умайда, -- бэлэһэ куурда.
    П. Ойуунускай

Уҥуоҕа суох саҥарар

түргэнник уонна чуолкайа суохтук саҥарар.

Говорить нечленораздельно и быстро.

  • [Дьэргэ] уҥуоҕа суох биир күрүс саҥаран ньуллугураабытынан барда.
    Болот Боотур
  • Уҥуоҕа суох соҕустук саҥардар даҕаны, лоп-бааччы кэпсиирэ-ипсиирэ, ардыгар көрүдьүөстээх соҕуһу этэттиирэ. ССХУо. Сорох оҕо бу сааһыгар уҥуоҕа суох саҥарар, ыарахан тыллары этэригэр тыла өҕүллүбэт. КИИ ОЧСҮөГ.

Уҥуоҕа уулбут

сэниэтэ суох буолбут.

Чувствовать слабость, вялость (букв. кости его растаяли).

  • Ыт иһэ тэскэйиэр диэри аһаат, уҥуоҕа ууллан күлүккэ утуйан хаалла.
    И. Гоголев
  • Киэһэ собо сиэбит киһи уҥуоҕа ууллар. Хомус Уйбаан. Дьоннор уҥуохтара ууллан, тууйуллубут-бобуллубут курдук этилэрэ.
    Л. Островер

Уҥуоҕа хамсаата

туохтан эмэ санаарҕаан олус күүскэ долгуйда; олус куттанна.

Испытывать сильное волнение от каких-л. переживаний; испытывать страх, боязнь.

  • [Булат:] Тоҕо төттөрү түстүҥ? Уҥуоҕуҥ хамсаата дуо?
    И. Гоголев
  • “Тукаларыам, баһыыбаларыҥ”, – диэн оҕонньор үөрүүтүттэн уҥуоҕа хамсаан сыыһа-халты харбыалаһан ылар.
    Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (1)
  • Долгуйарыттан, куттанарыттан уҥуоҕа хамсыыр.
    ХС

Уҥуоҕа хамсыар диэри

аһара күүскэ (үөр, куттан о. д. а.).

До крайней степени (радоваться, пугаться и т. п.).

  • Оҕо эмискэ ыт үрбүтүгэр уҥуоҕа хамсыар диэри куттанна.

Уҥуоҕун көтөх

кими эмэ ытыктаан, кэриэстээн көмп.

Хоронить кого-л. с почтением, уважением (букв. кости его поднимать).

  • Эһэҥ бокуонньук этэр буолара, бу кыра уолгуттан үчүгэй киһи тахсыа, уҥуоххун кини көтөҕүө диэн.
    А. Софронов

Уҥуоҕун үлтү оҕустарбыт

утуйар курдук туруктан, утуйуоххун баҕар.

Быть сонливым, вялым (букв. кости его раздроблены).

  • Итии чэйгэ уҥуоҕун үлтү оҕустардаҕа, дьааһыйбахтаан ылла.
    Н. Лугинов
  • Биһиги хонтуора аһара сылаас дьиэтигэр уҥуохпутун үлтү оҕустаран, олорбутунан утуйан хаалаары биир сор.
    В. Титов

Уҥуоҕун тут көр тут I

  • Өлбүтүн кэннэ онно чугас уҥуоҕун туппуттара үһү эрэ диэн буолара.
    Саха фольк
  • 1943-1944 үөрэх сылыгар ийэбэр уҥуох тутаммын үөрэммэтэҕим.
    Б. Павлов
Өссө холобурдар (3)
  • Ол бэдик бу үчүгэйкээн массыынаны хас хонукка илдьэ сылдьыай, сонно тута уҥуоҕун тутар баҕайыта ини дии санаата. “Кыым”. үлтү түһэ сыста (эрэ түспэтэ) – өттүгүн эрэ үлтү (тосту) түспэтэ диэн курдук (көр өттүк). Сүөдэркээн эрэйдээх үөрүүтүгэр уҥуоҕун үлтү эрэ түспэтэх.
    Н. Заболоцкай
  • Оҕонньор эрэйдээх үөрэн уҥуоҕун үлтү эрэ түспэтэ.
    ХС
  • Тиэхиньиктэр уонна лүөччүктэр соһуйан уҥуохтарын үлтү түһэ сыстылар.
    КИ АДББ

Уҥуоҕун эргит (эргий)

ким эмэ көмүллүбүт иинигэр аҕыраадата туруор, уҥуох оҥор, тут.

Ставить ограду на могиле.

  • Балтыбар аҕабыт уҥуоҕун эргийиэх диэн этэн көрбүппүн айыырҕаан буолумматаҕа.
    Далан
  • [Саһааннаах] лөчүөк уҥуоҕун эргийэргэ алта уон сүүһү ылбыт сурахтааҕа.
    Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (3)
  • Ийэм эрэйдээх уҥуоҕун хайаан да эргиттэриэм.
    ХС
  • Уҥуох араҕыста I харыс т. – оҕолонно, төрөөтө. Разрешиться от бремени, родить. Ойоҕуҥ этэҥҥэ уҥуох арахсыбыт үһү. ПЭК СЯЯ. Ньэлбэҥ Айыыһытым! Урааҥхай саха буоламмын, Уҥуох арахсарым, Оҕуй бараан дойдубар Оҕо төрөтөрүм кэллэ.
    П. Ойуунускай
  • Уҥуох араҕыста II эргэр. – кими эмэ кытта букатыннаахтык араҕыста. Совершенно расстаться с кем-л., навсегда попрощаться с кем-л. (букв. с костью расстаться). Өскөтүн куоракка олохсуйар буоллаххына, уҥуох арахсабыт.
    Болот Боотур

Уҥуохтаах тириитэ хаалбыт көр тирии

  • Оҕонньор ыалдьан уҥуохтаах тириитэ эрэ хаалла.
    ХС

Уорда намырый, уҥуохта көмүллээ, уоһахта салаа көр салаа I

[Күөх Көппө:] Бэйэ, аргыый, уҥуохта көмүллээ, уоһахта салаа. Суорун Омоллоон. Кэбис, кэбис, уордайбыккын аһар, уоһахта салаа, уҥуохта көмүллээ. “ХС”, Уҥуох тосторунан кэпс. – наһаа түргэнник.

Очень быстро (умчаться).

  • Сыыдам сырыыларын харах тэстэринэн, уҥуох тосторунан айаннарын сөҕөн-махтайан, номох тэҥэ дьон-сэргэ кэпсэтэр буолаллара.
    В. Васильев
  • Табаларын барбах хаптара-хаптара, түүннэри-күнүстэри уҥуох тосторунан, харах тэстэринэн түһэрбиттэрэ.
    ХС

Уҥуох тутар кэриэтэ барда көр тут I

Уҥуох үүттээх, эт саастаах киһи

дьон кыһалҕатын өйдүүр, көрдөһүүтүн улгумнук толорор киһи.

Человек, чуткий и отзывчивый на нужды и просьбы других (букв.

  • человек со скважинами в кости и со слоями в мыщцах)

10 этии #

Нууччалыы Стремечко (уха)

Этиилэр

Бас уҥуоҕа көр бас III

  • Ол тахсаат, аҕастарын баһын уҥуоҕун баһын уҥуоҕар -- ыпсаран кэбиһэллэр. Саха ост. I.

Дар уҥуох көр дар

  • Кыламаннара эрэ кыламныыр буолбут дьон Дар уҥуохтара эрэ Дагдаһан тураллар эбит.
    П. Ойуунускай
  • Дар уҥуох атахтары бэйэтин иһигэр сыһыары тутта.
    Амма Аччыгыйа

Дьон уҥуоҕа көр дьон

  • Соһумардык халдьаайы чабырҕайынааҕы дьон уҥуохтарын диэки саа тыаһа баһыгырыы түстэ.
    Эрилик Эристиин
  • [Хоруоппуттан уһулу ойон] Тахсабын да өрө куһуурабын Дьон уҥуохтарын үрдүлэринэн.
    И. Эртюков
Өссө холобурдар (1)
  • Дьон уҥуоҕун диэки хайыһыннаран биһигини кэккэлии туруордулар. “Чолбон”.

Иҥэһэ уҥуох

кулгаах орто көҥдөйүнээҕи истэр уҥуохтартан биирдэстэрэ Киһи уҥуоҕа көр киһи I.

  • Булгунньах соҕуруу халдьаайытыгар киһи уҥуохтарын күн уотугар хараара хаппыт мастарын тобохторо ыһылла сыталлар.
    Н. Лугинов
  • Хайа халдьаайыга суоҕуй Моойторук муннуктаах ампаардаах Былыргы киһи уҥуоҕа.
    Баал Хабырыыс
Өссө холобурдар (1)
  • [Үүттүүрэп:] Эн куттаҕас баҕайы эбиккин ээ. Бэҕэһээ Мэҥэлээх тумуһунааҕы киһи уҥуоҕар саһа сытан, кыһыллар кэлбиттэригэр сонно сытан хааллыҥ ээ.
    Эрилик Эристиин

Саар-тэгил көр тэгил

  • Күтүөтүм саар-тэгил уҥуохтаах киһи этэ.

Сото уҥуоҕа көр сото

  • Сордооххо сото уҥуоҕа баҕалааҕар дылы (өс хоһ.).

Табах уҥуоҕа

сэбирдэх табах кытаанах уга.

Ствол табака.

  • [Хобороос] (оһох чанчыгар табах уҥуоҕун кырбаан оборчоҕо ууран тардар).
    А. Софронов
  • Балбаара ньилбэгэр хаптаһыҥҥа табах уҥуоҕа кырбана-кырбана сөтөллөн кэбиһэ олороро.
    Эрилик Эристиин

Уллук уҥуоҕа көр уллук

  • [Дьиэтин] Улуу кыыл Уллугун уҥуоҕунан кулугулаан, -- Ааннаабыт эбит.
    С. Васильев

Уҥуох мээккэтэ (күлэ)

уҥуоҕу сыатын уонна силимин суох гынан баран, мэлийиллибит бурдуктуҥу бороһуок (уоҕурдуу эбэтэр битэмиин быһыытынан тут-лар).

Костяная мука (употр. в виде удобрения или добавки).

  • Саҥа төрөөбүт кулуннарга уҥуох күлүн сиэтэбит.
    Л. Габышев
  • Уҥуох мээккэтэ төрдүлэригэр астаах культураларга үчүгэй уоҕурдуу буолар. ҮүТФК. Өрөспүүбүлүкэ үгүс оройуоннарыгар уҥуох мээккэтин бэлэмнээн тутталлар.
    МС ХСИ

Уҥуох сэллигэ (сөтөлө)

Кох палочкатын микроба көбүтэр, сүһүөҕү, уҥуоҕу сүһүрдэр сыстыганнаах ыарыы.

Костный туберкулёз.

  • “Тииһигэ арыый ама буоларга дылы гынна…” – диэхтиир уҥуох сөтөлө буолбут эрэйдээх.
    И. Гоголев
  • Маргарита Фофанова кыыһа уҥуох сэллигинэн ыалдьар. ЛТК.

Уҥуох сыата көр сыа

Уҥуохтаах астар бот. – тас өттүлэригэр чараас суба бүрүөлээх, истэригэр сүмэлээх, кытаанах уҥуох иһигэр биир сиэмэлээх астар.

Косточковые культуры.

  • Саха сиригэр уҥуохтаах астары үүннэрии тэнийэ илик.

Уҥуохтаах отон көр отон

  • Хайа үрдүгэр уҥуохтаах отон угар бөрө сытар.
    Р. Кулаковскай
  • Уҥуохтаах отон оннугар уулаах отон сэбирдэҕэ туттуллуон сөп. ТКП ТДЭҮү.

Уҥуох тут көр тут I

  • “Уҥуох тутар киһиэхэ илдьит ыыппытым, тулуйа түс!” – диэбитэ эһэм. М. Горькай (тылб.)

«У» буукуба