ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

талкы

аат тыл

Нууччалыы деревянный инструмент с зубьями для смягчения кожи, якутская кожемялка

Ис хоһооно · 5

1 аат тыл #

, эргэр

  • Ньырбачаан оҕонньордоох эмээхсиҥҥэ сахалар тириини имитэр тэриллэрин – талкыны аан бастаан көрбүтэ.
    Далан
  • Мас талкыттан аҕырбыт оҕунуох сыта аҥылыйар.
    Н. Якутскай
  • Эмээхсин кыыһын кытта күүлэҕэ ынаҕын тириитин талкынан имитэн тиритэ-хорута олороохтуур. Тулхадыйбат д. Ыалдьыппыт барыны бары сатыыр, үлэһит бөҕө киһи этэ. Биир күн иһигэр киил маһынан бэртээхэй талкыны оҥоро охсон биэрбитэ. А. Кривошапкин (тылб.)

2 аат тыл #

Тутаахтаах баттыга уонна алларааҥҥы олоҕо тиистэрдээх, ол икки ардыларыгар кыбыта баттаан тириини имитэр мас тэрил

Нууччалыы Деревянный инструмент с зубьями для смягчения кожи, якутская кожемялка

3 аат тыл #

түөлбэ., харыс. Эһэ

Нууччалыы Медведь. Эһэ дьиҥнээх ааттара – аабый, талкы, хохтуула. КАЕ НТ

4 этии #

Нууччалыы Тяжёлые потрясения, неудачи в жизни, удары судьбы

Этиилэр

Олох талкыта

олох охсуута, араас эриирэ-мускуура, имитиитэ-хомутуута Олох талкыта сүрэхпэр Тайанара баҕас ыарыы!..

  • Хаһан эрэ мин да эдэр Хоччорхой уолан баарым.
    С. Данилов
  • Олох улуу талкыта Талкылаатар даҕаны, Хоччорхой бэйэбитин Сымнаппата: Саары да, Сарыы да гыммата.
    Л. Попов
Өссө холобурдар (1)
  • Оо, эдэр саас! Эн өрүү итинниккин: дэбдэҥҥин, омуҥҥун, дохсуҥҥун. Оттон кэлин олох обургу талкытыгар имиллэн уоскуйаҕын, сыһыйаҕын. В. Миронов

5 этии #

Нууччалыы Кожемялка в виде мельницы: состоит из двух (верхних и нижних) дискообразных досок, которые соединяются через отверствие в середине стволом лиственницы диаметром 12-15 см

Этиилэр

Тобук талкы

туруору талкы диэн курдук. Тобук талкы төрүт онно суон тииттэн лэкээни быһан бэлэмнэнэр. АНП ССХТ. Туруору (тобук) талкы эргэр. – төрүт онно суон тииттэн лэкээни быһан баран туруору сааһынан тутан, ону суолахтаан, тиистээн оҥоһуллубут талкы.

Кожемялка, изготовленная из толстой чурки, на лицевой стороне которой вырезаны зубья (букв. вертикальная мялка).

  • Ортоку баҕанатыгар туруору талкытын, аан орон аттыгар сытыары талкытын уурталаабыт.
    М. Доҕордуурап
  • Сытыары талкы да, туруору талкы да икки чаастан турар: төрүт оннуттан уонна баттыктан.
    АНП ССХТ

«Т» буукуба