ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тиҥэһэ

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы молодняк крупного рогатого и конского скота на третьем году жизни

1 аат тыл #

Үһүгэр сылдьар, үс саастаах дьиэ сүөһүтэ

Нууччалыы Молодняк крупного рогатого и конского скота на третьем году жизни

  • Икки улахан далынан барыта хаан аҥаардаах тыһаҕастар, тиҥэһэлэр аһыы тураллар.
    В. Ойуурускай
  • Тиҥэһэ үһүн туолан түөрдүгэр киирдэҕинэ кытыылыыр дэнэр, атыыра - кытыылыыр соноҕос, тыһыта - кытыылыыр биэ
    ДьСиИ

2 даҕааһын #

суолт. Үһүгэр барбыт, үһүс хаарыгар үктэммит (үксүн ынах, сылгы туһунан)

Нууччалыы Трёхтравый (о скотине)

  • Ол биһи тиҥэһэ кунаммыт диэн, сутурук саҕа баҕайы.
    Амма Аччыгыйа
  • Тиҥэһэ бургунаһын булан, титиик диэки сайдаата.
    С. Васильев
  • Ср. др. -тюрк. тишэк ʻдвухгодовалая овцаʼ

«Т» буукуба