ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ойоҕос

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы ребро

English rib

Ис хоһооно · 7

1 аат тыл #

анат. Киһи-сүөһү, харамай сиһин түөс уҥуоҕун кытта холбуур хаптаҕай иэҕиллэҕэс уҥуох (киһи уон икки паара ойоҕостоох)

Нууччалыы Ребро (у человека двенадцать пар ребер)

  • Ойоҕоһун аннынан сып-сытыытык ыарыылааҕынан хаарыйталаата. Софр. Данилов. Ойоҕостор тоноҕостору уонна түөс уҥуоҕун кытта холбуу агданы үөскэтэллэр. МЛФ АҮӨ. Көҥдөй көхсүн сүргүөхтэригэр ойоҕосторо тутуллаллар.
    ББЕ З
  • Итинник уҥуох эти кытта (сүөһү, харамай эттэммитин эбэтэр этэ буһарыллыбытын кэннэ этэргэ). Θ Реберная часть туши животного. Булуустан сыһык ас - ынах намылдьыара, тутум астаах сылгы ойоҕоһо, субай таһаардылар. Софр. Данилов. Өлөөнө сааскы күстэх ойоҕоһун сыатынан оҕунуохтаабыта, аҕырбыт сытынан күҥкүйэр.
    Н. Якутскай
  • Эмис сылгы ойоҕоһун сүүрүҥүй соҕустук буһараллар уонна мас кытыйаҕа сойуталлар
    СНЕ ӨОДь

2 аат тыл #

Киһи-сүөһү, харамай этин-сиинин икки (уҥа биитэр хаҥас) эҥэрэ

Нууччалыы Бок (правый или левый) человека, животных

  • Тайах ойоҕоско таптарбыт этэ.
  • Аттара суолга хоолдьугун ыһыктан, ойоҕоһунан охтон иҥиир ситиитин тартара сытара.
    С. Никифоров
  • Ойоҕоһунан сытыаҕын кыараҕаһа бэрт
    ХС
Өссө холобурдар (2)
  • Тарааһап киирбит ойоҕос хоһун диэки ыйда.
    Амма Аччыгыйа
  • Улахан сир ойоҕос өттүгэр сытар дьоҕус сири бүөр диэн ааттыыллар. Багдарыын Сүлбэ. Сарбыйыы кэнниттэн ойоҕос күүстээх лабаалар үөскээһиннэрэ саҕаланар
    ЧМА МУХСҮү

3 аат тыл #

Туох эмэ уҥа эбэтэр хаҥас диэки өттө

Нууччалыы Левая или правая сторона чего-л

  • Олбуор ойоҕоһунан кылдьыылыы үүммүт бытаама күөх окко бөлүүн түспүт сиик, көмүс аалыытын курдук, кылабачыйа сытар.
    А. Софронов
  • Хайа икки ойоҕоһо иһирик ойуур эбит.
    Амма Аччыгыйа
  • Наһаар айан суолун ойоҕоһугар өр тулуйан олорботоҕо
    Суорун Омоллоон

4 аат тыл #

Туора, кырыы өттө; кытыыга баар туох эмэ

Нууччалыы Боковая сторона, край чего-л.; что-л., находящееся сбоку, с краю

  • Улахан ааныгар чааркаан тардыллан турар буоллаҕына, кини тумнан ойоҕоһунан киирэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Оччоҕо тоҕо ойоҕостон аллааҕымсыйдыҥ?
    Н. Лугинов
  • Ойоҕоһуттан одуулуур киһи кыраҕы буолааччы
    В. Яковлев

5 даҕааһын #

суолт. Туора баар, кырыы өттүнээҕи

Нууччалыы Боковой, находящийся сбоку

6 этии #

Нууччалыы Неподвижно, окаменев, оцепенев (букв. словно в бок кого-л. ткнули)

  • Ойоҕоско астарбыт курдук - соһуйан, өмүттүбүт курдук, хамсаабакка Даайа, ойоҕоско астарбыт киһи курдук, ах баран саҥата суох олорбохтоото.
    А. Софронов
  • Ойоҕоскор хатырыкта угун - мөҕүллэргэ эрдэттэн бэлэмнэн. Θ Заранее быть готовым к наказанию за содеянное; застраховаться от наказания. "Бука, сарсын ойоҕоскор хатырык угуннаххына сатанара буолуо", - диэн Өлөксөөндүрэ эмээхсин күлүү-хаадьы аҥаардаах сэрэппитэ.
    Н. Босиков
  • Икки ойоҕоскор хатырык уктан бардаххына табыллар киһи буолуоҥ.
    Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (3)
  • Ойоҕос тостор уочарата кэпс. - олус уһун (иннэ-кэннэ биллибэт), анньыһыылаах уочарат. Θ Большая очередь, давка (так, что ребра трещат). Ойоҕос тостор уочарата бу туохха буолла диэн дьиктиргии көрдө. "Кыым". Ойоҕоһун аах - саайталаан биэр, кэһэтэ түһэн биэр. Θ Бить, колотить кого-л.; пересчитать ребра кому-л. Кинилэр суохтара буоллар, ойоҕоскун ааҕыам, оройгун тобулуом хаалла.
    И. Никифоров
  • Ойоҕоһун кумалаан (симэн) биэр - күүскэ ойоҕоско саайталаа, кырбаа. Θ соотв. намять бока. Ойоҕоһун кумалаан биэрбит киһи хайыа эбитэ буолла. Ойоҕоһун уҥуоҕа ааҕыллар буолбут - олус ырбыт, дьүдьэйбит. Θ Похудел так, что ребра можно сосчитать. Эр киһи арай, сыл иһинэн сүрдээҕин дьүдьэйэн, ойоҕоһун уҥуоҕа ааҕыллар буолан барбыт.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Ойоҕоһуттан ойох көрдөөмө сөбүлээб. - туораттан кыттыһыма, орооһума. Θ соотв. не суй нос не в свое дело или сбоку припека. Эн мээнэ туораттан саҥара олорума, ойоҕоһуттан ойох көрдөөмө

7 этии #

Нууччалыы Отставать на полребра (на скачках)

Этиилэр

Ойоҕос уҥуоҕа көр ойоҕос 1

1. Ойоҕос уҥуоҕа тостумтуо. Ойоҕос чилиэн тыл үөр. - тутаах чилиэннэри быһаарар, толорор, сиһилиир чилиэн.

Второстепенный член предложения.

  • Оҕолор этии тутаах чилиэннэрин үчүгэйдик билэр буоллахтарына, ойоҕос чилиэннэри үөрэтии чэпчиир. ПНЕ СТ. Аат тыл ойоҕос чилиэн буоллаҕына оҕолорго тута өйдөммөт. КИИ СТ-2. Ойоҕоһо анньар кэпс. - ойоҕоһун диэкинэн кэйэн ыалдьар. Колики в боку. Ойоҕоһо анньара арыый буолла. Таас ойоҕос - сүөһү түөрт кэлин (сымыйа) ойоҕоһуттан үһэ (бүтэһик төрдүһэ "ылгын таас ойоҕос" дэнэр). Три задних ребра у скотины (за исключением последнего четвёртого, к-рое называется "ылгын таас ойоҕос"). Сылгыны чиэппэрдииргэ икки таас ойоҕосторо буутугар барсаллар. АНП ССХТ. Тойон ойоҕос - сүөһү ортоку түөрт ойоҕоһо. Четыре средних ребра у скотины. Тойон ойоҕоһуттан биирдэрэ тостуулаах эбит. Хоҥнуо ойоҕос - сүөһү, кыыл холун ыксатынааҕы икки ойоҕос (үс бастакы көтүрүөс ойоҕос кэнниттэн кэлэр). Два ребра (у скота, животных), следующих за тремя передними ребрами-көтүрүөс. Сылгы холун ыксатынааҕы икки ойоҕоһу хоҥнуо ойоҕос дэнэр. Сылгыһыт с. Бэһис куһуогунан хоҥнуо ойоҕос - саамай маанылыыр ыалдьыкка, хонор хоноһоҕо буһаран сиэтэр эбэтэр кэһиигэ биэрэн ыытар ас буолар. АНП ССХТ. Ылгын таас ойоҕос - киһиэхэ: алларааҥҥы, бүтэһик кылгас ойоҕос; сүөһүгэ: үс таас ойоҕос кэнниттэн кэлэр бүтэһик ойоҕос. У человека: нижнее, самое короткое ребро; у скота: заднее крайнее ребро, следующее за тремя задними ребрами-таас. Оччоҕо тириим тэнийэн, уҥа ылгын таас ойоҕоһум үүнүөхтээх.
    Күннүк Уурастыырап
  • Кэлин өттүнээҕи намылдьыар ойоҕосторун ылгын таас ойоҕоһо дииллэр. Сылгыһыт с. Ср. др. -тюрк. ейэгү ‘бок; склон горы’

«О» буукуба