ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сото

аат тыл

Нууччалыы голень

English shin, shank, tibia

Ис хоһооно · 5

1 аат тыл #

Киһи атаҕын бэрбээкэйиттэн тобугар, оттон сүөһүгэ, кыылга кэлин атаҕын такымыттан уллугар диэритэ

Нууччалыы Голень (человека, животных)

  • Маайа сототун от хадьымала хайыта кэйэн, атаҕа хаанынан устара.
    Н. Якутскай
  • Тыыннара күдээриҥнээн, сотолоро хараарыҥнаан, табалар субу өрө мэҥийэн кэлээт, -- тохтуу биэрдилэр.
    Амма Аччыгыйа
  • [Турахин] үрдүк остоох саппыкытын иһигэр илиитин уган сототун тарбанна
    Эрилик Эристиин

2 аат тыл #

Атах таҥаһын оһо, киһи сототун сабар өттө

Нууччалыы Часть сапога, охватывающая голень, голенище

  • Кууһума сототуттан быһаҕын сулбу таһыйан ылла.
    Н. Павлов
  • Коля -- синньигэс сотолоох этэрбэһигэр сыстыбыт бадарааны бэркэ кичэйэн ыраастыыра
    ББ
  • Ыстаан, бүрүүкэ киһи атаҕын сабар өттө. Θ Часть штанов, брюк, покрывающая одну ногу, штанина. Кини -- даба баккытын сотолорун түһэринэ-түһэринэ: "Дьэ, доҕоор, бу хайаларын оҕото кэлэн олороҕунуй?" - диэн ыйытар.
    Н. Якутскай
Өссө холобурдар (2)
  • Оҕонньор ыстаанын сототун тиэрэн баран, адаархай тымырдаах хатыҥыр баҕайы сототун күн уотугар ититэ олороро.
    К. Симонов
  • Ыстааннарын сототун өрө ньыппарынан баран, балайда хаар устун сырсыакаласпыттара. К. Турсункулов (тылб.)

3 аат тыл #

Уһун көнө быһыылаах предмет умнаһа, сүрүн өттө

Нууччалыы Основная часть какого-л. предмета, имеющего форму прямой трубы, стержня

  • Бөппүрүөскэ сотото. Испиискэ маһын сотото. Биир испиискэ сототуттан Умайар сүүс балаҕан.
    И. Гоголев
  • Дурда иһэ-таһа бөппүрүөскэ тобоҕунан -- ыскайдаммыт. Умайбатах да сотолор бааллар
    Р. Кулаковскай
  • Үүнэн турар көнө мас, от үүнээйи аллараа лабаата суох, ыраас умнаһа. Θ Нижняя, лишенная ветвей часть ствола дерева, стебля цветка. [Алаарап] тэтиҥ маҥан, чоруун сототугар сүүһүн сыһыарда.
    Л. Попов
Өссө холобурдар (3)
  • Уус Мандар кыдаматын өрө тутан, уҥуохтаах от сототун туора ытыран күүтэн турар буолар.
    И. Гоголев
  • Сааскы ньургуһуннар күөх түүлээх сотолоро дуоҕаһан, араҕас, үрүҥ сибэккилэрин күн диэки нуоҕаччы ууммутунан, тыалга хамсыы турдулар.
    П. Филиппов
  • Хатыҥ мастар үрүҥ сотолоро үчүгэйдик көстөллөр
    Г. Угаров

4 этии #

Нууччалыы Сетование на то, что преследуют одни неудачи, страдания, жизненные невзгоды

Этиилэр

Бурҕалдьы сото көр бурҕалдьы

  • Буор сирэй! Бурҕалдьы сото, Тоҕо Буордаах сирэйгин кистээтиҥ?!
    Суорун Омоллоон
  • Бу буор маҥалай, Бурҕалдьы сото, Босхоҥноон сытан, Босхону аһаан, Буоратта буолбаат? Эллэй. Сото таһа кэпс. – тугум да табыллыбат, эрэйдээх-кыһалҕалаах өттө буолан иһэр диэн муҥатыйыы "Туох иһин бу күн сиригэр сүөдэҥнээн… Барыта сото таһа" – диэн ааспат-арахпат муҥнаах санаа эрийэр.
    Н. Лугинов
Өссө холобурдар (2)
  • Урут син орто сааһыкка киирсэрэ да, быйыл киниэхэ тоҕо эрэ барыта сото таһа буолан биэрдэ.
    В. Яковлев
  • Миэнэ миэнин курдук, сото таһа буолан истэҕэ. Эмиэ тоҕо даҕаны урукку өттүгэр хаста да сууттаммыт хаайыылаахха кэргэн тахсыбытым буолла…
    ХС

Сототунан оонньуур көр оонньоо

  • Ойуурдаах куобах кэтэҕинэн оонньуур, дьонноох киһи сототунан оонньуур (өс хоһ.). Кууһума оҕонньор кылаатын сиэн баран сототунан оонньуу сылдьар дииллэрэ биэс тарбах курдук биллэр. А. Софронов

5 этии #

Нууччалыы Положить ногу на ногу (поза непринуждённой независимости)

Этиилэр

Сото бөтөҕөтө көр бөтөҕө I

Уллуҥахтара суол чигдитигэр лаппа тирэнэр буоллулар, сототун бөтөҕөлөрө күүрдүлэр. Амма Аччыгыйа. [Тыаҕа] сылайаҕын, ньилбэктэриҥ быһытталлар, сотоҥ бөтөҕөтө ыалдьар, атахтарыҥ ыарыыллар. Я. Семёнов. Сото кэбис - 1) олорон эрэн биир атаххын биир атаҕыҥ үөһэ уурун Дыргыччы өтүүктээх бүрүүкэлээх атаҕын үрдүктүк сото кэбиһэн, оргууй биэтэҥнэтэ олордо. Н. Лугинов. [Кэтит Кэтириинэ:] Ити бурдугу тарпакка тоҕо сото кэбиһэн дьоһумсуйан олороҕун? Н. Түгүнүүрэп. [Артур] хара лаахтаах бачыыҥкалаах атаҕын сото кэбиһэн, киэмсийэрдии туттан олорор. В. Протодьяконов; 2) туран эрэн биир атаххын инниҥ диэки босхо үктэн.

Стоя, выставить одну ногу вперёд.

  • Вася ойон туран, аҥаар атаҕын сото кэбиһэн, өлүөр илиитинэн сүрэҕин баттанан, дириҥник сүгүрүйэн нусхайда.
    Амма Аччыгыйа
  • Юрий Семёнович сис туттан, сото кэбиһэн туран -- бырайыак макыатын, эскиистэри сирийэн көрдө.
    Н. Лугинов
Өссө холобурдар (2)
  • [Кулун Куллустуур] Тойоттор иннилэригэр Сото кэбиһэн Дуоҕаллан турунан кэбистэ. ТТИГ КХКК. Сото уҥуоҕа - киһи атаҕын бэрбээкэйиттэн тобугар, оттон сүөһүгэ, кыылга кэлин атаҕын такымыттан уллугар диэри уһун уҥуоҕа. Большая берцовая кость у человека, животных. Сордооххо сото уҥуоҕа баҕалааҕар дылы (өс хоһ.). Бадаҥ Турахин, туруйа сототун уҥуоҕа умнастаах муос хамсатыгар сэбирдэх табаҕы толору уурунан баран, -- кэпсээн барда.
    Эрилик Эристиин
  • Сото хоҥоруута - киһи сототун уҥуоҕун илин кырыыта. Передняя часть большой берцовой кости человека. Ср. др. -тюрк. йода, тюрк. йода, чода, дьодо ‘голень’

«С» буукуба