Перевод с якутского
тумнары
сыһыат
Нууччалыы наглухо
Ис хоһооно · 5
1 #
сыһ
Эмээхсин куталыы күөгэҥнэс түөһүгэр уолу тумнары харбаан ылла да, икки чанчыгын үргээбитинэн барда. Амма Аччыгыйа Онно туох бары таас буола Тумнары тоҥор, ньимийэр.
Суорун ОмоллоонХараҕым уутун ким да көрбөтүн диэн, аҕам сонугар тумнары сууланан сытынан кэбиспитим. Ч. Айтматов (тылб.)
2 #
Салгын киирбэт гына, бүтүннүү сабан, саптан
Нууччалыы Так, чтобы не было доступа воздуха, плотно
3 #
Туох да көстүбэт гына саба (бүрүй)
Нууччалыы Толстым слоем, так, чтобы не оставалось отверстий, полностью, наглухо (завалить, накрыть сверху). [Эһэ] тииттэри үлтү кулаан, хаар бөҕөнү тумнары түһэрэн -- киһи диэки ыстаммыт
[Табалар] хаар тумнары түспүт суолун омоонун сытырҕалыы-сытырҕалыы, хаамар-сиимэр икки ардынан тамаһыйдылар. Үлэ үө. Халлааны былыт тумнары бүрүйбүт. П. Ламутскай (тылб.)
4 #
Киһини баттыыр, сабырыйар, самнарар гына
Нууччалыы Оказывая сильное психологическое давление на кого-л
Тима тумнары кыыһырда быһыылаах. А. Софронов Вася итэҕэтиилээхтик, эрэллээхтик көрөн олороруттан тумнары бэрдэрэн, "тугу этэн эрдиҥ буолла" диир санаа туора ыстанна, сүтэ симэлийдэ. ИИА КК
5 этии #
Нууччалыы Осыпать кого-л. бранью
Этиилэр
Тумнары үөх (мөх)
кими эмэ олус күүскэ, иннин-кэннин билбэт буолуор диэри саҥар-иҥэр