ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

талкылаа

туохтуур

Нууччалыы мять кожу мялкой

Ис хоһооно · 4

1 туохтуур #

Талкынан тириитэ имит

Нууччалыы Мять кожу мялкой

  • "Ии, оокком, биллэ ээ… Чэ, кэл, талкыта талкылаа!" – диэн аҕата үөрэн соруйбутунан барда.
    П. Ойуунускай
  • Анегин ыллыы-ыллыы, имэҥирэн туран талкылыыра.
    И. Федосеев
  • Тириини илитэн, имитэн – Талкылаан имигэс гыналлар, Аһыыга-абаҕа эриллэн Амарах, аһыныык буолуллар
    ХС

2 туохтуур #

Ким эмэ олоҕор араас охсуулары оҥор, имит-хомут, мускуй-эрий

Нууччалыы Причинить кому-л. муки, страдания, помять (о жизни)

  • Дьыллар-күннэр тиистэрэ Дьон сүрэҕин талкылыыллар, Имиллэллэр үгүстэрэ, Чарааһыран хаалаллар.
    П. Тобуруокап
  • Олох барахсан барыбытын даҕаны талкылаан-талкылаан түнэ буолан сырыттахпыт. Ойуку. Чаара иннин биэрбэтэҕэ. Ону көрөн, "миигин утумнаабыт" – диэн Дархан иһигэр биһирии санаабыта (кини эдэр эрдэҕинэ өсөһүнэн аатырара, билигин ити олох обургу талкылаан-талкылаан түнэ сымнаҕас оҥордоҕо)
    ХС

3 туохтуур #

Араастаан саҥар-иҥэр; сэмэлээ, мөх-эт

Нууччалыы Выговаривать кому-л.; бранить, ругать кого-л. [Маайа:] Хара сарсыардаттан киэһээҥҥэ дылы икки киһи хардарыта талкылыылларыттан тулуйумаары да гынным

4 этии #

Нууччалыы Распекать, отчитывать (букв. мять языком)

Этиилэр

Тылынан талкылыыр

сэнээн үөҕэр, мөҕөр-этэр Арай сыыһаны буллаҕына, бэйэтиттэн намыһах чыыннаах үлэһиттэри тылынан талкылыы түһэрин таптыыр.

  • М. Доҕордуурап

«Т» буукуба