Перевод с якутского
тиниктээ
туохтуур
Нууччалыы обглодать мясо с костей, глодать кости
Ис хоһооно · 4
1 туохтуур #
Уҥуоҕу, уҥуох этин кир
Нууччалыы Обглодать мясо с костей, глодать кости
Унукаас оҕонньор биир туйаҕы көрдөөн ылан тиниктээтэ. А. Софронов Көссүө Көөдөкүс -- оһох таһыгар тайах мүһэтин тиниктии олорор.
Суорун ОмоллоонБүөккэ сирэйэ-хараҕа сырдаан мүһэтин тиниктии олордо. ТМ ДК
2 туохтуур #
Киһи салҕар, эрэйинэн оҥоһуллар үлэтин толор (үксүн куһаҕан үүнүүлээх оту охсуу туһунан этиллэр)
Нууччалыы Выполнять работу, требующую длительных, изнуряющих усилий
Сайын дулҕа сиэлин тиниктээн, Алдан кытылыгар оттообуппут. А. Сыромятникова Куйааска тиритэн Сүөдэҥниир буолара, Дулҕаны тиниктээн От охсо турара С. Васильев
3 туохтуур #
Кими эмэ дэлби саҥар, мөх, үөх
Нууччалыы Выговаривать кому-л., ругать, бранить долго, нудно кого-л., грызть
Аҕата тылынан тиниктээн ытатан ыыппыт М. Доҕордуурап
4 туохтуур #
Улаханнык эрэйдээ, мөлтөт (хол., ыарыы туһунан)
Нууччалыы Доводить до крайней степени ослабления, изнеможения (о длительной или серьёзной болезни)
Тумуу-дьаҥ тиниктээн дуусам эрэ сылдьабын П. Тобуруокап