ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ньиккирээ

туохтуур

Нууччалыы производить непрерывный клокочущий глухой шум (напр

Ис хоһооно · 4

1 туохтуур #

тыаһы үт. туохт

  • Өрүс, сүгэһэрдээх муустарынан халҕаһалыы анньан, туох да бэйэлээх тохтотуо суох курдук ньиккирии устар тыаһа өссө күүһүрбүккэ дылы буолла.
    П. Филиппов
  • Индигиир эбэ баараҕай, хойуу тирэхтэри, тиит мастары бүрүнэн устан ньиккирии, быыстала суох күрүлүү-харылыы сытар
    Н. Заболоцкай

2 туохтуур #

Бүтэҥитик ньирилээн тыаһаа (хол., өрүһү этэргэ)

Нууччалыы Производить непрерывный клокочущий глухой шум (напр., о реке)

3 туохтуур #

Ис-искиттэн эймэнийэн, марылаччы эбэтэр уйаҕастык, аһыннарардыы ытаа

Нууччалыы Рыдать сильно, громко, судорожно или жалобно плакать

  • "Үөрэтэн баран саллаакка ылар буоллаҕа дии... " - Сарахыс эмиэ ытаан ньиккирээбитинэн барда.
    Амма Аччыгыйа
  • [Уол] тугу да саҥарбакка ытаан ньиккирээн барбыта
    Эрилик Эристиин

4 туохтуур #

Үчүгэйдик олохсуй; байылыаттык олор; кыахтаахтык сырыт; туругур; бөҕөргөө

Нууччалыы Хорошо обосноваться; жить, проживать богато, стабильно (жить так богато, чтобы земля гудела под тобой - образно); иметь крепкое хозяйство

  • Субу аан дойду Иччитэ буолан ньиккирээбит, Аҕырыалаах ньилбэктээх, Буруускалаах түһэхтээх, Көҕүөр курдук эмиийдээх -- Аан дойду иччитэ Аан Алахчын хотун. Ньургун Боотур. [Умнаһыт:] Оҕонньордоох эмээхсин, баайы бастааҥ, тоту куотуҥ, сир ойбоно буолан ньиккирээҥ, таркаайы чалларыына, омоллоон уйгута буолан олоруҥ.
    Н. Түгүнүүрэп
  • Ийэм ыал буолан ньиккирээн олорор дьоҥҥо тахса сылдьыбатахтыы: "Оо, атахтаах буолан баран, оҕолорбор тахса сылдьыбыт киһи!" - диэхтиир.
    В. Иванов
  • Ср. бур. нэрхирэ ‘производить сильный шум’

«НЬ» буукуба