Перевод с якутского
тиҥ гын
туохтуур · этии
Нууччалыы производить глухой, но сильный звук, стук
1 туохтуур #
тыаһы үт. туохт. Бүтэҥи буолан баран улахан тыаһы таһаар (хол., туох эмэ ыарахан үөһэттэн түһэриттэн эбэтэр туохха эмэ охсулларыттан, о. д. а. үөскүүр тыас)
Нууччалыы Производить глухой, но сильный звук, стук (напр., при падении сверху или ударе обо что-л. твёрдого какого-л. тяжёлого предмета)
Холбороҥ маҥан хочо ортоку туой киинигэр алтан ньээкэтигэр кэлэн тиҥ гына түстэ. Ньургун Боотур. [Ат] тимир алааһыгар тиҥ гына түстэ, үс былас -- көмүс көнтөһүн соспутунан. ПЭК ОНЛЯ I. Аҕалара чуо Үрэкиин оҕонньор чигдитигэр тиҥ гына астарда Болот Боотур
2 этии #
Нууччалыы Прибавить, полностью восстановить силы, энергию после вкусной плотной еды (обычно о молодых людях)
Тиҥ гына түс кэпс. - минньигэстик, элбэх аһы аһаан сэниэлэн, күүскэр күүс эбиллэ түс (үксүгэр эдэр дьон туһунан) Походнай куукунабыт кэнсиэрбэлээх, ириистээх хойуу миининэн аһатарын кытары биһиги тиҥ гына түстүбүт: күүспүт-уохпут эбилиннэ, санаабыт өссө эбии көтөҕүлүннэ. С. Никифоров - Хайа, Алёша, төһө сылайдыҥ? Сылайбытыҥ иһин, эдэр киһи, эн, аһаатыҥ да, тиҥ гына түһүөҥ буоллаҕа. "ХС"