Перевод с якутского
талкый
туохтуур
Нууччалыы надавливая, отбивая, выкручивая чем-л. твёрдым что-л. жёсткое, делать его мягким, мять
Ис хоһооно · 5
1 туохтуур #
Туох эмэ хоччорхойу тугунан эмэ баттаан, охсон, эрийэн имит, сымнат
Нууччалыы Надавливая, отбивая, выкручивая чем-л. твёрдым что-л. жёсткое, делать его мягким, мять
Тириини талкыйар Тиискинэн элбэхтэ ыстаан илдьирит. Θ Разжевывать, размельчать зубами. "Оттон күтүөт буут биэрбит дуу, кинини эһэ сиэбит дуу?" – диэн харабыл начаалынньыга -- бөлтөччү уоппут этин ыстаан талкыйа-талкыйа, холкутук ыйытта. А. Сыромятникова Весовщиков улахан хортуоппуйу ылбыта, биир быһыы килиэби өлгөмнүк тууһаммыта уонна холкутук, бытааннык -- ыстаан талкыйан барбыта. М. Горькай (тылб.)
2 туохтуур #
Наар биири хатылаа
Нууччалыы Повторять одно и то же
Хата, бэйэҥ лахсыйаҕын, Хаалар суолу талкыйаҕын! "Чолбон". Хаһан сатыыр [тустуу албаһын], хаһан таптаан оҥорор буолуохтарыгар диэри талкыйар баҕалаах. ССТ. Валентина -- судьуйа эбэтэр силиэдэбэтэл ыйыттаҕына, бу курдук эппиэттээр диэн бэрт өр талкыйбыта. А. Гайдар (тылб.)
3 туохтуур #
Тугу эмэ анньыалаан-тардыалаан, баттаталаан, букунай
Нууччалыы Суетливо толкать, дёргать, двигать что-л. взад-вперёд
Оҥочо иннигэр сытар харабыыны сулбу тардан ыллым. Сомуогун туруораары хаста да талкыйан көрдүм даҕаны, хамсаабата. "Саха с. ". Кэбиинэтин аанын аһан, собуоттуур токур дэгиэ тимирин ылан, массыына иннигэр кэлэн собуоттуурга аналлаах дьөлөҕөс устун укта, талкыйан көрдө. Түһүлгэҕэ т. Мин кыра эрдэхпинэ бу хомуһу оонньуур оҥостон дэлби талкыйаммын, эргэрэн, кэлин тыаһа мөлтөөбүт этэ. ЧАИ СБМИ. Көхсүм саалла быһыытыйдаҕына, таһырдьа тахсан хаама түһэбин. Онтон киирэн, эмиэ пианинобын талкыйбытынан барабын ХС
4 туохтуур #
Бэрт өр бодьуустаһан, элбэхтэ эрчийэн үөрэт
Нууччалыы Долго, упорно заниматься с кем-л. чем-л., обучая чему-л
Кини соноҕоһун, айаас соҕус сүөһүнү талкыйан сылгы киэнэ мааныта оҥордо. Н. Заболоцкай Биллэн турар, сааһырбыт дьоннору сатаан үөрэтии методиката эҥин диэн өйдөбүл оччолорго суоҕа. Көннөрү үрүт үөһэ хос-хос этэн, талкыйан алпаабыты, биир, икки сүһүөхтээх тыллары аахтаран муҥнаналлара ХС
5 этии #
Нууччалыы Заниматься пустой болтовней
Этиилэр
Тылынан талкыйар
мээнэ, ону-маны саҥарар Туйаара сиилиирдии төбөтүн кыҥначчы тутунна: "Эн, кырдьык, тылгынан талкыйарга дьоруойгун!" "ХС"