Перевод с якутского
ньиккэй
туохтуур
Нууччалыы тереть, гладить, крепко надавливая рукой
1 туохтуур #
Илиигинэн ыга баттаан миһэрий, имэрий
Нууччалыы Тереть, гладить, крепко надавливая рукой
Эти-хааны сайыннарарга төттөрү-таары ньиккэйэн массаастааһын олус туһалаах дииллэр. [Саһыл] тииһин сааҕын кыһыйан-кыһыйан, илиитин, атаҕын кирээһин ньиккэйэн-ньиккэйэн, куурусса сымыытын саҕа биир тооромос хайаҕы кэһиилэнэр. Саха ост. I
2 туохтуур #
Ынахха элбэх үүт хаалбат курдук кыһанан ыа, хос-хос этэттээ
Нууччалыы Выдаивать тщательно, выжимать молоко так, чтобы его не осталось в вымени
Оттон атын сирдэргэ дьахталлар биирдии ынахтан түөртүү тыһыынча киилэ үүтү туппаҕынан ньиккэйэн ылаллар ээ. Н. Апросимов Өскөтүн массыынанан ыаһын кэнниттэн илиинэн ньиккэйэр буоллахха, синньигэр 300 кыраамтан ордуга суох үүт хаалар курдук кудуххайдык иэтэр ынаҕы талыллыахтаах. ЧАВ ҮүҮ С. Тэҥн ньиккэрий