Перевод с якутского
гын
туохтуур
Нууччалыы делать что-л., заниматься чем-л., поступать, действовать каким-л. образом, предпринимать что-л.
English to do, to make
1 туохтуур #
Тугу эмэни оҥор, ханнык эмэ дьарыктаах буол (туһалааҕыттан-туһата суоҕуттан, үлэ буоларыттан-буолбатыттан, тутулуга суох, муҥутуур киэҥ уонна уопсай суолталаах)
Нууччалыы Делать что-л., заниматься чем-л., поступать, действовать каким-л. образом, предпринимать что-л. (глагол с предельно широким и общим значением)
Манна тугу гынаҕын? Уоппускаҕар тугу гынаҕын? Дьиэбэр ону-маны гыныам. Кини тугу гыныан булбат. [Көстөкүүн:] Билигин тула өттүбүтүгэр бандьыыт хаайан ыган киирэн истэҕинэ, тугу да гыммакка, субу курдук олорон хаалар сатаныа суоҕа.
Күндэ– Бу сүөһүлэри хайдах гыныахха сөбүй? – Хайдах гыныахпытый, турдуннар ээ, – диир Уйбаан Тылбыыкап. Н. Якутскай
Өссө холобурдар (1)
Хайдах эмэ гынан бэһис камера дьонун манна көһөрөн аҕалларгыт. Сибээстэһэргэ олус дөбөҥ буолуо этэ Амма Аччыгыйа
2 туохтуур #
тыллартан, даҕааһыннартан, сорох солбуйар ааттартан, ахсаан ааттартан, аат туохтуурдартан, сорох сыһыаттартан дьүһүннүүр, тыаһы үтүктэр тыллартан уонна нуучча тылыттан киирбит туохтуур олохторуттан араас суолталаах туохтуурдары үөскэтэр
Нууччалыы Употребляется в функции служебного глагола, образующего составные глаголы широкого спектра значений от имен, существительных, прилагательных, некоторых разрядов местоимений, числительных, причастий, звукоподражательных и образных слов и глагольных основ, заимствованных из русского языка
Киһитэ: "Бу маны ыстаан, сон гын", – диэн туох эрэ суппуун курдук халыҥ сон таҥаһын биэрэр.
КүндэТабаарыһым эрээри, Мөккүрдээнэп, сыыһа гынаҕын. М. Доҕордуурап Обсерватория олус кыахтаах, бөдөҥ гына былааннанарыттан киһи соһуйуон табыллыбат этэ. В. Яковлев
Өссө холобурдар (10)
Хабырыыс мөккүһүннэрбэт гына хотуулаахтык көрбөхтөөн кэбистэ. Амма Аччыгыйа Киһи сөбүлээбэт буоллаҕына, кыраны да тэппи гыммат эбит. ХС Бары көмөлөөтөххүтүнэ, ынахтар сыл тахсар отторун өр гыммат инигит. Далан Хотон иһигэр тыас тыаһа лүһүгүр гынар. Н. Неустроев Ким эмэ эһиэхэ ити курдук гыныҥ диэн сүбэлээбитэ дуо? Д. Таас Дулҕалаах кытаҕы киирэн мээрэйдээн, алта гына быһа аста. М. Доҕордуурап Суоҕу булан, баар гынарга, Тиийбэт өттүн дэлэтэргэ, Суола суохха – суол солуурга Дьиҥнээх киһи дьулуһуохтаах. Күннүк Уурастыырап Хараҥа буруйдаах, хааннаах фашистары хаһан да бырастыы гыныахпыт суоҕа. Т. Сметанин Арай ханна эрэ аан аһылларга дылы гыммыта. Н. Заболоцкай Тюрк. кыл