ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

көмүллээ

туохтуур

Нууччалыы раскусывать зубами, грызть кость или что-л. твердое

1 туохтуур #

Уҥуоҕу эбэтэр туох эмэ кытаанаҕы үлтүрүтэ ыстаа, кир

Нууччалыы Раскусывать зубами, грызть кость или что-л. твердое

  • Микиитэ тоҥ килиэби көмүллүүр.
    Амма Аччыгыйа
  • Суон уҥуоҕун баһын хаар курдук хардырҕаччы көмүллээн баран, туман курдук тоҕута тибииртэлээн кэбиһэ олордо. ВВН ОНЛЯ. Ити уҥуохтаргын, кинээс, бэйэҥ көмүллээ. Биһиги ыттар буолбатахпыт
    М. Доҕордуурап

2 туохтуур #

Ыарыылаахтык кэй, сытыытык кэйэн ыарыт (ыарыы туһунан)

Нууччалыы Причинять острую боль, напоминающую укол, колоть где-л. (о боли)

  • Амырыын ыарыы кини сүрэҕин аччык бөрөлүү сытыы тииһинэн көмүллүүр да, оҕонньор баччааҥҥа диэри ынчыктаан көрө илик.
    И. Гоголев
  • Көхсө дьарҕаран ыалдьар, тобугун арамачыыс диэн ыарыы көмүллүүр, өр хаамтарбат
    Н. Габышев

3 туохтуур #

Кими эмэ мөҕө-этэ, үөҕэ-ыыстыы сырыт

Нууччалыы Постоянно отчитывать кого-л.; бранить, ругать

  • Эн да миигин көмүллээн биэрэҕин.
  • Үөрэххин хотумсук атаххынан саба тэбистиҥ, хата күн тура-тура дьиэ көрөөччүлэргин көмүллүүгүн.
    М. Доҕордуурап
  • Ср. монг. кемели, кемеле ‘глодать’; тюрк. гемир, кемир ‘грызть, глодать, кусать’

«К» буукуба