Тиҥ курдук - 1) кытаанахтык, ыга (хол., ааны сап, хатаа) Ааннары тиҥ курдук, үчүгэй аҕайдык сабыталаан кэбиһиэххэ. Куобахчыттар сыакаардар аһан балыыҥкалыахтара. В. Титов; 2) бөҕөтүк, туохха да бэриммэккэ (хол., тур). Θ Крепко, не подвергаясь никаким воздействиям (напр., стоять, сохраняться). Быданнааҕыта тутуллубут тутуулар тиҥ курдук тураллар, [тиит] бэрэбинэлэрэ муос курдук кытаатаннар биилээххэ бэриммэт буолааччылар. ГКН КК; 3) этэҥҥэ, кыһалҕата суох. Θ Спокойно, без проблем. [Тыа сиригэр] дэлэччи соҕус от оттоотуҥ да, ол аата дьылы тиҥ курдук тахсаҕын.ХС
Хотоҥҥо турар уонна сыһыыга сылдьар баай барыта сопхуос бас билиитигэр тиҥ курдук хамсаабакка турар. "Кыым". Ср. др. -тюрк. тики ʻзвук, шум, журчаньеʼ, тиҥ тур ʻстоять прямоʼ, хак. тин-тин ʻзвукоподражание дзинь-дзиньʼ, узб. тинг ер ʻплотная, утрамбовавшаяся земля (на которой ничего не засевают)ʼ